Саха литературатын киэҥ араҥаҕа таһаарар кинигэ сүрэхтэннэ

Share

От ыйын 6 күнүгэр СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр  Саха сирин норуодунай суруйааччыта Павел Харитонов-Ойуку «Хоболоох суол” кинигэтин тылбааһа сүрэхтэннэ.

“Бубенцы над Леной”  —  суруйааччы ааспыт үйэ  1917-1939 сыллар устуоруйаларыгар анаммыт төрдүс кинигэтэ. Ойуку  кинигэ  дьоруойдарын,  Саха сирин төрүт олохтоохторун, дьаамсыктар нөҥүө Иркутскай-Дьокуускай почта суола оҥоһуллуоҕуттан ыла өрөбөлүүссүйэ кэмигэр диэри устуоруйаны хабан суруйбут.  Хаҥалас улууһун эрэ буолбакка, бүтүн Саха сирин устуоруйатын  кырдьыктаахтык көрдөрбүт. Ону сэргэ,  арамааҥҥа  өрөспүүбүлүкэ Арассыыйаны кытары сибээһэ, дьаамсыктар уонна олохтоохтор араас кыһалҕаны кыайыылара, судаарыстыбаннай диэйэтэллэр уопсай бэлитиичэскэй олоххо дьайыылара  кэпсэнэр.

“Мин арамааным дьоруойдара —  бары репрессияҕа түбэспит дьон. Арамааммын  тустаах үлэм, даачабын туттуу, сир ылан оҥостуум быыһыгар, 20 сыл устата суруйдум. Ол гынан баран,  биир да күн дьоруойдарбын, сюжеттары санаабатах күнүм суоҕа. Өрөбүллэргэ¸бырааһынньыктарга дьаныһан туран үлэлээбитим.

Дьаамсыктар манна 1770 сылтан олохсуйан барбыттара. Кинилэри манна  аҕалан баран, төрүт да умнан кэбиспиттэр.  Мин көрдөхпүнэ, саамай дьадаҥылар кинилэр эбиттэр, улуу нуучча дьоно буолан баран,  тоҕо бэйэтин дьонугар кыһаллыбатый дии саныырым. Дьаамсыктар хас да көлүөнэлэрэ  араас кыһалҕаны көрсүбүтттэрэ, үһүс көлүөнэттэн саҕалаан  сорохтор төрөөбүт нуучча тылларын умнан, сахалыы эрэ саҥараллара эбэтэр оскуолаҕа нууччалыы эрэ үөрэнэллэрэ. Онтон өрөбөлүүссүйэ саҕаланыаҕыттан ыла  уһулуччулаах судаарыстыбаннай диэйэтэллэр  дьаамсыктарга улахан болҕомтону ууран барбыттара.  Аны туран ордук быраабынан туһанар курдук буолбуттара.  Холобур, сирдэрэ-уоттара эрдэ бэриллибит буоллаҕына, кэлин оҕолонон-урууланан сирдэрэ кыччаан испитэ. Ол аайы олохтоохтор сирдэриттэн  быһа тутан биэрэн иһэллэрэ. Онон, баҕар,  омуктар  атааннаһыылара да тахсыан сөп этэ да, олох оннук буолбатаҕа. Эйэ дэмнээхтик олорбуттара.

Уопсайынан, айар үлэбин саха литературатугар умнууга хаалбыт тиэмэни суруйууттан  саҕалыахпын баҕарбытым, кинилэри сырдатыыны ытык иэспинэн ылыммытым”, — диэн Николай Харитонов-Ойуку  кэпсээтэ.

Онтон тылбаас үлэтэ  2007 сылтан саҕаламмыта. Тылбаасчыттар Аита Шапошникова уонна Любовь Борисова  түөрт кинигэни тылбаастаан, саха литературатыгар, кэлэр көлүөнэҕэ  тугунан да сыаналаммат улахан үлэни оҥордулар.

СӨ норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов  суруйааччы арамаана тылбаастанан киэҥ араҥаҕа тахсыбытын, икки норуот олоҕун көрдөрөн дириҥ ис хоһоонноох түмүктэри оҥорбутун үрдүктүк сыаналаата.

«Саха сирин суруйааччыларын ассоциациятын» бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ  Олег Сидоров иилээн-саҕалаан ыыппыт тэрээһинигэр Саха сирин суруйааччылара: Наталья Харлампьева,  Николай Лугинов,  Семен Попов-Сэмэн Тумат, Гаврил Андросов, тылбаасчыттар Аита Шапошникова, Любовь Борисова, “Хаҥалас түмсүү” уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта Афанасий Владимиров, Покровскайтан ыалдьыттар, кинигэ тахсыытыгар үлэлэспит дьон  уо.д.а. кытыннылар.

Кинигэ таһаарыытыгар  Саха сирин суруйааччыларын ассоциацията, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, “Хаҥалас түмсүү” уонна “Күн судаар дьаамсыктар удьуордара»  уопсастыбаннай тэрилтэлэр үлэлээтилэр. Кинигэ күн сирин көрөрүгэр СӨ судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ Анатолий   Добрянцев саҕаттан саҕалаан (бүгүн кэргэнэ Светлана Васильевна Добрянцева кыыһынаан кытыннылар),  хаҥаластар, өрөспүүбүлүкэ  улахан тэрилтэлэрэ, ол иһигэр “Сахатранснефтегаз”, Кыайыы пуондата, “Сахамедиа” холдинг (генеральнай  дириэктэр Виктор Колесов)  уо.д.а. көмөлөстүлэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

6 часов ago