Саха кыыһа Анкара куоракка ыллаата

Share

Турция Анкара куоратыгар Арассыыйа норуоттарын сомоҕолоһуутун күнүгэр анаммыт кэнсиэргэ саха кыыһа Лиза Маслякова ыллаата. Кини Анкара куорат оскуолатыгар сэттис кылааска үөрэнэр.

 

Бэҕэһээ, сэтинньи 12 күнүгэр, Анкара куоракка Арассыыйа наукатын уонна култууратын киинигэр Сомоҕолоһуу күнүгэр анаммыт тэрээһиннэри түмүктүүр оҕо айар кэлэктииптэрин кэнсиэрэ буолан ааста. Кэнсиэргэ Мирнэй оройуонун Арыылаах нэһилиэгиттэн төрүттээх Лиза Маслякова сахалыы ыллаан иһитиннэрдэ.

Лиза Дьокуускайдааҕы үчүгэйдик көрбөт уонна истибэт оҕолор интернат-оскуолаларыгар үөрэнэ сылдьан, үһүс кылааска Турцияҕа ийэтинээн көһөн кэлбиттэрэ. Лиза кыратыттан сахалыы, нууччалыы ырыалары сөбүлээн ыллыыр. Билигин өссө турок тылынан ыллыыр.

Сахабыт сиригэр үчүгэйдик көрбөт оҕолорго аналлаах оскуола киин куораппытыгар эрэ баар. Онон кыыспын үөрэттэрээри Мирнэйтэн Дьокуускайга көһөн кэлбиппит. Лиза бастакы кылаастан оскуола иһинээҕи хорга кыттан ыллаан барбыта. Ырыаны кыратыттан олус сөбүлүүр. Манна кэлэн баран оскуолаҕа бастаан хоһоон аахпытын, онтон нууччалыы ыллаабытын истэн, учууталлара тута бэлиэтии көрөн, оскуола иһинээҕи тэрээһиннэргэ кытыннаран барбыттара. Билигин оскуолатааҕы туох баар тэрээһиннэри Лиза ыытар, ону таһынан Анкараҕа Арассыыйа култууратын дьиэтэ, Турцияҕа Саха сирин землячествота ыытар тэрээһиннэригэр барыларыгар көхтөөхтүк кыттар, — диэн бэлиэтиир Лиза ийэтэ Лилия Эльгисовна.

Лиза Анкара куоракка баар Арассыыйа наукатын уонна култууратын киинигэр иккис сылын вокал секциятыгар дьарыктанар.

Бу култуура киинигэр оҕолорго аналлаах араас секциялар, куруһуоктар үлэлииллэр. Лиза вокалга иккис сылын дьарыктанар. Бу киин нуучча эрэ култууратын буолбакка, Арассыыйа эрэгийиэннэрин, ону сэргэ Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэрин норуоттарын култууратын барытын хабан көрдөрөр, тарҕатар. Манна ыытыллар тэрээһиннэри куорат олохтоохторо сэргээн көрөллөр. Биир бэйэм кыыһым саха тылын, саха култууратын Турция курдук киэҥ сиргэ тарҕата сылдьарыттан олуһун киэн туттабын, — диэн этэр Лилия Эльгисовна.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

6 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирэ ойууру чөлүгэр түһэриигэ бастыҥ буолла

«Рослесхоз» официальнай саайтыгар ойуур култуураларын олордуутун сезонун түмүгэ таҕыста. Саха сирэ дойду бары эрэгийиэннэрин ортотугар…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор оскуола эбии дьиэтэ тутуллар

Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор 450 миэстэлээх оскуола эбии дьиэтэ салгыы тутуллар. СӨ вице-премьера Дмитрий Садовников улэ хаамытын…

36 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ахсынньы 14-15 күннэригэр сылаас өрөбүл күннэр күүтэллэр

Саха сирин үгүс оройуоннарынан салгын температурата  нуорматтан ортотунан 3-тэн 10 кыраадыска тиийэ үрдүк буолара сабаҕаланар.…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Госдуума ахсынньы 31 күнүн үлэлээбэт бырааһынньык күнүнэн оҥорортон аккаастанна

Бу иннинэ ЛДПР РФ Үлэ кодексыгар уларытыылары киллэрэри туруорсубута. Оччотугар ахсынньы 31 күнэ үлэлээбэт бырааһынньык…

51 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Дэриэбинэчээн” норуодунай аата көмүскэннэ!

Ахсынньы 11 күнүгэр Кэбээйи улууһун Мукучутааҕы "Дэриэбинэчээн" норуот тыйаатыра Кэбээйи нэһилиэгэр норуодунай аатын көмүскүү икки…

1 час ago