«Саха киһитэ инникигэ эрэлин, күүстээх санаатын сүтэриэ суохтаах»
От ыйын саҕаланыыта өҥүрүк куйаастар сатыылаан турдахтарына Яков Артемьев массыынатыгар тобус-толору мал тиэнэн Хабаровскайга айаннаабыта. Кини этэҥҥэ тиийэн, Саха сирин волонтердара ыыппыт малларын Хабаровскайга баар өрөспүүбүлүкэ бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтигэр тиксэрбитэ.
Бу байыаннай чаастарга көмө быһыытынан ыытыллыбыт көмпүүтэр тиэхиньикэлэрэ: моноблок, көмпүүтэрдэр, принтердэр этэ. Биир кэлим сүрүннүүр киин чилиэнэ Светлана Диодорова-Лаврентьева бааһырбыт уол аҥаар илиилээх хайдах соҕотоҕун массыынаны ыытан тиийэр диэн долгуйбутун, саха эр киһитин тулуурун, хорсунун сөхтүм диэн эппитигэр бу уолу көрсөн кэпсэтиэххэ, баар эбит дии санаабытым. Бу күннэргэ түгэн көстөн, Яков Артемьевтыын кэпсэттим.
Байыаннай дьайыыга барыы
– Мэҥэ Хаҥалас улууһун Нуораҕана нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Ол гынан баран, Майаҕа улааппытым. Майатааҕы гуманитарнай хайысхалаах оскуолаҕа үөрэммитим. Ойор-тэбэр оҕо сааһым ийэм-аҕам, бииргэ төрөөбүттэрим тапталларыгар угуттанан ааспыта. Байыаннай дьайыыга барыам иннинэ Майаҕа 20 №-дээх баһаарынай чааска суоппарынан ситиһиилээхтих үлэлээбитим. Мобилизация саҕаланыаҕыттан байыаннай дьайыыга чугас аймахтарым, элбэх доҕотторум, билэр дьонум сылдьаллар. Ким эрэ мобилизациянан, ким эрэ бэйэтин баҕатынан барбыттара, ол иһин мин эмиэ туора турар сатаммат эбит диэн санаан, байыаннай дьайыыга барар бигэ санааны ылыммытым.
Мин билигин бааһыран госпиталга өр сытан эмтэнэн баран, дойдубар сынньанным. Антах баар доҕотторбор көмө-өйөбүл буолаары, ыксалынан төнүннүм. Уолаттарбар, туох кыалларынан, көмөлөһө-өйүү сатыыбын. Дьокуускайтан Хабаровскайга бэйэм массыынабынан барарга санаммытым. Ол кэмҥэ волонтердар көмө быһыытынан компьютернай тиэхиньикэни ыыта сатыы сылдьалларын билэн, илдьэргэ санаммытым. Элэс гынан ааһар олоххо киһиэхэ кыра даҕаны наада, иһирэх тыл, истиҥ сыһыан, үтүө дьыала…
Эһээбит суолунан
– Эппитим курдук, мин байыаннай дьайыыга уһуну-киэҥи толкуйдаан баҕа өттүбүнэн барбытым. Мин эһээм Михаил Яковлевич Артемьев эмиэ Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыта. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр элбэх киһи бэйэлэрин кэрэйбэккэ, фашистары утары дьоруойдуу охсуспуттара. Биһиги дьоллоохтук олорорбут туһугар. Ол эрээри устуоруйа хатыланар үгэстээх, аныгы кэмҥэ дойдубутугар суоһаабыт кутталы үтэйэргэ байыаннай дьайыыга биһиги, саха уолаттара кыттабыт. Убайым Станислав Артемьев Чечняҕа сылдьыбыта, билигин байыаннай дьайыыга кыттар. Биир быраатым Александр Артемьев эмиэ мобилизациянан ыҥырыллан байыаннай дьайыыга барбыта. Ити курдук биһиги эһээбит Михаил Яковлевич Артемьев бойобуой суолунан бардыбыт, ытык иэспитин чиэстээхтик толоро сылдьабыт.
Күүстээх санаа, бигэ турук
– Киһи бэйэтиттэн тутулуктаах, эйэлээх олоххо төннөн кэлэн, айылҕалыын алтыһан, өйү-санааны сааһылаан этэҥҥэ сылдьыахха сөп. Онуоха санааҕа-онооҕо ылларбакка, ыар санааны баттык оҥостубакка, ыксаабакка-ыгылыйбакка инники олоҕуҥ туһунан толкуйданыахха наада. Анараа буолбут түгэннэри, санаалары-оноолору миэстэтигэр хаалларар ордук, күүстээх санаа, бигэ турук кыайдаҕына барыта этэҥҥэ, орун-оннугар буолуоҕа дии саныыбын. Туох да син биир суола-ииһэ суох хаалбат, ол эрээри саха эр киһитэ былыр-былыргыттан олох эриирин-мускуурун тулуйан, киһилии сиэрин, инникигэ эрэлин, күүстээх санаатын сүтэрбэккэ баччаҕа диэри кэллэҕэ. Онон уһуну-киэҥи толкуйдуохха, киэҥ көҕүстээх, булгуруйбат санаалаах буолуохха наада.
Волонтердарга махтанабын
– Бастатан туран, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһө сылдьар бар дьоммор, волонтердарга уҕараабат кыһамньыларын, көмөлөрүн иһин махтаныам этэ. Бу сахалар олус түмсүүлээхпитин көрдөрөр. Байыастарыгар Саха сирин волонтердарын курдук көмөлөһөр эрэгийиэн суох дии саныыбын. Мин госпиталга киирээппин кытары, тута туох наадатын, туругум хайдаҕын билсэн барбыттара. Бааһырбыт саллааттарга ас астаан аҕалан аһатан, кыра оҕолуу бүөбэйдээн, санааларын көтөҕөртөн ордук туох кэлиэй. Госпиталга сытар киһи дойдутун аһын аһаатаҕына, сахалыы дуоһуйа кэпсэттэҕинэ, санаата көтөҕүллэр, охтубат бигэ тирэхтээх курдук сананар, түргэнник үтүөрэр. Онон байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттар ааттарыттан, амарах сүрэхтээх, үтүө санаалаах биир дойдулаахтарбытыгар улахан махталбытын этэбин, этэҥҥэ буолуҥ!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: