Муус устар 26 күнүгэр Суотту орто оскуолатын актовай саалатыгар «Айар» кинигэ кыһата 2022 сыллаахха таһаарбыт «Корейцы в истории Якутии» кинигэтин билиһиннэрии буолла. Өссө 2020 сыллаахха «Бичиккэ» «Саха кэриэйдэрэ — утум тардыыта» диэн 400-тэн тахса сирэйдээх кинигэни күн сирин көрдөрбүттэрэ.
Бу икки кинигэни Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Валерия Ивановна Теменхон кэриэйдэр Саха сиригэр олохсуйбуттара 160 сылын көрсө, кэриэй омук үһүс көлүөнэ сыдьааннарын ахтыыларыгар, архыып докумуоннарыгар олоҕуран таҥан, аттаран оҥорбут. Өссө 2023 сылга үктэнэн баран, эдэр сааһыгар олохтон туораабыт, бэйэтин кэмигэр сыаналамматах Иванов Николай Гаврильевич үлэтин Гуманитарнай чинчийии института таба көрөн, научнай кинигэни таһаарбыт.
Биллэрин курдук, билиҥҥи оҕо, ыччат кэриэй тыыныгар олорсон, ким да соҥнооботун үрдүнэн бу омугу батыһар. Оҕолор, үтүктүспүт курдук, кэриэй мультигар, киинэтигэр, ырыатыгар бэл диэтэр аһыгар тиийэ ыллардылар. Кэриэй омук ааспыт үйэ саҥатыттан, төһө да дьоппуон омук батталыгар олордор, эстэн-быстан хаалбакка, норуот быһыытынан симэлийбэккэ билигин сайдан-силигилээн, аан дойдуга биллэр биир сайдыылаах судаарыстыба буолла. Сүрэхтэрэ-бэлэстэрэ, үрдүк култууралара киһини сөхтөрөр.
«Корейцы в истории Якутии» кинигэ тахсарыгар бэйэтин ахтыыларынан кылаатын киллэрсибит, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, сааһын тухары Суотту орто оскуолатыгар историгынан, психологынан, бибилэтиэкэринэн үлэлээбит Бочкарева-Пак Татьяна Васильевна кинигэни сырдатта, төрдүн-ууһун кэпсээн дьон болҕомтотун тарта.
2019 сыллаахха «Саха кэриэйдэрэ» диэн бассаап бөлөх тэринэн, төрүччүлэрин түөрсэннэр, 4 сыл иһигэр 3 кинигэни таһаарбыттар.
Татьяна Васильевна саха кэриэйдэрэ община тэриллэн, кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын билэн үөрүүтэ муҥура суох. Оннооҕор аҕата Пак Баһылай Сеул таһыгар баар куоракка 1902 төрөөбүтүн, 8 саастааҕар дьоппуон Кэриэйэни сэриилээн барытын бэйэтин бас билиитигэр ылан, сирдэрин-уоттарын уҥа-хаҥас ыскайдаан, кэриэйдэргэ дьоппуон гражданствотын иҥэрэн, сөбүлэспэттэри дойдуларыттан ускайдаан бэйэтин былааһын олохтообут. Аҕата Пак Баһылай төрдүс түһүмэҕинэн 1925 сыллаахха кулун тутарга Амур өрүһү туораан, Кытайынан Благовещенскайга кэлэр. 1928 сыллаахха Алдаҥҥа көмүскэ үлэлии сырыттаҕына, Саха АССР обкомун уурааҕынан кэриэйдэри тыа хаһаайыстыбатыгар туһанарга ыйыы кэлэр. Кырдьык, ити кэмҥэ, кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, Саха сирин тыатын нэһилиэктэригэр кэриэйдэр үлэлээбиттэрэ чахчы. Пак Баһылай бу сүүрээҥҥэ хабыллан, Үөһээ Бүлүү Дүллүкүтүгэр түбэһэр. Дьэ итинник, кэриэйдэр үтүөлэринэн Саха сирин оройуоннарыгар оҕуруот олордуутунан утумнаахтык дьарыктанан, сахалар сиргэ сыстан, сэрии аас-туор кэмнэригэр, сут кураан сылларыгар элбэх киһи хоргуйууттан быыһаннаҕа.
Пак Баһылай Нам олохтоох кыыһын кэргэн ылан ыал буолар. 1938 сыллаахха ССРС дьоппуоннуун сыһыаннара тыҥыыр. Ол кэмҥэ репрессия үгэнэ буолан, кэриэйдэри тутуу-хабыы саҕаланар. Кэриэй аймах дьоппуон үспүйүөнэ аатырар. Пак Баһылай 5 сылга хаайыыга түбэһэр. 5 оҕо төрүүр дьылҕатыгар сылтан ордук ГУЛАГ хаайыытыгар олорбутун кэннэ буруйа суоҕа дакаастанан босхолонор. Ол эрээри, үйэтин тухары кэтэбилгэ ананан, оннооҕор ыарыйдаҕына балыыһаҕа көрдөрөр бырааба быһыллан, онно-манна барара-кэлэрэ бобуллар.
Билигин санаан көрдөххө, бу тыйыс дойдуга хабыр кэмҥэ сэттэ көлөһүннэрин тоҕон үлэлээн, кытаанах сокуоҥҥа хабыллан, биир тылы билбэт туспа омук сиригэр төһөлөөх эрэйи-муҥу көрбүттэрин бэйэлэрэ эрэ билэн эрдэхтэрэ. Түгэнинэн туһанан, булдунан иитиллэн олорбут айылҕа оҕолорун сиргэ сыһыарбыт кэриэй үлэһит дьонугар махтаныах тустаахпыт.
Татьяна Васильевна аҕата ыарахан олохтон доруобуйата айгыраан, эдэр сааһыгар олохтон туоруур. Биэс сылы сыллатааҕы оҕолор ийэлэрин тула сүүрэн хаалаллар. Кыаммат олох кыһайан, Таня кыыс 5 Оҕо дьиэтигэр, 2 интэринээккэ иитиллэн, 9 оскуолаҕа үөрэнэн, оскуоланы бүтэрэн олох киэҥ аартыгар үктэнэр. Кэриэй хааннара тардан буолуо, биэс оҕо бэһиэн соҕуруу куораттарынан араас идэҕэ үөрэнэн үлэһит буолан, олоххо чиҥник үктэнэллэр.
Татьяна Васильевна Иркутскайдааҕы педагогическай институкка логопед-дефектолог идэтин ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэн, 1971 сыллаахха Суотту орто оскуолатыгар ананан кэлэр. Манна кэргэн тахсан, үс оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, тоҕус сиэннэнэн, икки хос сиэннэнэн, билигин 77 сааһыгар сүһүөҕүн үрдүгэр үөрэ-көтө, сүүрэ сылдьар. Оҕолоро эмиэ бэйэтин курдук сүрэх-бэлэс, мындыр дьон.
Дойду оҥостубут Суоттута, сааһын тухары үлэлээбит оскуолата үлэтин үрдүктүк сыаналаан, «СӨ үөрэҕин туйгуна», «Уус Алдан улууһугар үөрэх сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлэринэн, үлэ бэтэрээнинэн чиэстээбитэ.
Бу кылгас суруйууга биир киһи олоҕун сырдатыы муҥурун булларыа суох.
Дьэ, итинник ураты тыыннаах тэрээһиҥҥэ сылдьан, билиибит хаҥаан, кэриэй омукка сүгүрүйүүбүт күүһүрэн тарҕастыбыт.
Татьяна Васильевна, кырдьары билиммэккэ, аһаҕас-амарах дууһаҕынан холобур буолан, уҕараабат үлэҕинэн-хамнаскынан, мындыр өйгүнэн-санааҕынан, араас куукулалары оҥорор дьоҕургунан дьоҥҥо-сэргэҕэ холобур буола сырыт!
Иннокентий ПОПОВ-ОҔУРУОТТААХ
Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо. [gallery…
Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…
Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…
Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…