Саха эстрадатын тыйаатыра Кыайыы күнүгэр тифлор-кэнсиэр аныыр
Судаарыстыбаннай эстрада тыйаатырыгар бүгүн, ыам ыйын 4 күнүгэр, көрөөччүлэр көрдөһүүлэринэн «Сүрэхпинэн көрөбүн: Олох…» тифлор-кэнсиэр ыытыллар.
Бырагыраамаҕа күнүс 15.00 чаастан инструментальнай муусука, ону сэргэ кутаа аттыгар олорон гитаранан саамай чугас, таптыыр дьонноругар тыаһатар ырыаларын аныыллар.
«Биһиги саҥа идиэйэлэри, быһаарыылары көрдүү сатыыбыт. «Тифло-кэнсиэр» — бу тыйаатыр истиэнэтигэр быһаччы үөскээбит жанр. Манна көрөөччүлэр харахтара сабыылаах олорон истэллэр. Маннык кэнсиэртэргэ дьон-сэргэ бары сылдьыахтаахтар», — диэн бырайыак ааптара Мария Герасимова кэпсиир.
Бырайыак ааптара этэринэн, көрөөччүлэргэ бибилэтиэкэни кытта бииргэ үлэлээһин көмөтүнэн, тыйаатыр репертуарыгар сабыылаах харахтаах кэнсиэр курдук ускуустуба көрүҥнэрэ баар буолбуттар.
Эстрада тыйаатыра «Сүрэхпинэн көрөбүн: Мин Сахам сирэ» кэнсиэри былырыын бэс ыйыгар билиһиннэрбитэ. Кэнсиэр Казань куоракка «Науруз» аан дойдутааҕы тыйаатыр бэстибээл чэрчитинэн көрүүгэ тахсыбыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: