Саха мааны аһа кымыс

Саха мааны аһа кымыс

Ааптар:
01.07.2023, 18:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Кырдьыгынан эттэххэ, өбүгэ мааны аһын, кымыһы, аныгы сахалар умнан эрэбит. Ааҕааччым, эт эрэ, хаһан биэ үүтүттэн көөнньөрүллүбүт кымыһы дуоһуйа испиккиний? Билигин икки иһиккэ кымыс кутан биэрдэххэ, хайата ордугун эрэллээхтик быһаарыаҥ этэ дуо? Дьиҥнээх кымыһы ордоруоҥ дуу, саахарынан минньитиллибити дуу?

Кымыс күндү ас

Күн аайы кымыһы элбэхтик испит саха, дьиҥэр, урут даҕаны ахсааннааҕа эбитэ буолуо. Үһүйээннэргэ уонна былыргы кэм туһунан кэпсээннэргэ кымыһы сааскы ыйдарга мунньан, ыһыах кэмигэр дуоһуйа иһэллэрин туһунан ааҕабыт. Тоҕо манныгый? Ис-иһигэр киирэн быһаарсан көрдөххө, бу өйдөнөр — кымыс элбэх буолуон сатаммат.

Тэҥнээн көрүөҕүҥ — ынах уонна биэ ыамын. Ынаҕы сарсыарда уонна киэһэ ыыллар, биир ынахтан сылга быһа холоон 1,5 туонна үүтү ылаллар (бу Саха сиригэр сыһыаннаах сыыппара, дойду арҕаа өттүгэр биир ынахтан 6–7 туоннаны ыыллар). Оттон биэни күҥҥэ хаста да ыыллар, оннооҕор сэттэтэ ыыллара иһиллэр. Биир ыамҥа 200–300 грамм үүтү ылаллар. Ынаҕы курдук күҥҥэ иккитэ ыыр тоҕо сатамматый? Бу сылгы оҥоһуутун уратытыттан тахсар. Биэ эмиийин синньэ кыра, оттон үүтү оҥорор дьоҕура үрдүк, онон түргэнник ыан иһэр ордук. Хаста да ыатахха, оччонон элбэх үүтү ылыллар. Сылга биэттэн 800 киилэ үүтү ылыы үрдүк көрдөрүүнэн ааҕыллар.

Маны барытын холбоон өйдөөтөххө, кымыһы оҥоруу олус сыралаах, онон биэ үүтэ ынах киэнин курдук элбэх буолбат. Ол иһин кымыс урут даҕаны, билигин даҕаны күндү ас.

Дьиҥнээх кымыс диэн тугуй?

Дьиҥнээх кымыс диэҥҥэ биир чопчу өйдөбүлү биэрэр уустук. Ол эрэн, Саха сиригэр кымыс туһунан бүтүн сокуон ылыллан турар. 2002 сыл алтынньы 17 күнүгэр N 64 З N 465‑II нүөмэрдээх “Саха сиригэр кымыһы оҥоруу” диэн ааттаах сокуоҥҥа бэрт кылгас да буоллар, кымыс диэн тугун быһаарыы баар. Аан тылыгар “Кымыс диэн биэ үүтүттэн оҥоһуллар аһытыылаах эмтээх ас…” диэн суруллубут. Саамай сүрүнэ, кымыс биэ үүтүттэн эрэ оҥоһуллар. Сахалар ынах үүтүттэн оҥоһуллар утаҕы быырпах диэн ааттаан иһэбит.

Кымыс иккис сүрүн састааба көөнньөрүүнү ыытар аһытыыта буолар. Сахаларга урут бастыҥ аһытыынан өр кэм устата кымыс иһитигэр сытан аһытыыны бэйэтигэр иҥэриммит сүөһү бэстээх иҥиирэ ааҕыллар. Күһүн, кымыстааһын бүтүүтэ, ити иҥиири ороон ылан, сыа-сым курдук тутан туспа ууран кэбиһэллэрэ. Бу ньыма тиһигин быспакка биһиги кэммитигэр диэри кэлбитэ эбитэ буоллар, Эллэй кымыһын көөнньөрбүт ацидофильнай палочкалара оҥорбут кымыстарын иһиэхпит этэ. Хомойуох иһин, кымыһы оҥоруу култуурата быста сылдьыбыт кэмнээх. Холкуостааһын кэмигэр, биэ үүтэ барыс киллэрбэт, судаарыстыбыннай экэниэмикэҕэ туһата суох буолан, кымыһы оҥоруу аанньа ахтыллыбат этэ. Онон кымыһы ким хайдах сатыырынан көөнньөрөр буолбута.

Билиҥҥи кымысчыттар ким суоратынан, ким аһыйбыт сүөгэйинэн кымыстарын көөнньөрөллөр.

Хата, былырыын, 2022 сыллаахха, ДьТХНЧИ учуонайдара уһун сыралаах чинчийии, кымыс оҥорооччулары кытта үлэлэһии түмүгэр “Якутская кымысная” диэн ааттаах аһытыыны сэртипикээттээбиттэрэ. Быйылгы тустаах күрэххэ хас даҕаны оҥорооччу бу аһытыыны туһанан мааны бэйэлээх кымыс аҕалан кытыннылар. Кымыһынан өр сылларга дьарыктаммыт дьон бу ситиһиини уруйдуу көрүстүлэр. Бу үлэ кымыс амтанын тупсарыыга эрэ буолбакка, кымыс уопсай стандартын булууга иннин диэки улахан хардыы буолар.

Ньулуун, аһыы, минньигэс?

Кымыс амтана хайдах буолуохтааҕый диэн ыйытыыга харда көрдөөһүн хаһан да уостубатах уһун мөккүөр. Омос санаатахха, биэ үүтүн аһытыы кутан көөнньөрүү судургу дьайыы, тахсар бородууксуйа бэйэ-бэйэтиттэн улахан туспалаах буолуо суох курдук. Ол эрэн, харайыыта, көөнньөрүү уһуна, кыра эбиискэлэр биир кымысчыт аһын атын кымысчыт оҥоһугуттан олох ураты амтаннаах эрэ оҥорор. Ким эрэ ньулуун, ким хатан амтаннааҕы, ким уохтааҕы оҥорорун ордорор. Дьиҥнээх кымыһы оҥорооччулар үгүстэрэ биир сөпсөһөр түгэннээхтэр, саахар эбэн минньитэр сыыһа! Оттон атыылаһааччы ону сөбүлэһиэ суох курдук. Аныгы дьон минньитиллибит утахтарга үөрэнэн хаалан төрүт өбүгэ ырысыабынан оҥоһуллубут кымыһы аһыырҕатар, атыылаһыан туттунар. Саханы дьиҥнээх кымыһы иһэргэ, амтаны арааран быһаарсарга үөрэтии уустук сорук буолан турар. Ол да буоллар, кымыс оҥорооччулар үтүө уларыйыы баарын бэлиэтээн этэллэр. Ыһыахха саахардаах утаҕы сирэр, дьиҥнээх утаҕы ирдиир дьон ахсаана сыллата элбии турар.

Дьиҥэр, биэ үүтэ ынах үүтүттэн сүрүн уратыта, лактоза диэн ааттаах үүт саахара элбэҕэр сытар. Саха биэтин үүтүгэр лактозата олус үрдүк 7,3% тэҥнэһэр. Тэҥнээн көрдөххө, ынах үүтүгэр лактоза 4,7% тэҥнэһэр. Хата, бу көрдөрүүтүнэн биэ үүтэ дьахтар үүтүгэр майгынныыр.

Билигин кымысчыттар түмсүүлэрэ кымыс биир стандартын булууга уонна суортарга араарыыга болҕомто ууруллуохтаах дииллэр. Атыыга тахсар дьиҥнээх кымыс биэ үүтүттэн оҥоһуллубута бигэргэниэхтээх, атын үүтүнэн оҥоһуллубут утах кымыс диэн ааттаныа суохтаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: