Салгыы
Саха кэриэйдэрэ өбүгэлэрин умнубаттар

Саха кэриэйдэрэ өбүгэлэрин умнубаттар

Ааптар:
27.05.2023, 20:00
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Ааспыт ыйга Дьокуускайга “Кэриэйдэр Саха сирин устуоруйатыгар” диэн улахан пуорум буолан ааста. Тэрээһин тиэмэтин ылбычча толкуйдаан таһаарбатахпыт, биллэн турар, төрүөттээх. Ол төрүөтүнэн бу күн үс кинигэни сүрэхтээбиппит буолар.

ҮС КИНИГЭ КҮН СИРИН КӨРДӨ

Уопсайынан, этиэм этэ, кэриэй омук дьонугар былыр-былыргыттан өбүгэ дьоҥҥо сүгүрүйүү улахан суолталаах буолара үһү. Ону үгэс буолбут илиҥҥи өй-санаа туллар тутааҕынан ааттыахха сөп. Оттон биһиги, кэриэй омук сыдьааннара – саха кэриэй­дэрэ, ол өйү-санааны эппитинэн-хааммытынан билэбит диэн этиэхпитин сөп. Тулхадыйбат сокуон курдук ылынабыт. Кинигэ суруйан таһаарарбытыгар ол санаанан салайтардахпыт буолуо.

Бастакы кинигэбит “Саха кэриэйдэрэ – утум тардыыта” 2020 сыллаахха тахсыбыта, иккис Н.Г. Иванов “Корейцы в Якутии (1917-1932)” диэн научнай кинигэтэ эмиэ сотору­тааҕыта тахсыбыта, үһүс буруо­луу сылдьар кинигэбит – “Корейцы в истории Якутии” диэн. Бу биһиэхэ сүрдээх улахан суолталаах түгэн – үс кинигэ күн сирин көрүүтэ.

Тоҕо диэтэххэ, биһиги – саха кэриэйдэрэ, кэриэй омук сыдьааннара, оҕолоро, сиэннэрэ, кырдьыгынан эттэххэ, үгүспүт дьоммут туһунан бэрт дуона суох билиилээх буоларбыт. Оттон бары түмсэн, күүспүтүн түмэн, архыыптарга үлэлээн, билиибит-көрүүбүт лаппа кэҥээтэ. Уонна биһиги дьолбутугар, Гуманитарнай чинчийии института Николай Гаврильевич кинигэтин бэчээттээн таһаарда, 26 сыл республика Национальнай архыыбыгар хараллан сыппыт кинигэни.

БАСТАКЫ УЛАХАН ЧИНЧИЙИИ

Бастакы кинигэбит сахалыы тылынан тахсыбыта. Тоҕо диэтэххэ, Саха сирин улуус­тарыгар кэриэйдэр сыдьааннара киэҥник тарҕанан олороллор. Чэ, холобур, Бүлүү умнаһын улуустарыгар элбэхтэр — Ньурбаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Сунтаарга, Бүлүүгэ. Киин улуус­тарга — Хаҥаласка, Мэҥэ Хаҥаласка, Аммаҕа, Чурапчыга, Уус Алдаҥҥа, Намҥа, Тааттаҕа, Горнайга. Кэриэйдэр ыччаттара Өлүөхүмэҕэ, Ленскэйгэ, Алдаҥҥа бааллар. Оттон Дьокуус­кайга кэриэй­дэр өссө өрөбөлүүссүйэ инниттэн элбэхтэрэ. Инньэ гынан, саха омук демогра­фия­тыгар кэ­­риэй омук кырата суох оруол­лаах диэн түмүктэри биһиги оҥоробут.

Оттон Н.Г. Иванов кинигэтэ, ити эппитим курдук, биһиэхэ туох да сүрдээх улахан суолталаах. Историческай билим дуок­тара С.И. Боякова этэринэн, бу кинигэ Саха сиригэр баар диаспоралар тустарынан үлэлэртэн бастакы улахан научнай чинчийии буолар. Биһиги онтон улаханнык үөрэбит. Бэйэбит кинигэбитигэр, институт салалтатын көҥүлүнэн, Николай Гаврильевич үлэтиттэн (оччолорго өссө бэчээккэ тахса илигэ) кэриэйдэр Алдан көмүһүгэр хайдах күүскэ үлэлээбиттэрин уонна Саха сиригэр оҕуруот аһын олордуутунан дьарыктаммыттарын туһунан суруйуутуттан быһа тардан киллэрэн турабыт. Николай Гаврильевич үлэтэ 1917 сылтан 1932 сылга диэри кэми хабар. Кэриэйдэр Саха сиринээҕи устуоруйаларыгар бу сүрүн кэрчик кэм. Бу үлэ биһиги билиибитин улаханнык байытта.

КЭРИЭЙДЭР ТҮМСҮҮЛЭРЭ

Үһүс кинигэбит — “Корейцы в истории Якутии” икки уопсас­тыбаннай түмсүү холбоһуктаах үлэлэрин түмүгэр таҕыс­та. Быһааран суруйдахха, өрөспүүбүлүкэбитигэр кэриэй омук сыдьааннарыттан турар икки уопсастыбаннай тэрилтэ баар. Бастакы “Мугунгфа” диэн кэриэйдэр ассоциациялара (бэрэссэдээтэл Вера Гивеновна Шамаева), иккис – “Саха кэ­­риэйдэрэ» түмсүү (бэрэссэдээтэл Михаил Владимирович Дьячковскай). Бу икки түмсүү дьоно дьоннорун тустарынан ахтыылары суруйан киллэрдилэр. Кинигэбит түөрт түһүмэхтээх буоллаҕына, иккитэ ахтыылартан турар.

Кинигэбитигэр 1897 сыллаахтан ыытыллыбыт биэрэпис түмүктэрин хомуйан Сунтаартан кыраайы үөрэтээччи Аркадий Егорович Яковлев ыыппыта, ол матырыйаал кинигэбит биир сүрүн миэстэтин ылар. Онно кэриэйдэр хаһан, ханнык улуустарга олохсуйан олорбуттара ырылыччы көстөр.

САХА СИРИГЭР ҮТҮӨЛЭРЭ ҮГҮС

Кинигэбитигэр устуоруйа түгэннэригэр улахан болҕомто ууруллар, холобур, гражданскай сэрии, Аҕа дойду Улуу сэриитин тиэмэлэрин киллэрдибит. Онтон сиэттэрэн, кэ­­риэйдэр Саха сирин устуору­йатыгар хаалларбыт суолларын тоһоҕолоон кэпсиибит. Ол курдук, кэриэйдэр үтүөлэрэ үгүс. Саха сиригэр сэбиэскэй бы­­лаас олохтонуутугар үтүөлээхтэр, Нестор Каландаришвили этэрээтин кытта кэлбиттэрэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин аас-туор кэмигэр Саха сирин холкуостарынан тарҕанан, оҕуруот аһын дэлэйдик олордон, элбэх киһини өлөр өлүүттэн быыһаабыттара ураты суолталаах. Кэриэйдэр тыйыс тымныылаах Саха сирин усулуобуйатыгар сири оҥорууга, оҕуруот аһын олордууга уһулуччу ситиһиилэммиттэрэ. Бу туох да сүрдээх улахан култуурунай, экэнэмиичэскэй, историчес­кай суолталаах чахчы. Алдан көмүһүгэр үлэлээбиттэрэ эмиэ туспа улахан кэпсээн. Саха сиригэр көмүс бырамыысыланнаһа атаҕар турарыгар кэриэйдэр улахан кылааты киллэрбит дьон буоллахтара.

Итиэннэ биһиги кинигэлэрбитин архыып матыры­йааллара ситэрэн-хоторон сүрүн тыыннаатылар. Түгэнинэн туһанан, биһиги Куттал суох буолуутун федеральнай сулуус­патын, Ис дьыала министиэрис­тибэтин архыыптарын уонна Национальнай архыып үлэһиттэригэр улахан махталбытын тирдэбит.

ХОРО УОННА КОРЁ

Биир бэрт интэриэһинэй түгэни бэлиэтиэхпин баҕарабын. Булат Зориктуев диэн бүрээт учуонайа баар. Кини историческай билим дуоктора. Бу учуонай бэрт интэриэһинэй чинчийиилэрдээх, Саха сиригэр кэлэн Хоро диэн ааттаах нэһилиэктэри үөрэппит. Үйэ чиэппэрин кэриҥэ хоролор тустарынан боппуруоска үлэлээбит. Кини сабаҕалыырынан, сахалар биир өбүгэбит – Улуу Хоро оҕуһун миинэн илин диэкиттэн кэлбит. Хоро сириттэн. Оттон кэриэй омукка эмиэ дьикти үһүйээн баар эбит, кинилэр өбүгэлэрэ хотуттан Корё диэн дойдуттан кэлбиттэр. Онон Зориктуев этэринэн, Хоро сирэ уонна Корё судаарыстыбата биирдэр. Ол аата саха уонна кэриэй омук түҥ былыргыттан тыгыалыыр биир хааннаах буолуохпутун сөп эбит. Ити кэннэ кинигэбитигэр Иван Николаев бэрт интэриэһинэй ыстатыйата киирбитэ. Онно этиллэринэн, сахалар геномнара кэриэйдэргэ чугаһа көстүбүт. Ону кытта саха омукка дьоппуоннарга (Амур таһыттан төрүттээхтэр диэн этэллэр) эрэ көстөр EsD*7 диэн бэрт сэдэх аллель баара биллибит.

НОРУОТТАР ДОҔОРДОҺУУЛАРЫН СӨРГҮТЭБИТ

Түмүккэ тоһоҕолоон этиэм этэ, бу кинигэлэр ханнык да бэлитиичэскэй сыалы-соругу туруорбаттар, арай умнулла быһыытыйбыт норуоттар икки ардыларынааҕы доҕордоһуу ситимин сөргүтэр соруктаах буолуохтарын сөп. Ону кытта, биллэн турар, кэриэй омук удьуордарын утума быстыбатын кэрэһилииллэр. Киһи төрдүн, өбүгэлэрин билиэхтээх диэн санаанан салайтарбыппыт. Кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын билэр, ол санааны сааһылыыр, ырытар киһи бу күн сиригэр бигэ тирэхтээх, киэн туттар дьонноох, холобур ылар сиэрдээх, инникигэ эрэллээх. Тус бэйэтэ киһи да быһыытынан сайдарыгар өбүгэ саҕаттан иитиллэн кэлбит кыаҕы, күүһү дириҥник, илгэлээхтик иҥэринэр буолуохтаах…

Оттон биһиги саамай баҕарар баҕабыт маннык: кэриэйдэр оҥорбут үтүөлэрэ умнуллуо суохтаах, ахтыллыахтаах, сөптөөхтүк сыаналаныахтаах. Үтүө дьон сурахтаах, үтүө дьыала үйэлээх.

Валерия ТЕМЕНХОН,
Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.

Хаартыскалары ааптар тиксэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: