Саха хомуһа «Пик любви» сис хайаҕа иһилиннэ
Саха сирин норуодунай артыыһа, Арассыыйа уонна Саха сирин үтүөлээх артыыһа Дмитрий Артемьев атырдьах ыйын 25 күнүгэр Бурятияҕа Аршан туһаайыытынан баар «Пик Любви» сис хайатын дабайан, куруук илдьэ сылдьар сахатын хомуһун лыҥкыната тыаһатта.
«Пик любви» сис хайа Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин Тункинскай оройуонун сиригэр-уотугар баар, 2124 м үрдүктээх. Аатырбыт сис хайаттан Тункускай хочо бу нэлэһийэ сытар буолар. Маннык үрдүккэ тахсан, бэйэлэрин тургутан көрүөн баҕалаах дьон, туристар даҕаны сыл аайы элбээн иһэллэр.
Дмитрий Артемьев кэпсээбитинэн, «Пик любви» сис хайаҕа ортотунан 4-5 чаас устата дабайан тахсаҕын.
Үһүйээннэргэ кэпсэнэринэн, манна бэйэтин дьылҕатын көрсүөн уонна тус бэйэтин тургутан көрүөн баҕалаах хорсун дьон ытталлар. Кинилэр хайаттан өйдүүн-санаалыын ырааһыран төннөллөр.
Дмитрий Артемьев:
— Бастаан Бангкок-Паттайя сынньаммытым. Онтон Иркутск-Аршан кэлбитим. Манна даҕатан эттэххэ, Аршаҥҥа хаһыс да сырыым. Ити «Пик любви» үрдүк хайаны ыраахтан одуулуу-одуулуу тахсыахпын олус баҕарарым да, куттанарым, салларым. Үксүн дацанна Тибеттэн кэлбит лаамалары кытары кэпсэтэрим, бүрээт ойууннарыгар сылдьарым. Онтон бу сырыыга «Уонна хаһан?!» диэн баран түһүнэн кэбистим. Үрдүк хайаҕа таастарынан тахсар дьэ, абытай сылаалаах эбит. Онно холоотоххо, көнө сиринэн хаамар, сүүрэр чэпчэки. Ип-итиигэ 20 килэмиэтир үрдүккэ таастарынан тахсыы манан дьыала буолбатах эбит, төттөрү түһүү өссө ордук кутталлаах. Ол да буоллар, баҕа санаабын толордум, өссө биир чыпчаалы дабайдым диэн дуоһуйдум.
https://https://youtu.be/gm0-hXgXHTM?si=k994gF6mlaSwwKpf
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: