Салгыы
Саха киинэтэ көрөөччүлээх буолуоҕа

Саха киинэтэ көрөөччүлээх буолуоҕа

Ааптар:
05.03.2023, 10:30
"Республика Z" киинэ устуутун түгэнэ. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

     Бу күннэргэ Саха сирин ситиһиилээх режиссердарыттан биирдэстэрэ, Костас Марсаан Максим Горькай аатынан киинэ устуудьуйатыгар туруорбут киинэтэ киэҥ экраҥҥа таҕыста. Саха киинэтин эйгэтигэр бу өссө биир бэлиэ олук. Бэрт соторутааҕыта “саха киинэтэ” диэн көстүүгэ дойдубут киинигэр туох эрэ дьикти, көрүдьүөс, хайдах үөскээбитэ өйдөммөт “экзотикаҕа” курдук сыһыан баара. Бүгүн улахан продюсерскай бырайыакка Саха сирин исписэлиистэрин ыҥыран үлэлэтии саҕаланан эрэр.

Киинэ устуутун түгэнэ. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ

Бүддьүөт улам улаатар

Уон сыл анараа өттүгэр киинэ оҥорон барыс киллэрэр туһунан санаа элбэх талаан­наах дьон өйүн-санаатын сүүйбүтэ. Биллэн турар, бу дьарык көннөрү урбаан буолбатаҕа – улахан үлэни, үгүс үбү бараан баран көрөөччү санаатын таппакка, барыһырыахтааҕар, төгүрүччү иэскэ киириэххэ сөбүн бары өйдүүллэрэ. Ити кэмнэргэ биир хас да ситиһиилээх бырайыагы түмүктээбит уол маннык диэн санаатын үллэстэн турардаах: “Саха сирин көрөөччүтүн сиэбин түгэҕэ бэлиэр көһүннэ, 750 тыһыынчаттан таһынан тахсан киинэ устар сатаммат, аһары түстэххэ, үлэҕин толу­йар харчыны төнүннэрэр бэрт саарбах буолар”. Ол эрэн, бу билгэ дорҕооно сойо да илигинэ, суол­тата сүппүтэ. Кэлэр сылларга “көҥүллэнэр” киинэ бүддьүөтүн таһыма үрдээн эрэ испитэ. Хаачыстыбаны үрдэтии көрөөччү модьуйуута эрэ буол­батаҕа – киинэ оҥорооччулар бэйэлэрэ даҕаны “амтаһыйан”, кыахтара үрдээн, биир быра­йыакка баранар үп муҥурун көрдүүр курдуктара.

Өскөтүн бастакы барыс киллэрбит киинэлэртэн биирдэс­тэрэ, 2004 сыллаахха уһуллубут Сергей Потапов “Мин тапталым” лиэнтэтэ 150 тыһыынча солкуобайга уһуллан баран, 500 тыһыынча солкуобай кэриҥэ барыс киллэрбит эбит буоллаҕына, 2010-с сыллар ортолоругар киинэ оҥоруутугар ортотунан 1,5 мөлү­йүөн солкуобай баранар буол­бута. Биллэн турар, 50-100 тыһыынча иһинэн бүддьүөттээх бырайыактар өссө да оҥоһуллар этилэр эрээри, ити номнуо ахсааҥҥа ылыллыбат,  “аралдьыйа таарыйа” устуу этэ. 2016 сыллаахха “Арт Дойду” продюсерскай киин “Сайсары күөлгэ” бырайыагар 5 мөлүйүөнтэн тахса үбү бараабытын олохтоох киинэһиттэр соһуйа, сөҕө истибиттэрэ. Киинэ оҥоруута “оҕо оонньуута” буолан бүппүтэ.

Харчы хантан кэлэрий?

Саха киинэтин туһунан суруйар суруналыыстар биир саамай сөҕөр түгэннэрэ – маннааҕы киинэни көрөөччү үбүлүүрэ буолар. Өскөтүн дойду киинигэр үгүс киинэ “Фонд кино” курдук судаарыстыба үбүлүүр пуондатын өйөбүлүнэн оҥоһуллар эбит буоллаҕына, маннааҕы киинэ көрөөччү атыыласпыт билиэтинэн үбүлэнэр. Биллэн турар, продактплейсмент, көннөрү реклама, спонсор харчыта эмиэ туһаныллар эрээри, сүрүн бүддьүөтү режиссер бу иннинэ устубут киинэтиттэн ылар. Эбэтэр, киинэ бырайыагын саҕалаабыт дьон бэйэлэрин сиэптэриттэн үп бырахсаллар, холобур, “Агент Мамбо”, “Кэрэл” курдук саамай ситиһиилээх киинэлэр итинник үбүлэммиттэрэ.

Кэнники сылларга оҥорууга анаммыт үп атын источниктара баар буоллулар. “Синет” чааһынай хампаанньа өрөспүүбүлүкэ сайдарыгар аныыр бырагыраамаларыттан биирдэстэринэн «Синет Сахавуд» грантовай бырагы­раама буолбута. 2019 сылтан саҕалаан бу көҕүлээһин чэрчитинэн сыл аайы питчинг ыытыллар, 10 кыайбыт бырайыак 200 тыһыынчаттан 1,5 мөлүйүөҥҥэ тиийэ көмө үбү ылар. Сүрүн ирдэбил – питчинг кыттыылааҕа бырайыак көрөөччүтүн сайдарга көҕүлүөхтээх, эбэтэр Саха сирин таһыгар быракаакка тахсар кыахтааҕын көрдөрүөхтээх.

Олохтоох киинэни Саха сирин бырабыыталыстыбата хаһыс да сылын өйүүр. Култуура уонна духуобунас министиэристибэтэ Арассыыйа кинематографистарын кытта Саха сиринээҕи бастакы кинопитчинг диэн тэрээһини 2016 сыллаахха ЯМКФ бэстибээл чэрчитинэн ыыппыттара. 10 кыайыылаах бырайыак 4 мөлүйүөн кэриҥэ үбү туппута. Даҕатан эттэххэ, ол питчинг бастакы кыайыылааҕынан Magdis киинэ устуудьуйа “Егор Чээрин” бырайыага буолбута. 2018 сылга Иккис кинопитчинг ыытыллыбыта (биир сүрүн кыайыылаах бырайыак “Дьулуур. Мас-рестлинг”). Бу тухары өрөспүүбүлүкэ дьаһалтата киинэ оҥоруутун өйөөһүн хайысхатыгар улахан үлэ ыыппыта, ол түмүгэр ааспыт сайын Ил Түмэн 409-6 №дээх  «О государственной поддержке кинематографии в Республике Саха (Якутия)» диэн сокуону ылбыта.

Өрөспүүбүлүкэ таһыттан болҕомто

“Саха киинэтин феномена” диэн сенсация аҥаардаах кэпсэтии уонтан тахса сыл киин СМИ сирэйдэриттэн түспэт этэ эрээри, дьиҥнээх, харчыны тардар интэриэс балай да өр кэм устата суоҕа. “Сахалар сахаларга анаан киинэ усталлар” диэн өйдөбүл олохтоммута. Бу өйдөбүлү бигэргэтэрдии, бүтүн Арассыыйатааҕы быракаакка тахсарга сити­һиилээх холонуу суоҕун кэриэтэ этэ. Уустук киинэни сөбүлүүр аҕы­йах көрөөччүлээх араҥа эрэ сэҥээриитин ылар бырайыактары өйүөн баҕарар продюсер көстүбэтэҕэ. Ол эрэн, “Тойон Кыыл”, “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт”, “Хара хаар”, “Пугало” киинэлэр улахан киинэ бэстибээллэргэ сүрүн бириистэри ылбыттарын кэнниттэн, сахалыы киинэни аҥаардас экзотика эрэ курдук санааһын  симэлийэн барбыта.

Владимир Мункуев “Нуучча” диэн киинэтин Борис Хлебников уонна Александр Плотников диэн биллэр продюсердар өйөөбүттэрэ. Вацлав Серошевскай “Хаайыылаах” диэн сэһэнигэр олоҕурбут киинэни олоччу Арассыыйа продюсердара үбүлээбиттэрэ. Киинэ төһө ситиһиилээх буо­луон сөбө билигин да биллибэт – киинэ өссө даҕаны быракаакка тахса илик.

Оттон “Кэрэни көрбүт” уус-уран киинэ Арассыыйа Култуура министиэристибэтин күрэҕэр кыттан 20 мөлү­йүөн солкуобай үбү ылбыта, ону кытта Саха сирин бырабыыталыстыбата 9 мөлүйүөн курдугу үбүлээбитэ. Бу быра­йыагы “Сахафильм” национальнай киинэ хампаанньатын кытта Арассыыйа киин эрэги­йиэнигэр үлэлиир “Автор” киинэ устуудьуйа иилээн-саҕалаан оҥорбуттара.

Арассыыйаҕа биллэр ааттаах режиссердарбыт Степан Бурнашев, Дмитрий Давыдов уо.д.а. эмиэ Саха сирин таһыттан өйөбүл ылан, бырайыактарын олоххо киллэрэр кыахтаммыттара.

Ити курдук, кыра кыралаан, бэйэ дьонун саататар баҕаттан оҥоһуллар кыракый киинэттэн Саха сирин киинэ индус­т­рията улахан бүддьүөттээх киинэҕэ кубулуйан эрэр диэххэ сөп буолла.

Уустуктар

Сайдыы атын тэтиминэн барыаҕын биир сүрүн атахтыыр түгэн баар. Саха сиригэр оҥоһуллубут киинэ Арассыыйа үгүс (ол эбэтэр элбэх ах­­сааннаах, харчы киллэрэр кыахтаах) көрөөччүтүгэр тиийэрэ уустук быһыылаах. Холобур, туох да уустуга суох ис хоһоонноох “Кэрэни көрбүт” киинэни астына көрбүт көрөөччүлэр рецензияларын аахтахха, бары кэриэтэ “олус дьикти, атын киинэҕэ майгыннаабат тутуллаах киинэ” дииллэр. Аны атын дойду көрөөччүтүгэр анаан оҥоһуллубут киинэ сахалыы киинэ сүүйүүлээх өрүттэрин сүтэрэр курдук. Холобур, “ДетСАТ” холбоһук кыттыы­лаахтара Казахстан киинэ ус­­тааччыларын кытта “Охота на Севере” диэн ааттаах кэмиэдьийэ киинэни устубуттара. Онно нууччалыы өйдүүр киһи барыта өйдүүр “универсальнай” көрү-күлүүнү тутта сатаабыттара син табыллыбыт эрээри, дьиҥ сахалыы устубут кии­нэлэриттэн арыый тутах соҕус курдук көрбүтүм. Ити кыһалҕа кэмиэдьийэҕэ эрэ сыһыан­нааҕа буолуо дии санаабаппын. Ыстатыйа иннигэр ахтыллыбыт “Детектор” киинэ Саха сиригэр ханан даҕаны сыһыана суох, оҥорооччуларын иһигэр саха уола эрэ үлэлииринэн, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр сыһыаннаах.

Ол эрэн, “улахан иһит кэһиэхтээх” дииллэригэр дылы, Арассыыйа курдук улахан аудиториялаах ырыынакка сахалыы киинэ бэрт элбэх бэйэтин тус көрөөччүтүн булар кыахтаах. Дьаныһан туран үлэлиэххэ эрэ наада.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
9 сентября
  • 3°C
  • Ощущается: 3°Влажность: 87% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: