Быйыл саас Альбина Николаева диэн саха кэрэчээн кыыһа стюардесса пуормалаах турар хаартыската социальнай ситиминэн тарҕаммытын, Саха сирин олохтоохторо бары даҕаны сэргии, киэн тутта көрбүппүт. Кини бу күннэргэ «Эмирейтс» («Emirates») авиахампаанньаҕа улахан тургутугу ааһан, үлэҕэ киирдэ. «Эмирейтс» авиахампаанньа аан дойду биир саамай бөдөҥ хампаанньатынан биллэр. Маннык улахан хампаанньаҕа биһиги кыыспыт хайдах киирбитин, үлэ-хамнас туһунан кэпсэттибит.
– Альбина, эн хантан хааннааххын, кимтэн кииннээххин сиһилии кэпсээ эрэ.
– Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. 8-с кылааска Үөһээ Бүлүүтээҕи М.А. Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ туттарсан киирбитим. Лиссиэй кэнниттэн Новосибирскай куоракка Сибээс кэллиэһигэр үөрэммитим.
Дьонум дойдуларыгар Үөһээ Бүлүүгэ олороллор. Мин саамай кыраларабын, ийэм уонна эдьиийдэрим Лия уонна Валентина бүөбэйдээн, көрөн-истэн улаатыннарбыттара.
– Эн «Эмирейтс» аан дойдутааҕы авиахампаанньаҕа стюардессалыыгын. Хайдах тиийэн хааллыҥ? Тоҕо бу идэни талбыккыный?
– Новосибирскайга үөрэхпин бүтэрэн баран, «Победа» авиахампаанньаҕа сүүмэрдээһини ааһан киирбитим. Үс сыл үлэлээн баран «Эмирейтс» авиахампаанньаҕа туттарсан киирэн, үлэлии сылдьабын. Өссө билигин эбии ХИФУ-га кэтэхтэн «реклама уонна уопсастыбаннаһы кытары сибээс» үөрэҕэр киирдим. Мэлдьи авиацияҕа үлэлээбэтим чахчы, ол иһин эбии идэ хайаан даҕаны наада дии саныыбын.
Стюардесса идэтин талбытым диэн, мин бэйэм аһара актыыбынай киһибин, биир сиргэ олорбоппун, аан дойдуну көрүөхпүн-билиэхпин баҕарар баҕа санаам баһыйан, сири-дойдуну тилийэ көтөр үлэ миэхэ барсар дии санаабытым. Ол иһин Арменияҕа «Эмирейтс» авиахампаанньаҕа сүүмэрдээһин ыытыллар диэни истэммин, билиэт ылаат бэйэм онно көппүтүм. Тиийээт туттарса барбытым уонна сарсыныгар киирбиппин билбитим. Улахан тургутугу аастаххына авиахампаанньа бэйэтэ үөрэтэр, ханна да бэйэҥ туспа баран үөрэнэриҥ наадата суох эбит.
– Маннык улахан хампаанньаҕа үлэлии киирэргэ куонкурус бөҕө аастаҕыҥ? Бу хампаанньаҕа үлэлиир хайдаҕый?
– Дубайга быйыл кулун тутар 15 күнүгэр, оруобуна төрөөбүт күммэр көтөн кэлбитим. Номнуо алта ый ааһа охсубут. Кэлэн баран икки ый үөрэммитим. Түөрт ыйы быһа холоон көрөр болдьохпор (стажировка курдук) көппүтүм, онно бэйэҕин көрдөрөҕүн, хайдах үлэлииргин сыаналыыллар, онтон дьэ эксээмэн туттараҕын. Сыл аҥаара ааһа охсон, холоон көрөр, бэрэбиэркэлиир болдьохторо саҥа бүттэ. Күүскэ бэлэмнэнэн эксээмэннэрбин ситиһиилээхтик туттаран билигин «Эмирейтс» авиахампаанньа дьиҥнээх үлэһитэ буоллум.
Эрдэ авиацияҕа үлэлии сылдьыбытым туһалаан, миэхэ наһаа ыарахан буолбатах. Үлэбин сөбүлүүбүн, баҕарбытым курдук араас дойдуларынан көтөбүн. Ыарахана диэн чаһыыҥ, күнүҥ-дьылыҥ уларыйа сылдьара буолар, тоҕо диэтэххэ, хас даҕаны континенынан көтөбүт. Онон уугун ханарыҥ даҕаны уустук.
– Омук хампаанньатыгар үлэлиир буоллаххына, омук тылын олус үчүгэйдик билэр буоллаҕыҥ? Хас тылы билэҕин?
– Төрөөбүт сахам тылын, нуучча тылын уонна английскайдыы билэбин. Оскуолаҕа үөрэнэрбэр английскай тылы наһаа сэҥээрээччим суоҕа, улаханнык даҕаны билбэтим. «Победа» авиахампаанньаҕа киирэн баран, онно сыл аайы английскай тылыгар эксээмэн туттарарбыт. Ол иһин бэйэм үөрэтэн, холкутук кэпсэтэр буолбутум. Оттон «Эмирейтскэ» туттарсыы туһунан билэн бараммын, бэйэм, репетитора эҥин суох, күүскэ дьарыктаммытым.
– Оҕо эрдэххинэ ким буолар баҕа санаалаах этигиний?
– Оҕо сылдьан санаам элбэхтик, сыл аайы да уларыйара, бастаан стоматолог, атыылааччы, нуучча тылын учуутала, о.д.а. Стюардесса эрэ буолуом, Дубайга эрэ тиийиэм дии санаабат этим.
– Саамай өйдөөн хаалбыт көтүүҥ ханна этэй? Биир эбит көтүүгэ ураты быһыы-майгы, күлүүлээх дуу, соһуччу дуу түбэлтэ буолбута дуу?
– Хас биирдии көтүү хатыламмат, күн аайы араас омук киһитэ, араас пассажирдар, аан дойдуттан барытыттан сылдьар кэллиэгэлэр… Култууралара, майгылара-сигилилэрэ атын, ол эрээри бары биир ирдэбиллээхтик үлэлиир буоламмыт, чэпчэки. Биир түгэн өйбөр хатанан хаалбыт, Австралия Брисбен куоратыгар көтөн истэхпитинэ, сөмөлүөт тэлэбиисэрин экраныгар бары дьахталлар футболларын көрбүттэрэ, хайдах эрэ туспа, ураты интэриэһинэй атмосфера этэ.
– Эн санааҕар, биисинэс уонна эконом-кылаас пассажирдара туох уратылаахтарый?
– Мин билигин эконом-кылааска үлэлиибин, биисинэс кылааска биир-икки сылынан туспа тургутугу, үөрэҕи ааһан киирдэххинэ, үлэлиигин. Өссө биисинэс кылаастан үрдүк бастакы-кылаас диэн баар. Онно эмиэ туспа үөрэх ирдэниллэр.
– Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕын?
– Кэнники арыый да ыктарыылаах кэмнэр аастылар. Дьиҥинэн, иллэҥ кэммэр эппин-хааммын чэбдигирдэ успуор саалатыгар сылдьарбын, дьиэбэр йоганан дарыктанарбын, кинигэ ааҕарбын сөбүлүүбүн. Арассыыйаҕа үлэлиир эрдэхпинэ, модель быһыытынан араас устууларга, көрдөрүүлэргэ кыттааччыбын. Билиҥҥитэ онон дьарыктаммакка сылдьабын. Ол оннугар кэнники бириэмэҕэ табаарыстарым, дьүөгэлэрим сүбэлээн, ютуб ханаал аһаммын, сылдьыбыт араас дойдуларым туһунан кылгас блогтары устан таһаарабын.
– Альбина, кэпсээниҥ иһин махтанабын, үлэҕэр ситиһиини баҕарабын!
– Сахаҥ сирин, дьоҥҥун төһө ахтаҕын?
– Ыраах тэлэһийэ сылдьар киһи дойдубун, дьоммун ахтан бөҕө буоллаҕа дии. Ол гынан баран, билиҥҥи үйэҕэ, төлөпүөнүнэн быһа сибээс баар буолан, чугас дьоммун, доҕотторбун кытары видео нөҥүө кэпсэтэ турабын, онон улаханнык чуҥкуйбаппын. Төрөөбүт Харбалааҕым кэрэ айылҕатын, дьиэбин, сир астыырбын, сайыммын олус ахтабын, санаатахпына уйадыйан ылабын. Ол эрээри дойдубар тоҕо эрэ наар кыһын барабын, оттон, дьиҥинэн, сайын тиийэн сынньаныахпын наһаа баҕарабын.
Икки күн устата ыытыллыбыт "Бизнес-Экспо 2024" Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…
Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…
Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…
2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…
Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…
“Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…