Саха киинэтэ Соҕуруу Кэриэйэҕэ сүрэхтэннэ

Саха киинэтэ Соҕуруу Кэриэйэҕэ сүрэхтэннэ

16.05.2023, 15:09
СИА хаартыската.
Бөлөххө киир:

Соҕуруу Кэриэйэ Пусан куоратыгар Айаал Адамов  «Айыы Куо» киинэтэ аан дойдутааҕы премьерата буолла. Саха режиссерун киинэтэ Арассыыйа аатыттан бэстибээлгэ кытынна. Быйыл бэстибээл 40-с төгүлүн ыытылынна. Барыта 113 дойдуттан 3582 сайаапка киирбититтэн, шорт лиискэ 40 хартыына хапсыбыт.

Мистическэй драмаҕа икки эдьиийдии-балыстыы кыргыттар тустарынан кэпсэнэр. Устудьуон кыыс эдьиийэ өлбүтүн туһунан истэр. Кини Санкт-Петербург куораттан тыа сирин дэриэбинэтигэр эдьиийин көмө кэлэр. Кыыс манна аны урукку олоҕор төннөр кыаҕа суоҕун өйдүүр.

Айаал Адамовы үгүстэр «Злой мамбет» быһыытынан билэллэр. Кини кавер-версияларын элбэх киһи көрбүтэ. Айаал билигин Санкт-Петербурга баар Александр Сокуров мастарыскыайын бүтэрбитэ. Бу киинэ режиссер дипломнай үлэтинэн буолар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: