Саха литэрэтиирэтин хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ — Валентина Семенова
Валентина Григорьевна Семенова – учуутал, салайааччы, учуонай, саха литэрэтиирэтин хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, үнүбэрсиэккэ үлэлээбитэ 30 сыл буолла. Бүгүн, бэс ыйын 12 күнүгэр кини үбүлүөйдээх сааһын бэлиэтиир.
Бастыҥ устудьуон – уопуттаах настаабынньык
Валентина Григорьевна 1982-1987 сылларга биһиги сахабыт салаатыгар үөрэммит биир бастыҥ устудьуоммутунан буолар. Кини үөрэнэр кэмин устата «научнай хомуньууһум» үөрэҕэр ылбыт соҕотох «4» сыаната кыһыл дьупулуому ыларын мэһэйдээбитэ. Үөрэҕэр үчүгэй, уопсай үлэҕэ көхтөөх устудьуону үһүс кууруска үөрэнэ сырыттаҕына, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтигэр үнүбүрсүөт уокуругуттан, дэкээн И.Г.Спиридонов мэктиэлээһининэн дьокутаатынан талбыттара. Кини онно ыччат кэмитиэтигэр үлэлээбитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар устудьуоннар тутар этэрээттэрин хамсааһынын биир көҕүлээччи, тэрийээччи быһыытынан улахан кылааты киллэрбитэ. Уопсай үлэни салайыы улахан оскуолатын барбыта. «Алмаас» этэрээт үрдүкү салалтатын састаабыгар талыллыбыта. ИФФ-га тэриллибит 7 тутар этэрээккэ ыстаап начаалынньыгынан анаммыта уонна бэйэтэ 4 сыл устата кыргыттар «Сыккыс» тутар этэрээттэрин салайан, Сунтаар улууһун «Кириэстээх», «Элгээйи» сопхуостарыгар, Амма улууһун Алтаныгар, Уус Алдаҥҥа Түүлээх, Танда титииктэригэр ыанньыксыттаабыта.
Үөрэнэрин устата 14-с куорпус солбуллубат хамыһаара буолан, устудьуоннар көхтөөх олохторун иилэспитэ-саҕаласпыта. Бэйэтэ кууруһугар ыстаарасталаан, бииргэ үөрэнэр оҕолорун үөрэххэ, успуорка, чинчийэргэ уонна уопсай үлэҕэ көҕүлээбитэ. Билигин дьүөгэлэрэ, доҕотторо хаһыакка кэрэспэдьиэнинэн, оскуолаҕа учууталынан, саабыһынан, дириэктэринэн ситиһиилээхтик үлэлииллэр, билим да аартыгар кимиилээхтик дабайаллар. Холобур, Герасим Герасимович Левин — билим дуоктара, Наталия Васильевна Бурнашева билим хандьыдаата буолбуттара.
Онон Валентина Семенова устудьуон кэмигэр үрдүк үөрэх биэрбит бары үөрүйэҕин, уопсастыбалыы олоҕун оскуолатын ситиһиилээхтик ааспыта, билим бигэ акылаатын иҥэриммитэ. Билигин устудьуон аймах кыһалҕатын үчүгэйдик өйдүүр, дьоҕурун сатабыллаахтык арыйар уопуттаах настаабынньык.
Сэбиэскэй кэм ииппит ыччата
В.Г.Семенова бастыҥ устудьуон буолара мээнэҕэ буолбатах эбит. Кини оҕо сааһа эмиэ бэлиэ өрүттэрдээх. Бастакы уратытынан кыра нэһилиэккэ учуутал дьиэ кэргэнигэр бастакы кыыс оҕо буолан төрөөбүтэ буолар. Аҕата Григорий Егорович – учуутал, оскуола дириэктэрэ, нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ. Ийэтэ Розалия Терентьевна оскуолаҕа 50 сыл үлэлээбит үтүөлээх учуутал. Саха ыалыгар бастакы кыыс оҕо ыал иккис ийэтэ буолар. Дьиэ үлэтин толорооччу, балыстарын-бырааттарын көрөөччү, үлэҕэ-хамнаска көмөлөһөөччү, онтон кэлин бүтүн уруу-аймах олоҕун иилээччи-саҕалааччы. Валентина Григорьевна – ити үөрэҕи, оскуоланы, эбээһинэһи барытын баһылаабыт, толоро сылдьар киһи. Иккис уратыта – кини үс оскуолаҕа: Өкүндү үс кылаастаах, Бөкчөҥөө аҕыс кылаастаах, Чернышевскай (2-с Чочу) орто оскуолаларыгар үөрэммитэ буолар. Ол тухары — интэринээт иитиллээччитэ. Онон уопсай олоххо буспута-хаппыта өйдөнөр.
Үһүс уратыта – үөрэххэ тардыһыылаах, өрүү үчүгэй үөрэнээччи буола сылдьыбыта киниэхэ үөрэххэ, үлэҕэ дьаныардаах буолар хаачыстыбаны үөскэппит. Нуучча тылын, саха тылын, литэрэтиирэтин ордук сөбүлээн (баҕар учууталларын ордорон) дьарыктаммыт. Учуутала Николай Николаевич Седалищев суолун солоон, нуучча тылын учуутала буолаары үөрэҕин бүтэрээт, бастыҥ үөрэнээччи буолан, Хабаровскайга баран үрдүк үөрэххэ туттарсан, куонкуруска кыайтарбыт. Онон, улаханнык бэлэмнэнэн, аймаҕа, биллиилээх тыл үөрэхтээҕэ П.С. Афанасьев сүбэтинэн, саха салаатыгар туттарсан устудьуон буолбут.
Төрдүс уратыта – үөрэнэрин устата «Пионерская правда» хаһыаттан аадырыс ылан, уһуннук чех уонна башкир оҕолорун кытары суруйсубута буолар, сэбиэскэйдии доҕордоһуу оскуолатын ааспыт.
«Аахса барбаппыт атын омук диэн, атастарга үөрэбит. Арахсыбаппыт хара-үрүҥ, илиибитин биэрэбит» диэн интэринэлиистии өйгө-санааҕа иитиллибит.
Бэһис уратыта – дьон, уопсастыба дьүүлүн, сыанатын улаханнык баардылыыр сиэргэ-майгыга, суобаска уһуйуллубут. Онон иэһин толорон, «Производство-үрдүк үөрэх» диэн хамсааһыны өйөөн, икки сыл хомсомуол бучуопкатынан Ст. Аржаков Өкүндүтээҕи этдэлиэнньэтигэр субай сүөһүнү көрөр звено салайааччытынан уонна хомсомуол тэрилтэтин сэкиритээринэн талыллан, ыччаты көҕүлээн үлэлэппитэ. Хомуньуустуу үлэ удаарынньыга буолбута.
Валентина Григорьевна төлөннөөх оҕо сааһын уота суолдьут сулус буолан, уопсастыба олоҕор көхтөөхтүк кыттар үөрүйэҕэ кинини үйэтин тухары арыаллыыр. Хаапыдыра, үнүстүүт, үнүбэрсиэт уонна өрөспүүбүлүкэ бары тэрээһиннэригэр көхтөхтүк кыттар, тэрийсэр, салайсар.
Үнүстүүт бастыҥ хаапыдырата
Хотугулуу-илиҥҥи олохтоох омуктар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтэ 2010 с. Саха тылын уонна култууратын бакылтыатын оннугар тэриллибитэ. Саҥа тэриллибит Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай үнүбэрсиэт олохтоох омуктар тылларын, култуураларын харыстыыр, сайыннарар тутаах хайысхатын иилиир-саҕалыыр соругу ылыммыта. Суһаллык бакылаабыр, магыыстыр үөрэхтэрин киллэрии, билиминэн ону хааччыйыы соруга турбута.
Валентина Григорьевна хаапыдыратын үлэһиттэрэ «Литэрэтиирэ үлэһитэ» хайысханы үнүстүүккэ биир бастакынан киллэрбиттэрэ. Бу салаа устудьуоннара үөрэххэ көхтөөхтөр, элбэх тэрээһиҥҥэ кытталлар, айар үлэнэн күүскэ дьарыктаналлар, айар тэрилтэлэри кытта ыкса сибээстэһэллэр. «Сэргэлээх уоттара» түмсүүлээхтэр. Ол — хаапыдыра учууталларын үтүө холобурдара, тэрийэр үлэлэрин түмүгэ.
Валентина Григорьевна тус көҕүлээһининэн «Литературное творчество» диэн суруйааччыны, суруналыыһы, айар үлэһити бэлэмниир идэҕэ лисиэнсийэ ылбыттара. Үнүстүүккэ биир бастакынан саха литэрэтиирэтин идэтигэр магыыстыр буолар идэни арыйан үлэлэппиттэрэ. Билигин хаапыдыраҕа маны таһынан «Текстология уонна кириитикэ», «Маркетинг уонна спичрайтинг» идэҕэ магыыстыр үөрэҕин аһан үлэлэтэллэр. Онон, саха литэриитиирэтин хаапыдырата үнүстүүт идэлэрин сайдыытыгар көҕүлүүр, холобур буолар, лиидэрдиир балаһыанньалаах.
Литэрэтиирэ хаапыдаратыгар аспырантыыра ситиһилээхтик үлэлиир, ол түмүгэр саха литэрэтиирэтин идэтигэр билим дуоктардарын, хандьыдааттарын бэлэмниир диссэртээссийэ сэбиэтэ дьоһуннаахтык үлэлиир. Бэрэпиэссэр Н.Н.Тобуроков туруорсан арыйбыт үтүөлээх. Билигин үөрэнээччилэрэ В.Б.Окорокова, М.П.Попова салайаллар.
В.Г.Семенова хаапыдыра сэбиэдиссэйин быһыытынан улахан оруола өссө үс суол үлэтигэр көстөр. Бастатан туран, хаапыдыра учууталлара, устудьуоннар уонна учууталлар чинчийэр үлэлэрин дэгиттэрдик уонна утумнаахтык тэрийэллэр. Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ, үнүбэрсиэт таһымнаах элбэх кэмпириэнсийэлэри ыыталлар уонна ол матырыйаалын кэмигэр бэчээттээн таһааран иһэллэр.
Иккиһинэн, билимҥэ өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна үнүбэрсиэт сайдар бырагараамаларыгар кыттан тыл, култуура уонна литэрэтиирэ сайдыытыгар дьоһуннаах кылааттарын киллэрэллэр. Манна сэбиэдиссэй В.Г.Семенова, В.Б.Окорокова, М.П.Попова салайааччы, көҕүлээччи быһыытынан оруоллара улахан. Хаапыдыраҕа бэтэрээн учууталлар Н.Н.Тобуроков, В.Н.Протодьяконов, З.К.Башарина бу сылларга олус тахсыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Үөрэх кинигэлэрин таһынан, монографияларын бэчээттэппиттэрэ, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр улахан учуонайдар, устудьуоннар тапталларын ылбыттара. Хаапыдыра эдэр үлэһиттэрэ Л.П.Григорьева, Т.Н.Васильева, С.И.Егорова көхтөөхтүк уонна ситиһиилээхтик үлэлииллэр, устудьуоннары номуукаҕа уонна айар үлэҕэ көҕүлүүллэр, хаапыдыраларын үлэлэригэр кылааттарын киллэрэллэр.
Үсүһүнэн, үнүстүүт, үнүбэрсиэт, өрөспүүбүлүкэ иһинэн литэрэтиирэҕэ сыһыаннаах үгүс тэрээһиннэри оҥороллор, уопсай үлэҕэ көхтөөхтүк кытталлар. Манна барытыгар хаапыдыра сэбиэдиссэйин олоххо актыыбынай сыһыаннааҕа, салайар, тэрийэр сатабыллааҕа уонна киэҥ далааһыннааҕа көстөр. Валентина Григорьевна — хаапыдыра иһиттэн үүнэн-үөскээн тахсыбыт саҥа кэм салайааччыта. Уларыйыыга дөбөҥнүк үөрэнэр, олох тэтимин инники күөнүгэр сылдьар кэскиллээх үлэһит.
Учуутал, учуонай, суруйааччы
Валентина Семенова 1993 с. саха билэлиэгийэтин уонна култууратын кэҥээн, сайдан эрэр бакылтыатыгар тыл хайысхатыгар үлэҕэ киирбитэ. Ол гынан баран, оҕоломмут учууталы солбуйан литэрэтиирэни үөрэтээччи буолбута. Онтон саҕалаан кини учуутал, учуонай быһыытынан дьылҕата түстэммитэ.
Бастакы настаабынньыгынан үөрэппит учуутала В.Н.Протодьяконов буолбута, кини сүбэтинэн, холобурунан маҥнайгы лиэксийэлэрин бэлэмнээн аахпыта. Билигин устудьуон кэрэхсиир кэпсэллээх: олоҕу, ускуустубаны, остуоруйаны уонна култуураны ыпсаран, устудьуону умсугутар учуутал буола үүннэ. Устудьуоннарга «Алампа» диэн куруһуок тэрийэн үлэлэтэр. Хас да сыллааҕыта үнүбэрсиэккэ «Куруһуок бастыҥ салайааччыта» аатын ылбыта. Онуоха көмөлөстүлэр: кини утумнаахтык чинчийэр үлэнэн дьарыктаныыта, саха омугун үгэстэрин, култууратын, ускуустубатын кэрэхсээн үөрэтиитэ, кинигэ, халандаар оҥорор умсулҕана.
Валентина Григорьевна бэрэпиэссэр Н.Н.Тобуроков салататынан 1995-1998 сс. аспырантыыраҕа үөрэнэн, «А.И.Софронов хоһоонунан айымьыларын уус-урана» диэн тиэмэҕэ хандьыдьаат буолар диссэртээссийэни 1999 с. көмүскээбитэ. Ол үлэтиттэн сэдиптээн, Алампа олоҕун, айар үлэтин чинчийэр унньуктаах үлэтэ саҕаламмыта. А.И.Софронов олоҕор, айар үлэтигэр аналлаах 4 манагырааппыйаны, 4 үөрэх, 2 ахтыы кинигэтин уонна суруйааччы толору библиографиятын, «Талыллыбыт айымньыларын» 4 туомун улахан, дириҥ быһаарылаан, билим аппаарааттаан таһаарда. В.Т. Андросовы кытта «Алампа» диэн уопсастыбаны тэрийбиттэрэ. В.Г. Семенова салалтатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин сакааһынан, Култуура уонна духуобунас министиэристибэтин өйөбүлүнэн суруйааччыга аналлаах бастакы «А.И.Софронов тыын нэһилиэстибэтэ саха омугун култууратын утумугар» диэн анал сайт (alampa.s-vfu.ru) оҥоһуллан үлэлээбитэ. 2019 с. Валентина Семенова Алампаҕа тиэмэтин дириҥэтэн дуоктар диссэртээссийэтин ситиһиилээхтик көмүскээн, номуука дуоктара буолбута. Кэлиҥҥи сылларга саха литэрэтиирэтин өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи кэмин устуоруйатын дьаныһан үөрэтэр: икки үөрэх кинигэтин, саха бэчээтин бастакы таһаарыыларын хомуурунньугун, К.О. Гаврилов олоҕор, айар үлэтин туһунан кинигэни оҥордо.
Валентина Гигорьевна ыпсаҕай тыллаах кэпсээнньит, көрү-күлүүнү суруйар. Саха уруутун, остуолун иилиир-саҕалыыр кинигэлэри айар. Саха халандаарын оҥорор. Ол суруйууларын дьон биһириир. Кинигэлэр күнү көрдүлэр да, тута тарҕанан иһэллэр. Кини – литэрэтиирэ кириитигэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, учуонай дьахталлар түмсүүлэрин көхтөөх чилиэнэ.
Ити курдук, Валентина Григорьевна — дьоһуннаах үлэһит, ыпсарыылаах тэрийээччи, сатабыллаах салайааччы. Ону таһынан, барыга сыстаҕас: аска, таҥаска, ыпсаҕай кэпсэтиигэ, үөрүнньэҥ, ыалдьытымсах, дэлэгэй астаах остуоллаах хаһаайка. Хаһан да санаатын түһэрбэт, дьон киһитэ. Оҕолорун, аймахтарын тутаах киһилэрэ, муударай сүбэһиттэрэ.
Онон биһиги бүгүн В.Г. Семенованы – саха хоһуун Далбар-хотун дьахтарын, үнүбэрсиэт биир бастыҥ хаапыдыратын сэбиэдиссэйин, саха омугун култууратыгар дьоһуннаах кылааты киллэрэр учуонайын, саха литэрэтиирэтин биир биллэр-көстөр кириитик суруйааччытын, устудьуон аймах таптыыр, кэрэхсиир үнүбэрсиэт биир чулуу учууталын үбүлүөйүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит.
Г.Г.ФИЛИППОВ, филология наукатын дуоктара, бэрэпиэссэр
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: