Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка баар Саха гимназията Улуу Кыайыы күнүн көрсө, «Строительнай ырыынак» бастыҥ быыстапкалыыр саалатыгар «ЭЙИЭХЭ, САЛЛААККА…..» анал байыаннай дьайыыга сылдьан бааһырыыны, эчэйиини ылан госпитальга эмтэнэ сытар байыастарга көмөлөһөргө анаан аһымал аахсыйаны тэрийэн ыытта.
Анал байыаннай дьайыыга гимназия үс выпускнига кыттыбыта. Хомойуох иһин, биир уол кыргыһыы хонуутугар сырдык тыына быстыбыта, икки уол улахан бааһырыыны ылан госпитальга эмтэммиттэрэ. Онон, бу үөрэх тэрилтэтин кэлэктиибэ, уолаттарын уонна Аҕа дойдуну көмүскээччилэр тустарыгар көмөлөһүүнү ытык иэһинэн ааҕар.
Бу үтүө дьыала тэрээһинигэр учууталлар, төрөппүттэр, оҕолор, ким да туора туран хаалбакка, бары көхтөөхтүк кытыннылар. Аахсыйаттан киирбит үбү Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэннэрин кэмитиэтин салайааччытыгар, Саха гимназиятын выпускнигын амарах ийэтигэр, Светлана Владимировна Диодороваҕа туттардылар.
«Аахсыйа түмүгүнэн 70 тыыһынчаттан тахса харчы киирдэ, ону Санкт-Петербург куоракка эмтэнэ сытар саллаат уолаттарбытыгар анаан ыыттыбыт. Түгэнинэн туһанан «Строительнай ырыынак» сүрүн дириэктэригэр Иван Иванович Даниловка уонна көмөлөһөөччүтүгэр Айсен Семенович Эверстовка махталбытын тириэрдэбит. Инникитин өссө «Урбаан уонна оскуола» бырайыакпыт чэрчитинан ыкса үлэлэһиэхпит диэн эрэнэбит», — диэн Светлана Диодорова махталын биллэрэр.
Гимназия салалтата үтүө үгэскэ кубулуйбут дьаарбаҥкаҕа көхтөөхтүк кыттыбыт учууталларыгар, төрөппүттэригэр махтанарын, оскуола туһугар бары биир киһи курдук кыһаллан көмөлөһөллөрүн үрдүктүк сыаналыылларын эттэ.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…