Саха киинэлэрэ 106 мөл.солкуобайы киллэрбиттэр

Саха сиригэр 50-ча киинэ оҥорор хампаанньалар, кэлэктииптэр үлэлииллэр. Балартан саамай бөдөҥ хампаанньанан 1992 сыллаахха тэриллибит «Сахафильм» буолар. Өрөспүүбүлүкэҕэ сылга 12 киинэ быһа холоон уһуллар. 2011 сылтан саҕалаан уопсайа 100 киинэ уһуллубут.
2023 сыллаахха киинэ индустриятын, анимацияны уонна цифровой эйгэни 2027 сылга диэри сайыннарыы туһунан кэнсиэпсийэ оҥоһуллубута.
Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, 2020 сылтан киинэ индустриятын сайдыытыгар сыл ахсын 80 мөл. солкуобай көрүллэр. Санатар буоллахха, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илиҥҥэ бастакы киинэ павильонун тэрийии бырайыагын өйөөбүтэ.
Үлэ номнуо саҕаламмыта, онон киинэ павильона 2027 сылга үлэҕэ киириэхтээх. Маны сэргэ бэрэсидьиэн «Экстра-синема» бырайыагы эмиэ өйөөбүтэ. Ол эбэтэр кыра нэһилиэнньэлээх пууннарга киинэни көрдөрүү буолар. Национальнай технологическай көҕүлээһин пуондата Саха сиригэр 100 киинэ саалатын тэрийиини үбүлүөҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: