Салгыы
Саха литэрэтиирэтэ —  аныгы кэмҥэ

Саха литэрэтиирэтэ —  аныгы кэмҥэ

17.09.2024, 19:00
Хаартыска: "Айар"
Бөлөххө киир:

“Айар “ национальнай кинигэ кыһатыгар саҥа бэчээттэнэн кэлбит кинигэлэр ортолоругар филология билимин хандьыдаата Саргылаана Еремеевна Ноева “Саха литературата аныгы кэмҥэ: сайдар тосхоллор, саҥа ааттар»  диэн кинигэтэ  баар.

Саха литэрэтиирэтин билиҥҥи туругун, ураты суолун-ииһин, сайдар тосхоллорун туһунан маннык киэҥник ырытыы бэчээттэммэтэҕэ ыраатта. Онон бу кинигэни саха литэрэтиирэтин сэҥээрэн, кэтээн көрөн, ырытан ааҕааччылар сэргии билсиэхтэрэ, устудьуоннарга, тылы уонна литэрэтиирэтин чинчийээччилэргэ интэриэһинэй буолуоҕа.

Хомуурунньук бастакы чааһа “Аныгы саха прозатын уратыта, сайдар хайысхалара”  диэн литэрэтиирэ билиҥҥи туругун туһунан ырытыыга анаммыт. Эдэрдэр айымньыларын, юрист, эмчит идэлээх суруйааччылар айымньыларын уус-уран уратытын таба көрөн, бэлиэтээн суруйуу интэриэһинэй.

“Айысхаана прозата—аныгы кэм сиэркилэтэ”,  “Дмитрий Наумов кэпсээннэригэр алаас поэтиката”,  “Иннокентий Иванов  “Чуумпу Бүлүү” арамаанын кэрэхсэбилэ”, “Быраас суруйааччы Анатолий Слепцов кэпсээннэрин күүһэ”,  о.д.а ыстатыйаларга биирдиилээн суруйааччылар айар үлэлэрэ ырытыллыбыт.

Аныгы саха литэрэтиирэтин, суруйааччылар айар үлэлэрин анаарар саҥа кинигэни ааҕыҥ, билсиҥ.

Галина ВАСИЛЬЕВА

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: