Салгыы
Саха куттаах Василий Егоров

Саха куттаах Василий Егоров

25.01.2025, 12:00
Хаартыска: Василий Егоров тус архыыбыттан.
Бөлөххө киир:

Арассыыйа успуордун үтүөлээх маастара, Аан дойду вице-чөмпүйүөнэ, Европа икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, Арассыыйа 5 төгүллээх чөмпүйүөнэ  Василий Егоров улахан успуортан тохтуур киирсиитэ «Вызов Севера» диэн профессиональнай буокса киэһэтигэр филиппинеһи эрэллээх кыайыынан түмүктэммитэ. Бүгүн аатырбыт боксер олоҕун, улахан успуорт, кыайыытын-хотторуутун, былаанын туһунан биһиги хаһыаппытыгар кэпсиир.

Хаартыска: Василий Егоров тус архыыбыттан.

Дьиэ кэргэнин туһунан

– Василий, дьонуҥ, бииргэ төрөөбүттэриҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?

– Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хара нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Бииргэ төрөөбүттэр төрдүөбүт, мин ыал кыра оҕотобун. Төрөппүттэрим олохторун тухары үлэни өрө туппут дьон. Ийэм Людмила Иннокентьевна балыыһаҕа үлэлээбитэ, оттон аҕам Михаил Николаевич – суоппардаабыта. Саамай улахаммыт эдьии­йим Алена, ол кэннэ Николай, онтон Михаил кэлэр. Биһиги дьиэ кэргэммит успуорду олоҕун аргыһынан оҥостубута. Ийэм сүүрүүнэн, аҕам ха­­йыһарынан дьарыктаммыттара. Эдьиийим Алена волейболунан, Николай буоксанан, Михаил атах оонньууларынан үлүһүйэллэрэ. Төрөппүттэрим олохторун тухары үлэни, ус­­пуорду, чөл олоҕу тутуһан кэлбит буолан, бэйэлэрин үтүө холобурдарынан биһигини ииппиттэрэ. Билигин сиэннэр ситиһиилэринэн үөрдэллэр. Николай уола Эрик буоксанан, быыһыгар олоҥхону толоруунан дьарыктанар. Эдьиийим уонна уба­йым кыргыттара урут сүүрүүнэн дьарыктаммыттара.

Хаартыска: Василий Егоров тус архыыбыттан.

– Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ эрэ.

– Бэйэм дьиэ кэргэним туһунан кэпсиир буоллахха, кэргэним Анжелика диэн. 2013 сыллаахха билсэн, балайда өр кэмҥэ бэйэ-бэйэбитин тургутан көрөн бараммыт, 2019 сыллаахха ыал буолбуппут. 2021 сыллаахха уол, оттон ааспыт сыл бүтүүтэ кыыс оҕоломмуппут. Кэргэним өр сылларга мин аттыбар бэринии­лээхтик сылдьан, хотторор да, кыайар да түгэннэрбэр өйөөн, өйдөөн, тирэх буолан кэллэ. Бэйэ-бэйэбитин олус күүскэ таптаһан, өйдөһөн олоро­бут. Биһиги дьиэ кэргэн сахалыы тыыннаах диэххэ сөп. Уолбут Дархан 3 сааһыттан сахалыы уһуйааҥҥа сылдьар. Саха киһитин сиэринэн уолбутун бэйэбит холобурбутунан иитэбит. Айылҕаҕа сылдьабыт, онно окко-маска, тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга, сиэри-туому тутуһарга үөрэтэбит. Тоҕо сахалыы иитиини тутустуҥ диэтэххэ, биһигини оҕо эрдэхпититтэн төрөппүттэрбит бэйэлэрин кытары илдьэ сылдьан сиэрдээхтик олорорго үөрэппиттэрэ, сахалыы тыыҥҥа ииппиттэрэ. Сахатын тылын билэр, тыынын илдьэ сылдьар киһи хаһан даҕаны өлөн-охтон биэриэ суоҕа.

Улахан успуорка

– Буоксанан дьарыктаныыҥ хаһааҥҥыттан саҕаламмытай?

– 2006 сыллаахтан. Бастаан оскуолаҕа алын кылааска үөрэнэ сылдьан атах оонньууларынан Борис Ильиҥҥэ дьарыктанан испитим. 6-с кы­­лааска киирэрбитигэр тириэ­ньэрбит атын сиргэ көспүтэ, ол иһин аны улахан убайбын батыһан, буоксаҕа киирбитим. Убайдарым миэхэ мэлдьи холобур буолаллара. Буоксаҕа бастаан кэлэрбэр эрчийбит, успуорт бу көрүҥүн ураты алыбар угуйбут киһинэн Афанасий Федорович Петров буолар. Онтон Майаҕа Василий Юрьевич Шестаковка дьарык­таммытым. Ол кэннэ 10-с кылааска Дьокуускайга
Р.М. Дмитриев аатынан олимпийскай эрэллэр спортивнай училищеларыгар киирбитим.  Онно биэс сыл успуорт маастара Александр Григорьевич Петров дьарыктаабыта.

– Улахан успуорка тахсаргар аатырбыт тириэ­ньэр Артур Пахомов дьарыктаабыта?  Кини хайдах тириэньэр этэй?

– Мин 8-9 кылаастарга үөрэнэ сылдьан сайыҥҥы өттүгэр Аллараа Бэстээххэ «Манньыаттаах» диэн лааҕыр­га дьарыктана барарым, ол сырыттахпына үтүөлээх тириэ­ньэр Артур Иннокентьевич Пахомов бэлиэтии көрбүтэ. 2011 сыллаахха аан бастаан Арассыыйаҕа эдэрдэргэ бастаа­бытым. Ол кэмтэн ыла Артур Иннокентьевич 2020 сылга олохтон барыар диэри мин аттыбар баара. Ураты муударай, үтүө киһи этэ. Кинини мин эһээм курдук саныыбын, хомойор да, үөрэр да, кыа­йар да, хотторор да түгэннэрбэр мэлдьи өйөбүл буолара. Мин күрэхтэһиилэрбин, эрчиллиилэрбин биири даҕаны көтүппэтэҕэ, оннук дьыалатыгар бэриниилээх этэ. Түгэнинэн туһанан, кини үрдүк аатыгар сүгүрүйэбин, киниэ­хэ уонна дьиэ кэргэнигэр махталбын тиэрдэбин. Артур Иннокентьевиһы кэргэнэ Наталья Васильевна уонна дьиэ кэргэнэ олус күүскэ өйүүллэр этэ. Пахомовтар бэйэ-бэйэлэрин олус таптаһаллара, истиҥник сыһыаннаһаллара, ытыктаһаллара. Миигин бэйэлэрин оҕолорун курдук өйүүллэрэ.

– 2020 сыллаахха ти­риэ­ньэриҥ суох буолбутугар, кыайыыгын киниэхэ анаабытыҥ…

– 2020 сыллаахха Арас­сыыйа чөмпүйэнээтигэр улахан дьоҥҥо бастаабы­тым уонна кыайыыбын кини кэриэ­һигэр анаабытым. Артур Иннокентьевич мин Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр бэлэмнэнэ сырыттахпына суох буолбута. Кини аатын үйэтитии барар. Былырыын Ньурба көһө сылдьар тыйаатыра Саха тыйаа­тырыгар кэлэн Артур Пахомов олоҕун туһунан «Дьоһун олох оҥкуллара» испэктээги көрдөрбүтэ. РФ физическэй култууратын үтүөлээх үлэһитэ, РФ уонна СӨ үтүөлээх тириэньэрэ, буоксаҕа ССРС успуордун маастара Артур Иннокентьевич Пахомов аата Олимпийскай эрэллэр буоксаҕа спортивнай оскуолаларыгар иҥэриллибитэ. Ааспыт сыл күһүнүгэр кини кэриэһигэр 15-16 саастаах уолаттар ортолоругар норуоттар икки ардыларынааҕы буоксаҕа күрэхтэһии ыытыллыбыта.

Кыайыылар, былааннар

– Кыайыы улахан сыранан, дьаныардаах дьарыгынан кэлэр буолуохтаах.

– Биллэн турар, кыайыы хаһан да чэпчэкитик кэлбэт. Ханна эрэ эчэйэҕин, ыйаа­һын түһэрэҕин, сылга 6-7 ый дьоҥҥун көрбөккүн, элбэхтэн аккаастанаҕын. Киһи уйулҕа да, эт-хаан да өттүнэн сылайар. Онуоха бэйэҕэр эрэллээх буоллаххына эрэ, барыта кыаллар, атыттары кыайаҕын. Бэйэм холобурбун аҕаллахпына, 2016 сыллаахха Олимпиадаҕа кыттыбытым, мэтээлгэ тиксибэтэҕим. Ол кэнниттэн улахан охсууну ылбытым. Оччолорго 23 саастаах оҕотук этим. Хас эмэ сылы быһа бэлэмнэнэн баран мэтээлгэ тиксибэтэҕим кыһыылаах этэ. Ону чугас дьонум өйөөннөр, бэйэм ис са­­наам күүһүн көрдөрбөтөхпүнэ, ыарахан буолуо диэммин, салгыы дьарыктанар өссө улахан сыаллары туруоруммутум. Ол сыл Арассыыйаҕа бастаабытым. 2017 сыллаахха Европа чөмпүйэнээтигэр, атын даҕаны күрэхтэһиилэргэ кыайбытым. Онон этиэм этэ, ханнык да түгэҥҥэ, санааны түһэрбэккэ, дьаныардаахтык дьарыктанан иннигит диэки баран иһиэх­хитин наада.

– Улахан успуор­тан барар бүтэһик киирсиигэр кыайыам диэн эрэнэр этиҥ дуо?

– Былырыын күһүөрү-кыһын улахан успуортан тохтуохпун наада эбит уонна бүтэһик киирсиибин төрөөбүт дойдубар,  Сахам сирин дьонугар-сэргэтигэр махталбын биллэрэн түмүктүөм диэн быһаа­рыммытым. Кыайыам диэн эрэллээх этим. Кэтэр таҥаспын эрдэттэн анаан тиктэрбитим. Түөспэр «Егоров» диэн суруктаах, сүрэҕим өттүгэр Саха сирин былааҕа, уҥа өттүбэр Арассыыйа былааҕа бааллара, шортикпар саха буоларым быһыытынан, «саха» диэн этэ. Рингэҕэ миигин кытары Гоша Васильев-Джида тахсыспыта. Джида патриотическай ырыалара мэлдьи мин санаабын бөҕөргөтөллөр уонна кини биир дойдулааҕым буолан, күүспэр күүс эппитэ, куппун-сүрбүн өрө көтөхпүтэ. Онон барыта санаам хоту буол­бута. Биһиэхэ, Саха сирин боксердарыгар, кэлэн ыалдьыбыт дьоҥҥо улахар махталбын тириэрдэбин.

– Инникитин туох былааннааххын?

– Бу сыллар тухары Арас­сыыйа уонна Саха сирин чиэһин көмүскээн кэллим. Ол эрээри ханна даҕаны тиийдэрбин мэлдьи сахабын, Саха сириттэн сылдьабын диибин. Күрэхтэһиигэ киирсэ сырыттахпына кэмэнтээтэрдэр мэлдьи Саха сириттэн сылдьар диэн кэпсииллэр. Онон Саха сирин туһунан мэлдьи ыйыталлар, интэриэһиргииллэр. Өрөспүүбүлүкэ ханнык баҕарар муннугуттан эрийээччилэр, суруйааччылар, кыайыыны баҕарааччылар.

Ааспыт сыл ахсынньытыгар улахан успуортан бардым, билигин оскуолаларга, кэллиэстэргэ сылдьан оҕолорго маастар-кылаастары ыытабын, көрсүһүүгэ сылдьабын, атын да тэрээһиннэргэ ыччаты, устудьуоннары кытары көрсөбүн. Оҕолору кытары сирэй көрсөр олус улахан оруол­лаах, кинилэр сыал-сорук туруоруналларыгар олоххо сити­һиилээх киһи сабыдыала улахан буолар.

– Василий, кэпсээниҥ иһин махтанабын! 

+1
17
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
31 января
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: