Саха хомуһа Эльбрус хайаҕа тыаһаата
Хабырылла Дьөгүөрэп аатынан Мүрү 1-кы №-дээх орто оскуолатын эбии үөрэхтээһинин педагога Федот Винокуров бу күннэргэ Европа уонна Россия саамай үрдүк хайатыгар Эльбруска тахсан, бэйэтин холонон көрдө. Бу туһунан Уус Алдан улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ол туһунан Федот санаатын бу курдук үллэһиннэ: «Улуу хайа, хомойуох иһин, үрдүгэр таһаарбата, 242 миэтэрэ хаалбытын кэннэ, сытыы силлиэ, туманнаах буурҕа түһэн тахсыыны тохтотто. Аклиматизацияны учугэйдик ааһыахха наада эбит, «Горная болезнь» диэн баар, мээнэ киһи ону тулуйбат, мин өйбүн сүтэрэ сырыттым. Буурҕабыт олох тохтообокко, дьон эчэйии ыллылар, ыарыйдылар даҕаны. Ол да буоллар бу сырыыбыттан астынным! Саха хомуһа 5400 миэтэрэ үрдүккэ тыаһаата!!! Хомуспун биир дойдулааҕым Петр Куличкин — Быйаман Уус оҥорбута».
«Эльбрус хайа үрдүгэ 5642 миэтэрэ. Бу хайаҕа былырыын биир дойдулаахпыт, альпинизмҥа Россия сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ, Россия спордун маастара Эрхан Бысыин тахсан, Уус Алдан былааҕын күөрэччи көтөхпүтэ», диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: