Саха эстрадатын тыйаатыра Кыайыы күнүгэр тифлор-кэнсиэр аныыр

Share

Судаарыстыбаннай эстрада тыйаатырыгар бүгүн, ыам ыйын 4 күнүгэр, көрөөччүлэр көрдөһүүлэринэн «Сүрэхпинэн көрөбүн: Олох…» тифлор-кэнсиэр ыытыллар.

Бырагыраамаҕа күнүс 15.00 чаастан инструментальнай муусука, ону сэргэ кутаа аттыгар олорон гитаранан саамай чугас, таптыыр дьонноругар тыаһатар ырыаларын аныыллар.

Хаартыска: СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

«Биһиги саҥа идиэйэлэри, быһаарыылары көрдүү сатыыбыт. «Тифло-кэнсиэр» — бу тыйаатыр истиэнэтигэр быһаччы үөскээбит жанр. Манна көрөөччүлэр харахтара сабыылаах олорон истэллэр. Маннык кэнсиэртэргэ дьон-сэргэ бары  сылдьыахтаахтар», — диэн бырайыак ааптара Мария Герасимова кэпсиир.

Бырайыак ааптара этэринэн, көрөөччүлэргэ бибилэтиэкэни кытта бииргэ үлэлээһин көмөтүнэн, тыйаатыр репертуарыгар сабыылаах харахтаах кэнсиэр курдук ускуустуба көрүҥнэрэ баар буолбуттар.

Эстрада тыйаатыра «Сүрэхпинэн көрөбүн: Мин Сахам сирэ» кэнсиэри былырыын бэс ыйыгар билиһиннэрбитэ. Кэнсиэр Казань куоракка «Науруз» аан дойдутааҕы тыйаатыр бэстибээл чэрчитинэн көрүүгэ тахсыбыта.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Дьиэҕэ төннүү» тэрээһин — байыаннай дьайыыттан төннөөччүлэргэ көмөнү оҥоруу олуга

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара…

30 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Дьокуускайга вандаллар биир күн иһигэр үс тохтобулу алдьаттылар

Дьокуускайга Гагаринскай уокурукка вандаллар биир күн иһигэр, сэтинньи 20 күнүгэр үс сылаас тохтобулу алдьаппыттар --…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Омук бородууксуйатын бэйэ киэнигэр уларытыыттан – олох хаачыстыбатын үрдэтиигэ

АЛРОСА хампаанньа оҥорон таһаарыы көдьүүстээх буоларын уонна үлэлиир усулуобуйа тупсарын туһугар сыыппараҕа көһөрүүгэ (цифровизация) уонна…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Саха сирэ» хаһыат бүгүн тугу суруйда?

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин оскуолаларын төрөппүттэрин кэмитиэтин түөрт бырайыага бириэмийэҕэ тигистэ

Е.М.Примаков аатынан гимназияҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы төрөппүт кэмитиэтин иккис мунньаҕа буолан ааспыт. Тэрээһин кэмигэр төрөппүттэр холбоһуктарын…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Москваҕа Тырааныспар нэдиэлэтин түмүктэрин таһаарда

Айсен Николаев Москваҕа сылдьан Тырааныспар нэдиэлэтигэр үлэ түмүктэрин таһаарда. Бу Арассыыйаҕа суол-иис салаатыгар сүрүн дьыалабыай…

2 часа ago