Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Share

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха “Сахафильм” судаарыстыбаннай национальнай киинэ хампаанньатыгар кубулуйбута.

Бүгүҥҥү күҥҥэ “Саха­фильм” Уһук Илиҥҥэ бастыҥ көрдөрүүлээх, Арассыыйаҕа биэс бастыҥ хампаанньа иһигэр киирэр. 30 сыл устата айар кэлэктиип 172 киинэни устубут, 60 наҕарааданы (ол иһигэр 21 Гран-при бирииһи) ылбыт.

2019 сылтан саха киинэтигэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн өйөбүл оҥоһуллар. Култуураны сайыннарар судаа­рыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн, киинэ устарга анаан сыллата үп көрүллэр. Киинэ индустриятын сайыннарыы кэнсиэпсийэтэ ылыллыбыта. 2022 сылтан саха киинэтин судаарыстыбаннай өйөбүлүн туһунан сокуон ылыллан, үлэлиир.

“Сахафильмтан” ураты “Күн оҕолоро”, “Сайсары Синема”, “Т-Три”, “Тарагай Синема”, “Хитс продакшн”, ИП Давыдов, “Хикифильм”, “Чолбон продакшн”, “Сайдам Барыл”, ArtDoydu, Magdis, о.д.а. көҥүл устуудьуйалар тэриллэн, киинэни уһулаллар. Кинилэр киинэлэрэ бэстибээллэргэ 50-ча бирииһи, ол иһигэр, 9 Гран-при бирииһи ылбыттара (“Костер на ветру”, “Кэрэл”, “Черный снег”, “Кыталыктаах кырдалым”, о.д.а.).

2013 сылтан Дьокуус­кайдааҕы киинэ бэстибээ­лэ ыытыллар. 2021 сылга диэри “Култуура” национальнай бырайыак тус сыаллаах бырагырааматынан өрөспүүбүлүкэҕэ саҥа киинэ саалалара арыллыбыттара. 2022 сылтан “Экстра Синема” тэрилтэҕэ саха исписэлиистэрэ киинэ проекторын оҥорон, дьоҕус саалалары үлэлэтэллэр. Бу бырайыагы 2023 сыллаахха бэрэсидьиэн Владимир Путин бэлиэтии көрөн, өйөөбүтэ.

Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүү­бүлүкэҕэ 117 киинэ саалата баарыттан, “Экстра Синема” технологиятынан үлэлиир 70 саала баар. Киинэни көрдөрүү ситимин кэҥэттэххэ, саха киинэтин көрөөччүтэ элбиир, дохуота да улаатар. Дьон улахан экрааҥ­ҥа саҥа киинэлэри көрөрүн сөбүлүүр, маассабай култуура, сынньалаҥ биир көрүҥэ буоллаҕа. Киинэ павильона тутуллан, олоххо киирдэҕинэ, хам­сааһын өссө күүскэ барыаҕа.

Каадыры бэлэмнээһин боппуруоһугар эмиэ болҕомто ууруллар. Кэнники сылларга киинэ эйгэтигэр Саха сирин уонна Арассыыйа үрдүк үөрэх кыһаларыгар 200-тэн тахса киһи үөрэнэн, продюсер, режиссер, оператор, дорҕоон режиссера, худуоһунньук, көмпүүтэр графикатын исписэ­лииһэ, тыйаатыр, киинэ артыыһа идэлэри ­баһылаатылар.

Саха киинэлэрэ “Амазон”, “Окко”, Wink, Ivi онлайн киинэ тыйаатырдарыгар бааллар, тута холбоон көрүөххэ сөп.

Онон саха киинэтэ 30 сыл иһигэр эрэ (кэнники 10 сылга да диэххэ сөп) сөҕүмэр ситиһиилэннэ. Ураты култуурунай көстүү быһыытынан Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, аан дойдуга билиниини ылла. Төрүт култуураны, үгэстэри, устуоруйаны харыстыырга, сайыннарарга төһүү буолар.

Билигин Саха сирэ киинэни оҥорон таһаарыыга Москва уонна Санкт-Петербург кэнниттэн үһүс миэстэлээх.

“Саҥа таһымҥа тахсар кэм кэллэ”

«Сахафильм» дириэктэрэ Алексей Егоров саха киинэтэ өссө саҥа таһымҥа тахсыах­таах диэн этэр.

— Ил Дархан 2030 сылга диэри креативнай индустрияны сайыннаран, саха киинэтэ атын таһымҥа тахсарын, сылга 2,5 миллиард солкуобайы хомуйар кыахтанарын ситиһэр соругу туруорбута. Онон бэстибээллэринэн эрэ сылдьыбакка, киинэ индустрия­тын тэрийэр, ол эбэтэр, киэҥ көрөөччүгэ тахсар, кэмиэр­чэскэй өттүнэн ситиһиилээх буолар соруктаахпыт. Бастаан Арассыыйаҕа, онтон аан дойдуга тахсыахтаахпыт. Маннык улахан сыал эбии үбү-харчыны эрэйэр. Бу уустук сорук, ол эрээри, стратегическай былааны ылыннахха, кыаллыан сөп.

Бэстибээл нөҥүө киинэни таһаарыы, биллэн турар, үчүгэй хайысха. Киинэ кириитиктэрэ ылыннылар, сыаналаатылар. Ол эрээри, киэҥ көрөөччүгэ тахсарга маркетинг былаана наада. Ханнык баҕарар киинэни оҥорооччулар устан баран, аан бастаан дьоҥҥо ону сырдатар соруктаахтар. Онон “Сахафильм” соҕотох судаарыстыбаннай хампаанньа буоларынан, өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр саха киинэтин сырдатыынан дьарыктаныахтаах.

Арассыыйа дистрибьютордара саха киинэтин маассабай көрөөччүгэ тиэрдэр интэриэс­тэрэ суох. Бэйэлэрин систиэмэ­лэринэн үлэлээбиттэрин курдук үлэлии олороллор. Онон итини бэйэбит илиибитигэр ыллахпытына сатанар буолла.

Холобур, биир киинэ 35-40 мөлүйүөн солкуобайы хомуйда диэн үөрэбит да, ити өрөспүүбүлүкэ иһиттэн хомуллубут харчы буолар. Арассыыйаҕа 600 киинэ тыйаатырыгар көрдөрбүппүт эрээри, муҥутаан 3 мөлү­йүөн солкуобай киирбитэ. Дистрибьютордар итинник ороскуокка үлэлээбэттэр.

Саха сиригэр саҥа киинэ таҕыстаҕына, рекламаҕа
1 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ барар. Дьиҥэ, саха көрөөччүтэ саҥа киинэни күүтэр, көрүөн баҕарар буоллаҕа. Оттон, холобур, Татарстааҥҥа букатын билбэт дьон көрө кэлэллэрин туһугар төһө үп бараныай?

Арассыыйа көрөөччүтүгэр тахсарга киинэ тиэмэтин, ис хоһоонун эмиэ уларытыахха, биллэр киинэ “сулустарын” устуохха, киин сир хампаанньаларын кытта үлэлэһиэххэ наада. Ол эрээри, бэйэбит уратыбытын сүтэриэ суохтаахпыт. Бу уустук сорук эрээри, кыаллар дьыала дии саныыбын.

Биир улахан кыһалҕа – тиэхиньикэнэн хааччыллыы. Саха сиригэр киинэлэр 80−90%-ра “Сахафильм” тиэхиньикэтин уларсан, уһуллаллар. Аны тиэхиньикэ наһаа түргэнник эргэрэр. Сыыппара эйгэтигэр ый аайы туох эрэ саҥардыы тахсан иһэр. Үрдүк таһымнаах киинэни устар буоллахпытына, тиэхиньикэнэн хааччыллыыбыт эмиэ үчүгэй буолуохтаах. 2-3 сыл буола-буола саҥардан иһиэхтээхпит.

Саха киинэтин салгыы са­­йыннарар, балысхан сыаллары туруорунар буоллахпытына, судаарыстыба көмөтө суох сатаммаппыт.

2023 сылга – саха киинэтэ 100 мөлүйүөн солкуобайы;

2024 сылга – 150 мөлүйүөн солкуобай дохуоттанна.

2030 сылга – 2,5 миллиард солкуобайга тиийиэхтээх.

“Киинэ суолтата улаатта”

Алексей Романов, режиссер, «Сахафильм» уус-уран салайааччыта:

— Киинэ маассабай ускуустуба буоларынан, дьон өйүгэр-санаатыгар дьайарын күүһүнэн, билиҥҥи кэмҥэ суолтата улаатта. Аныгы технологиялар, оҥоһуу өй бэрт тэтимнээхтик сайда туралларынан, бэл, киинэ ускуустубатыгар лаппа дьайыахтарын сөп. Онон аныгы кэмҥэ ону дьаалатынан ыыппакка, сайдар суолбутун, хайа диэки барарбытын торумнуохтаахпыт. Саха киинэтэ саҥа таһымҥа тахсар кэмэ кэллэ.

Арассыыйа сылга 160-ча киинэни оҥорон таһаарар. «Мосфильм» генеральнай дириэктэрэ Карен Шахназаров этэринэн, Арассыыйа сылга 500 киинэни оҥоруохтаах. Бу бачча ахсааны ситэргэ эрэгийиэннэр оҥорор киинэлэрэ эрэ көмөлөһүөн сөп.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

1 час ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

2 часа ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ханна ноҕурууска улаханый?

Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…

3 часа ago