2024 сыл үүнүүтэ Москваҕа Хотугу Корея тас дьыалаларга миниистирэ Цой Сон Хи кэлэн барбыта. Эспиэрдэр этэллэринэн, көрсүһүү бу икки дойду сыһыаннаһыытыгар улахан суолталаах буолуохтаах. Экэниэмикэни да ылан көрөр буоллахха, инникитин улахан кэскиллээх үлэ күүтэрин бэлиэтииллэр. Хотугу Корея, холобур, биһиэхэ үлэһит илиинэн көмө буолуоҕун билгэлииллэр. Буолумуна, кэриэйдэр үлэһиттэринэн, бэрээдэктээхтэринэн, чиэһинэйдэринэн аан дойдуга аатырдахтара, ол да курдук, тутуу үлэтигэр олус сатабыллаахтарынан биллэллэр. Икки өттүттэн туризм сайдыаҕа диэн буолар. Онон илиҥҥи саҕах сайдыыны арыйар туруктаах. Биһиги, кэриэй омук сыдьааннара, онтон үөрэбит эрэ. Тоҕо диэтэххэ, үгүспүт дьоно ити диэкиттэн, билиҥҥинэн Хотугу Корея сириттэн кэлбиттэрэ, оччолорго хоту-соҕуруу диэн арахсыбаттара.
Кэриэй омук Саҥа дьылы Соллаль бырааһынньыгынан көрсөр. Былыргы үгэстэрэ күүстээх: үс күн бэлиэтииллэр, бу үс күҥҥэ дьиэ кэргэн бүттүүн түмсэр, өбүгэлэрин ахтан-санаан сиэр-туом толороллор, мааны таҥастарын — ханбогу таҥналлар, ас эгэлгэтин астыыллар, оҕолор бастатан төрөппүттэрин сиргэ тиийэ бокулуон ууран, нөрүйэн эҕэрдэлииллэр, оттон төрөппүттэрэ харчынан хадаҕалыыр, алгыс этэр үгэстээхтэр, үһүс күннэригэр күнү көрсөн уруйдууллар.
Биллэрин курдук, биһиги Сахабыт сиригэр кэриэй омук сыдьаана киэҥник тарҕанан олорор. Үгүспүт дьоно ааспыт үйэ 1920-1930-с сылларыгар Саха сиригэр Алдан көмүһүгэр үлэҕэ кэлбиттэрэ, ол кэлэн төннөр суоллара сабыллан, манна хаалан ыал буолан, уруу-аймах тардан тэнийбиттэрэ. Кэриэй омук сыдьаана ордук Бүлүү өрүс умнастарынан, илин эҥээр, киин, соҕурууҥу оройуоннарынан, Дьокуускай куоратынан тарҕаммыта. Оттон билигин Саха сиригэр бүттүүнүгэр тарҕанан олордохторо. Онон саха омук демографиятыгар кэриэй омук кырата суох оруолу ылар диэн түмүктэри биһиги оҥоробут. Ол санаабытын 2020 уонна 2022 сылларга таһаарбыт “Саха кэриэйдэрэ — утум тардыыта”, “Корейцы в истории Якутии” диэн кинигэлэрбитигэр киллэрбиппит.
Биллэн турар, кэриэй омук сыдьаана саха буолан тарҕаммыта. Ол да курдук, Саха сирин улуустарынан Кимнэр, Имнэр, Тэлэр, Тэннэр, Пактар, Синнэр, Хоннар, Цойдар уо.д.а. сахатааҕар саха буолан тэнийэн олороллор. Үгүстэрэ тыа сиригэр олорор, эбэтэр тыа сириттэн төрүттээх куорат олохтоохторо. Сахалыы тыллаахтар, олохторо-дьаһахтара барыта сахалыы, өй-санаа, сиэр-майгы сахалыы, сахалыы үгэһи барытын тутуһаллар.
Дьэ ол эрэн, хаан тардыһыыта диэн баар буолар эбит… Сахаҕа “хаан урууну өрүс да уутунан сууйбаккын” диэн бэргэн этии баар ээ. Ол да быһыытынан буолуо, саха кэриэйдэрэ кимтэн кииннээхтэрин, хантан хааннахтарын билсэр сыалтан кинигэ хомуйан таһаарбыттара. Оттон билигин, ол үтүөкэн саҕалааһыны ситэрэн, кэриэй омук үгэһин, култууратын билсэр сыаллаах саҥа бэртээхэй кэлэктиип тэрилиннэ.
Билсиэҕиҥ. Идиэйэтин, тэрээһинин иилээбит-саҕалаабыт Тен Дианна кэпсиэҕэ. Кини бэйэтэ Сунтаар кэриэйдэрин бэрэстэбиитэлэ буолар. Аҕата Тен Ун Чун — Кореяттан Алдан көмүһүгэр үлэҕэ кэлбит киһи, Ким Елена Николаевналыын ыал буолан, уон биир оҕону иитэн, улаатыннаран олох киэҥ суолугар үктэннэрбиттэрэ. Дианна Тен дьонун туһунан уу сахалыы бэрт эйэҕэстик кэпсиир. Сүрдээх үлэһит дьон, ыччаттара эмиэ биир оннук дьоһуннаах үлэһит, үөрэхтээх, майгылаах мааныта буола улааппыттара. Билигин араас эйгэҕэ үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Оттон кэлэктиибин туһунан Дианна Тен кэпсээнэ маннык буолла:
— Өбүгэ үгэһин, култууратын билсэр баҕа үүйэ-хаайа тутан, кинилэр таҥастарын-саптарын, үҥкүүлэрин үөрэтэр санааттан бу кэлэктииппит тэриллибитэ. Бастакы сылбытын дьарыктанабыт. Бөлөхпүтүгэр кыргыттарбыт бары кэриэй хааннаах сахалар. Анаан оннук талыллыбыппыт. Дьиктитэ баар, үҥкүү бөлөҕүн тэрийэрбэр, бары ону эрэ кэтэһэ сылдьыбыт курдук, тута сөбүлэҥнэрин биэрбиттэрэ. Аймахтыы санаанан түмүстэхпит дии.
Балтым Лена Ким үҥкүү тыйаатырыгар үлэлээбитэ 25 сылыгар барда. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ буолар. Үҥкүүгэ үөрэтэргэ кинини көрдөспүппүтүн быһа гымматаҕа. Онон үөрүүбүт улахан.
Бастакы көрсүһүүбүт муус устар 9 күнүгэр этэ. Билсистибит. Бары араас-араас эйгэҕэ үлэлиир буоламмыт, дьарыктанар бириэмэбитин болдьоспуппут. Сүрүн боппуруоһунан дьарыктанар саала көрдөнүүтэ буолбута. Ый кэриҥэ араас тэрилтэлэргэ сылдьан көрдөөтүбүт. Дьокуускайдааҕы сибээс кэллиэһин дириэктэрэ Г.И.Семенов биһиэхэ утары барбыта.
Ансаамбылбыт аата сахалыы-кэриэйдии — “ХансонКуо”, ону «сулус куо» диэн курдук өйдүөххэ сөп. Ааппытын бэйэбит талбыппыт. Үҥкүүбүтүгэр дьүөрэлээн баннер оҥостубуппут, көстүүтэ сүрдээх үчүгэй. Үҥкүүнэн эрэ муҥурдаммаппыт, таҥаспытын бэйэбит тиктэбит, чоктури (төбөҕө кэтэр корона) тигиннибит. Сатабыллаах иистэнньэҥмит Айхаллаана Токарева түргэн туттуута абыраата. Кыргыттарбыт ХИФУ иһинэн үлэлиир кэриэй тылын үөрэтэр кууруска дьарыктаналлар. Аны кэриэйдии аһы астыырга үөрэнэбит, кимчини бары да астыырга үөрэннибит быһыылаах. Ис турукпутун сааһылыыр, сайыннарар айылҕалаах киһилээхпит, чараас эйгэни ылыммыт Лариса Сон биһигини кытта дьарыктанар. Сайынын айылҕаҕа репетициялыыбыт. Кыргыттарбыт айылҕаҕа таҕыстахтарына көхтөрө өссө күүһүрэр. Араас элбэх идеялардаах буолаллар. Ольга Ким соһуччу идеяларынан биһигини үөрдэр идэлээх, сөпкө аһааһын быраабылаларыгар үөрэтэр. Мин бэйэм медик идэлээх буоларым быһыытынан, корейскай фирма битэмииннэрин, косметикаларын кэпсиибин. Розима Литвинова ырыаҕа дьоҕурдааҕа билиннэ, онон мантан инньэ баҕар сахалыы-кэриэйдии ыллаан туруохпут. Инньэ гынан, бу түмсүү талаан арыллар уйатынан буолла. Хаан-уруу аймах дьүөгэлэр көрсүбүппүтүттэн, эдьийдии-балыстыы истиҥ сыһыаннаахпытыттан дьоллоохпут. Саха сиригэр кэлэн үлэлээбит, олохсуйбут кэриэйдэр историяларын үөрэтии уонна кинигэ оҥорон таһаарыы онуоха барытыгар улахан суолталаах буолбута. Кинигэ биһигини барыбытын түмпүтэ. Махталбыт улахан. Өбүгэлэрбит онтон үөрэр уонна биһигини үөһэттэн хайаан да араҥаччылыыр буолуохтаахтар.
Дианна Тен кэпсээнэ ити курдук буолла.
Оттон түмүктээн этэр буоллахха маннык. Кэлии кэриэй омук дьоно Саха сирин историятыгар хаалларбыт суолларын туһунан өссө төгүл ахтан-санаан ааһарга тоҕоостоох кэм кэллэ, быһыыта.
Ол да курдук, Саха сиригэр сэбиэскэй былаас олохтонуутугар, норуот хаһаайыстыбатын сүрүн салаалара — тыа хаһаайыстыбата уонна көмүс бырамыысыланнаһа сайдыыларыгар киллэрбит кылааттара, Аҕа дойду улуу сэриитин уордаах сылларыгар саха дьонугар улахан өрүһүлтэ, көмө буолбуттара элбэҕи кэпсиир. Оттон биһиги, кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ, аҕа дьоммутун үтүө тылларынан куруук да ахтабыт, үтүөлэрин умнубаппыт.
Валерия ТЕМЕНХОН, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.
Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…