Уһулуччулаах судаарыстыбаннай диэйэтэл, Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Степан Васильев олоҕун кэрдиис кэмнэрин туһунан «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа «Саха Хотойо» диэн саҥа документальнай киинэтин сүрэхтэниитигэр сырыттым.
Күөх Ньурбаттан аҕа баһылыктарын кытта улуус дьокутааттара, дьоно-сэргэтэ көхтөөх дэлэгээссийэ кэлэн, киинэни оҥорон-таҥан таһаарбыт талааннаах дьоммутугар махталларын биллэрдилэр. Степан Васильев аатын үйэтитэр бу киинэ Ньурба улууһун муниципальнай тэриллии көҕүлээһининэн оҥоһуллубут. Төһө да репрессияламмыт Степан Васильев сырдык аата 1956 сыллаахха сөргүтүллүбүтүн иһин, кини олорон ааспыт-олоҕо, дьоһуннаах үлэтэ-хамнаһа, суола-ииһэ, дойду сайдыытыгар киллэрбит кылаата аймахтарын кэннэ киэҥ хабааннаахтык үөрэтиллибэтэх, баччааҥҥа диэри улахан суолта бэриллибэтэх. Устуоруйабытыгар умнуллубут, үрүҥ бээтинэ буолан симэлийэ быһыытыйбыт түгэннэрбитин бу киинэ өҥнөөн-дьүһүннээн биэрдэ, чулуу киһибит сирэйин омоонун дьонугар-сэргэтигэр чугаһатта. Бу бүгүҥҥү архыып докумуоннарыгар олоҕуран оҥоһуллубут киинэ сүдү суолтата — ыччакка, дьоҥҥо-сэргэҕэ Степан Васильев курдук олохторун толук ууран туран норуот туһугар турууласпыт саха норуотун чулуу дьонун аатын үйэтитии. Билиҥҥи салайааччылар Степан Васильев олоҕуттан, кини холобуругар дьиҥинэн элбэххэ үөрэниэхтээхтэр. Ону ирдиир тоҕоостоох кэмнэр турдахтара. Үрдүк да таһымнаах, билиилээх-көрүүлээх, кыахтаах ыччаттарбыт ол ыар кэм хабыр хапсыһыытыгар былдьаннахтара… Степан Васильев өрөспүүбүлүкэбитигэр бырамыысыланнас сайдыытыгар, дойду индустриализацияланарыгар үлэлэспитэ, дойду үрдүк таһымыгар ыарахан бырамыысыланнас эйгэтигэр хонтуруоллааччынан, ону тэҥэ дойдуга хомсомуол түмсүүтүн тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ. Кини былаас үрдүкү араҥаларыгар сахалартан бастакынан кэриэтэ салайар-тутар үлэҕэ сылдьыбыт чулуу киһибитинэн буолар.
Киинэ Степан Васильев төрөөбүт алааһыттан саҕалаан, кини тыына быстыбыт сиригэр тиийэ кэрэ айылҕа көстүүлэринэн, сахалыы хомоҕой тыллаах сэһэнинэн доҕуһуолланан, архыып докумуоннарынан бигэргэтиллэн, чулуу киһибит олоҕун олуктарын кэрэхсэнэр түгэннэрэ харахпыт иннигэр тиһиллэн ааста. Бу да үлэтигэр Наталья Михалева-Сайа кэпсээнинэн, ааспыты сэгэтэн көрүүнэн эрэ муҥурдамматах. Кини суруналыыс быһыытынан кыраҕы хараҕа сорох-сорохпут өйдөөн-дьүүллээн көрбөт түгэммитигэр барыбытын да муннукка анньан туран ыйда. Ол курдук, үгүс араас салайааччыларбыт өрөспүүбүлүкэбит 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсөр үөрүүлээх тэрээһиннэр чэрчилэринэн өрөспүүбүлүкэбитин төрүттээччилэргэ анабыл араас быһыылаах былакааттары оҥорбуттарыр. Сорох былакааттарга М. Аммосов, П. Ойуунускай, И. Барахов олороллор, атыттарыгар эбии Степан Аржаков баар эбит. Ити ааттаммыт дьоммутун кытары Степан Васильев бииргэ олорор мэтириэттэрэ суоҕун кэриэтэ. Кинилэр биир сомоҕо күүс буолан, бииргэ туруулаһан үлэлэспиттэрин туоһулуур архыып докумуоннара үгүстэр эбит. «Чулуу дьоммут ол ыар, буккурдаах-тэккиирдээх кэмҥэ илии биэс тарбаҕын курдук бииргэ буолан, сомоҕолоһон дьоһуннаах ситиһиилээх этилэр», — диэн Сайа сөптөөх да түмүгү оҥордо. Маннык тэрээһиннэргэ оскуола оҕолоро, ХИФУ историческай факультет педагогтара да, устудьуоннара да күргүөмүнэн сылдьыбаттара киһини сонньутар.
Бу курдук дириҥ ис хоһоонноох документальнай айымньылары бииргэ көхтөөхтүк көрөн, ырытан ыччат толкуйдуур, санаатын сайаҕастык этэр туруктаах буоларын ситиһэрбит буоллар. Аттыбар олорбут аҕам саастаах хас да киһи харах уулаах көрдө. Ол курдук, киинэ киһи дууһатын кылын таарыйар. Сайа ол ыраах сиргэ тиийэн сахабыт чулуу уола Степан Васильев буору кытта буор буолан сытар сиригэр сибэкки дьөрбөтүн уйадыйан туран ууран баран, андаҕар кэриэтэ эппит тыллара хас биирдиибит сүрэҕэр сырдык дорҕоон буолан киирдэ… Өссө да төһөлөөх киһи сырдык аата ол суостаах сылларга симэлийбитэ буолуой?! Тус бэйэм бу киинэ сүрэхтэниитигэр бараары куйаар ситимигэр баар Степан Васильев туһунан суруйуулары аахтым, үөрэттим. Маннык тэрээһиннэр киһи билиитин хаҥатарыгар, ааҕарыгар көҕүлүүллэр.
Баҕа санаа курдук биири этиэм этэ: бу бэртээхэй киинэни нууччалыы тылбаастаан өссө киэҥ араҥаҕа таһаарыаҕыҥ. Маннык сүрэхтэниини Алдан улууһугар тэрийэр олус тоҕоостоох. Алдан улууһун эһиилги үбүлүөйдээх сылыгар бэртээхэй бэлэх буолуох эбит. Хомойуох иһин, Алдаҥҥа мусуойга Степан Васильев туһунан иһитиннэрии, кини суруга өһүө анныгар киһи хараҕа таба көрбөт сиригэр бүөмнээн турар. Дьиҥэр, кини Алдан көмүс хостооччуларын дьылҕаларыгар бэрт үгүһү оҥорбута ахтыллыбат буоллаҕа… Наталья Михалева-Сайа ааптардаах, Нина Корнилова режиссердаах «Саха Хотойо» киинэни балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха телевидениетыгар көрөргүтүгэр ыҥырабыт.
Антонина УСКЕЕВА.
СӨ үбүн министиэристибэтэ "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…
Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…
Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…
... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка, күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…
Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…