Саха кэрэ номоҕо буолбут дьахтар

Саха кэрэ номоҕо буолбут дьахтар

26.10.2024, 16:15
Хаартыска: ааптар тиксэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Алтынньы 25 күнүгэр Национальнай бибилэтиэкэ устуоруйаҕа саалатыгар суруналыыс, кыраайы үөрэтээччи, суруйааччы, бэйэтин кэмин биллэр ырыаһыта, меценат, уһуйааччы, ССРС тэлэбиидэнньэтин уонна араадьыйатын туйгуна Елена Андреевна Лебедкина 90 сааһыгар аналлаах үтүөкэн тэрээһиҥҥэ сырыттым.

Кини, кырдьык, устуоруйа кэрэһитэ киһи. ХХ-ХI үйэлэргэ саха интэллигиэнсийэтэ хайдах-туох кэми ааспытын, ханнык үтүргэҥҥэ, кыһарҕаҥҥа түбэспитин Елена Андреевна уонна кини төрөппүттэрин олохторуттан, дьылҕаларыттан билэбит. Аны ханнык чыпчаал ситиһиилэргэ тахсыбытын, хайдах дьолун-соргутун уһаммытын, туох сырдыгы сыдьаайа тарҕаппытын эмиэ кини олоҕун суолугар көрөбүт…
«Сахаҕа соҕотох…» диэн этиигэ сөп түбэһэр түгэннэр кини устар олоҕор элбэхтэр. Оччотооҕу чиҥ тиһиккэ үлэлиир Киин тэлэбиидэнньэҕэ сэргэтэн, икки биэриитэ үрдүк экраҥҥа тахсыбыт сахаҕа соҕотох суруналыыспыт — кини. Чулуулар эрэ киирэн үлэлиир бу чыычый тэрилтэлэригэр тустаах ыҥырыыны тутан баран сөбүлэспэтэх — эмиэ кини. Модельер Вячеслав Зайцевтан анал таҥаһы таҥныбыт — кини…
Истиин-тастыын кэрэ киһи бу 90 сааһын бэлиэтиир тэрээһинэ опера, балет артыыстарын толоруулара доҕуһуоллаах, уһун дакылааттаах, истиҥ-иһирэх эҕэрдэлэрдээх, айаҕы минньитэр утары уунардаах буолла. Ону үбүлээр бэйэтэ сэргэх ахтыыларынан, өссө ойон туран дефилеҕэ да хааман ыларынан эбии тупсаран, киэргэтэн биэрдэ.
Уус Алдантан, Намтан, Үөһэ Бүлүүттэн, Горнайтан бүтүн бөлөҕүнэн эҕэрдэлии кэлбиттэр: Елена Андреевна төлкөтө түстээн биэрбит дойдуларын кытта быстыспат ситимнээх, мэлдьи көмөлөһө, сүбэлии-амалыы олорор эбит.
Ытык-бэлиэ киһибит биир ааптары кытта кыттыһан өссө документальнай кэпсээннэрдээх биэс кинигэни таһааттарбыт суруйааччы буолар, солото суох билигин да үлэлии сылдьар эбит.
Кыһыл саһыл палантин ураты номохтоох: эдэр сырыттаҕына ийэтин дьоно, репрессия ыар содулун сүгэр дьылҕаламмыт Афанасьевтар удьуор баайдарыттан соҕотоҕун ордубут биир кыһыл саһыл тириитин киниэхэ анаан-минээн ыыппыттар. Биир саһылтан улахан туох да тахсыбат буолан ууран сытыардаҕына, аны аҕатын дьоно, эмиэ репрессия сиэртибэлэрэ буолбут Лебедкиннэр баайдарыттан алҕаска ордубут биир кыһыл саһыл киниэхэ ананан кэлбит.
Елена Андреевна Алампа кэргэнэ, «үрүҥ туллук» Евдокия Яковлевналыын доҕордуу эбиттэр. Кини дьэ, эдэр дьүөгэтигэр Алампа баайыттан тиксибит кыһыл саһылын ууруна сылдьарын таһааран биэрбит. Онуоха ийэтэ: «Саха үс улуу аймахтарыттан кэлбит саһыллар буоллулар, онон бу кыыска туох эрэ үйэлээҕи тигэн биэриэххэ» — диэбит. Евдокия Яковлевна ол кэмҥэ Саха тыйаатырын көстүмүөрүнэйигэр үлэлиир эбит, онон сүбэлэһэннэр, саһыллары саҕа, бэргэһэ гынан быспакка-оппокко, мааныга эрэ кэтиллэр бу үйэлээх кыһыл саһыл палантины уһанан биэрбиттэр!
Елена Андреевна кэпсээнэ өссө да элбэх. Хомойуох иһин, саха тэлэбиидэнньэтин урукку үлэлэрэ күдэн буолан көппүттэр, ол иһигэр, кини чыпчаал биэриилэрэ. Хата, дьылҕа-хаан кэрэ киһини уһун олохтоон, билэрин-көрөрүн сурукка тиһэригэр кыах биэрдэ. Биһиги кини долгутуулаах кэпсээнин Сулуһа суох дьоруойбут, артиллерист Гавриил Протодьяконов туһунан киинэбитигэр киллэрэн турабыт. Мин Елена Андреевнаны, дьоруой гынан устубут киһигин тиһэххэ диэри туруулаһыы, кырдьык кылбайарын туһугар толлубат хорсун майгыланыы тыыннаах холобурун быһыытынан көрөбүн, киниэхэ сүгүрүйэбин.
Ааһан иһэр олохтон үтүө да, мөкү да номохтор үөскүүллэр. Онтон Елена Лебедкина олоҕо саха кэрэ номоҕо буолан угуйа, сырдыы турар.

Наталья МИХАЛЕВА-САЙА

+1
5
+1
2
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
25 ноября
  • -19°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: