Ааспыт ыйга Дьокуускайга “Кэриэйдэр Саха сирин устуоруйатыгар” диэн улахан пуорум буолан ааста. Тэрээһин тиэмэтин ылбычча толкуйдаан таһаарбатахпыт, биллэн турар, төрүөттээх. Ол төрүөтүнэн бу күн үс кинигэни сүрэхтээбиппит буолар.
Уопсайынан, этиэм этэ, кэриэй омук дьонугар былыр-былыргыттан өбүгэ дьоҥҥо сүгүрүйүү улахан суолталаах буолара үһү. Ону үгэс буолбут илиҥҥи өй-санаа туллар тутааҕынан ааттыахха сөп. Оттон биһиги, кэриэй омук сыдьааннара – саха кэриэйдэрэ, ол өйү-санааны эппитинэн-хааммытынан билэбит диэн этиэхпитин сөп. Тулхадыйбат сокуон курдук ылынабыт. Кинигэ суруйан таһаарарбытыгар ол санаанан салайтардахпыт буолуо.
Бастакы кинигэбит “Саха кэриэйдэрэ – утум тардыыта” 2020 сыллаахха тахсыбыта, иккис Н.Г. Иванов “Корейцы в Якутии (1917-1932)” диэн научнай кинигэтэ эмиэ соторутааҕыта тахсыбыта, үһүс буруолуу сылдьар кинигэбит – “Корейцы в истории Якутии” диэн. Бу биһиэхэ сүрдээх улахан суолталаах түгэн – үс кинигэ күн сирин көрүүтэ.
Тоҕо диэтэххэ, биһиги – саха кэриэйдэрэ, кэриэй омук сыдьааннара, оҕолоро, сиэннэрэ, кырдьыгынан эттэххэ, үгүспүт дьоммут туһунан бэрт дуона суох билиилээх буоларбыт. Оттон бары түмсэн, күүспүтүн түмэн, архыыптарга үлэлээн, билиибит-көрүүбүт лаппа кэҥээтэ. Уонна биһиги дьолбутугар, Гуманитарнай чинчийии института Николай Гаврильевич кинигэтин бэчээттээн таһаарда, 26 сыл республика Национальнай архыыбыгар хараллан сыппыт кинигэни.
Бастакы кинигэбит сахалыы тылынан тахсыбыта. Тоҕо диэтэххэ, Саха сирин улуустарыгар кэриэйдэр сыдьааннара киэҥник тарҕанан олороллор. Чэ, холобур, Бүлүү умнаһын улуустарыгар элбэхтэр — Ньурбаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Сунтаарга, Бүлүүгэ. Киин улуустарга — Хаҥаласка, Мэҥэ Хаҥаласка, Аммаҕа, Чурапчыга, Уус Алдаҥҥа, Намҥа, Тааттаҕа, Горнайга. Кэриэйдэр ыччаттара Өлүөхүмэҕэ, Ленскэйгэ, Алдаҥҥа бааллар. Оттон Дьокуускайга кэриэйдэр өссө өрөбөлүүссүйэ инниттэн элбэхтэрэ. Инньэ гынан, саха омук демографиятыгар кэриэй омук кырата суох оруоллаах диэн түмүктэри биһиги оҥоробут.
Оттон Н.Г. Иванов кинигэтэ, ити эппитим курдук, биһиэхэ туох да сүрдээх улахан суолталаах. Историческай билим дуоктара С.И. Боякова этэринэн, бу кинигэ Саха сиригэр баар диаспоралар тустарынан үлэлэртэн бастакы улахан научнай чинчийии буолар. Биһиги онтон улаханнык үөрэбит. Бэйэбит кинигэбитигэр, институт салалтатын көҥүлүнэн, Николай Гаврильевич үлэтиттэн (оччолорго өссө бэчээккэ тахса илигэ) кэриэйдэр Алдан көмүһүгэр хайдах күүскэ үлэлээбиттэрин уонна Саха сиригэр оҕуруот аһын олордуутунан дьарыктаммыттарын туһунан суруйуутуттан быһа тардан киллэрэн турабыт. Николай Гаврильевич үлэтэ 1917 сылтан 1932 сылга диэри кэми хабар. Кэриэйдэр Саха сиринээҕи устуоруйаларыгар бу сүрүн кэрчик кэм. Бу үлэ биһиги билиибитин улаханнык байытта.
Үһүс кинигэбит — “Корейцы в истории Якутии” икки уопсастыбаннай түмсүү холбоһуктаах үлэлэрин түмүгэр таҕыста. Быһааран суруйдахха, өрөспүүбүлүкэбитигэр кэриэй омук сыдьааннарыттан турар икки уопсастыбаннай тэрилтэ баар. Бастакы “Мугунгфа” диэн кэриэйдэр ассоциациялара (бэрэссэдээтэл Вера Гивеновна Шамаева), иккис – “Саха кэриэйдэрэ» түмсүү (бэрэссэдээтэл Михаил Владимирович Дьячковскай). Бу икки түмсүү дьоно дьоннорун тустарынан ахтыылары суруйан киллэрдилэр. Кинигэбит түөрт түһүмэхтээх буоллаҕына, иккитэ ахтыылартан турар.
Кинигэбитигэр 1897 сыллаахтан ыытыллыбыт биэрэпис түмүктэрин хомуйан Сунтаартан кыраайы үөрэтээччи Аркадий Егорович Яковлев ыыппыта, ол матырыйаал кинигэбит биир сүрүн миэстэтин ылар. Онно кэриэйдэр хаһан, ханнык улуустарга олохсуйан олорбуттара ырылыччы көстөр.
Кинигэбитигэр устуоруйа түгэннэригэр улахан болҕомто ууруллар, холобур, гражданскай сэрии, Аҕа дойду Улуу сэриитин тиэмэлэрин киллэрдибит. Онтон сиэттэрэн, кэриэйдэр Саха сирин устуоруйатыгар хаалларбыт суолларын тоһоҕолоон кэпсиибит. Ол курдук, кэриэйдэр үтүөлэрэ үгүс. Саха сиригэр сэбиэскэй былаас олохтонуутугар үтүөлээхтэр, Нестор Каландаришвили этэрээтин кытта кэлбиттэрэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин аас-туор кэмигэр Саха сирин холкуостарынан тарҕанан, оҕуруот аһын дэлэйдик олордон, элбэх киһини өлөр өлүүттэн быыһаабыттара ураты суолталаах. Кэриэйдэр тыйыс тымныылаах Саха сирин усулуобуйатыгар сири оҥорууга, оҕуруот аһын олордууга уһулуччу ситиһиилэммиттэрэ. Бу туох да сүрдээх улахан култуурунай, экэнэмиичэскэй, историческай суолталаах чахчы. Алдан көмүһүгэр үлэлээбиттэрэ эмиэ туспа улахан кэпсээн. Саха сиригэр көмүс бырамыысыланнаһа атаҕар турарыгар кэриэйдэр улахан кылааты киллэрбит дьон буоллахтара.
Итиэннэ биһиги кинигэлэрбитин архыып матырыйааллара ситэрэн-хоторон сүрүн тыыннаатылар. Түгэнинэн туһанан, биһиги Куттал суох буолуутун федеральнай сулууспатын, Ис дьыала министиэристибэтин архыыптарын уонна Национальнай архыып үлэһиттэригэр улахан махталбытын тирдэбит.
Биир бэрт интэриэһинэй түгэни бэлиэтиэхпин баҕарабын. Булат Зориктуев диэн бүрээт учуонайа баар. Кини историческай билим дуоктора. Бу учуонай бэрт интэриэһинэй чинчийиилэрдээх, Саха сиригэр кэлэн Хоро диэн ааттаах нэһилиэктэри үөрэппит. Үйэ чиэппэрин кэриҥэ хоролор тустарынан боппуруоска үлэлээбит. Кини сабаҕалыырынан, сахалар биир өбүгэбит – Улуу Хоро оҕуһун миинэн илин диэкиттэн кэлбит. Хоро сириттэн. Оттон кэриэй омукка эмиэ дьикти үһүйээн баар эбит, кинилэр өбүгэлэрэ хотуттан Корё диэн дойдуттан кэлбиттэр. Онон Зориктуев этэринэн, Хоро сирэ уонна Корё судаарыстыбата биирдэр. Ол аата саха уонна кэриэй омук түҥ былыргыттан тыгыалыыр биир хааннаах буолуохпутун сөп эбит. Ити кэннэ кинигэбитигэр Иван Николаев бэрт интэриэһинэй ыстатыйата киирбитэ. Онно этиллэринэн, сахалар геномнара кэриэйдэргэ чугаһа көстүбүт. Ону кытта саха омукка дьоппуоннарга (Амур таһыттан төрүттээхтэр диэн этэллэр) эрэ көстөр EsD*7 диэн бэрт сэдэх аллель баара биллибит.
Түмүккэ тоһоҕолоон этиэм этэ, бу кинигэлэр ханнык да бэлитиичэскэй сыалы-соругу туруорбаттар, арай умнулла быһыытыйбыт норуоттар икки ардыларынааҕы доҕордоһуу ситимин сөргүтэр соруктаах буолуохтарын сөп. Ону кытта, биллэн турар, кэриэй омук удьуордарын утума быстыбатын кэрэһилииллэр. Киһи төрдүн, өбүгэлэрин билиэхтээх диэн санаанан салайтарбыппыт. Кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын билэр, ол санааны сааһылыыр, ырытар киһи бу күн сиригэр бигэ тирэхтээх, киэн туттар дьонноох, холобур ылар сиэрдээх, инникигэ эрэллээх. Тус бэйэтэ киһи да быһыытынан сайдарыгар өбүгэ саҕаттан иитиллэн кэлбит кыаҕы, күүһү дириҥник, илгэлээхтик иҥэринэр буолуохтаах…
Оттон биһиги саамай баҕарар баҕабыт маннык: кэриэйдэр оҥорбут үтүөлэрэ умнуллуо суохтаах, ахтыллыахтаах, сөптөөхтүк сыаналаныахтаах. Үтүө дьон сурахтаах, үтүө дьыала үйэлээх.
Валерия ТЕМЕНХОН,
Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.
Хаартыскалары ааптар тиксэрдэ.
Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо. [gallery…
Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…
Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…
Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…