“Саха муорсаларын” сөтүөтэ саҕаланна (ВИДЕО, ХААРТЫСКА)

Share

“Тымныы Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл иитинэн, саха “муорсалара” бүгүн Дьокуускай куорат 202-с түөлбэтигэр сөтүөлээтилэр.

202-с түөлбэттэн быһалыы сөтүөлүүр сиргэ түһэргэ, “Саха муорсаларын” ойбоно үөһэттэн ытыска уурбут курдук көстөр. Аҕыйах мүнүүтэ иһигэр эппиэтинэстээх үлэһиттэр, көрөөччүлэр, сонуну киэҥник тарҕатар эйгэ үлэһиттэрэ тоҕуоруһа муһуннулар.

Түөрт-биэс миэтэрэ уһуннаах сөтүөлүүр сир бэлэмнэммит. Таһырдьа быһа-холуйан -35 кыраадыс тымныы. Сөтүөнү маҥнайгынан федерация салайааччыта Николай Софронеев саҕалыыр. Балаакка таһыгар сыгынньахтанан, кирилиэһин түһэрэн, аҕыйах мүнүүтэ иһигэр мууһунан бүрүллэ охсубут ууну илиитинэн садьыйан, харбаан биир эргиири оҥорон тахсар. Салгыы иккис, үһүс, төрдүс… киһи уочаратынан киирэн харбаан тахсаллар. Олор быыстарыгар саастаах эмээхситтэр, эдэр дьахталлар эмиэ бааллар. Ойбон тула мустубут дьон мэктиэтигэр кинилэри көрөн титирэстээтибит. Оттон “муорсалар” ымыр да гынан көрбөттөр, эр дьон таһырдьа сүүрэ сылдьаллар.

Салайааччылара Николай Софронеев: “Уу олус үчүгэй. Ууга бириэмэ тохтоон хаалбыт кэриэтэ буолар. Кыһын сөтүөлүөн баҕалаах дьон сайынтан саҕалыыллара уонна биир да күнү көтүппэккэ дьарыктаналлара ирдэнэр”, — диэн сүбэлиир.

Онтон кыһыҥҥы сөтүөнэн иллэрээ сылтан дьарыктанар, 63 саастаах Гаврил Луковцев: “Сорукпун ситтим, бэйэбин кыайдым диэн үөрэбин. Төһөнөн айылҕаҕа чугаспыт да, соччонон ыарыыга сэдэхтик бэринэбит. Манан дьарыктаммытым үс сыл буолла, бу сыллар тухары тымныйа иликпин. Коронавирустуу сылдьыбытым эрээри, чэпчэкитик аһарбытым. Тымныыга сөтүө киһи доруобуйатыгар чахчы көмөлөһөр эбит”, — диэн санаатын үллэстэр.

Салгыы видео-устууна көрүҥ.

Санатан эттэххэ, үһүс сылын ахсынньыга СӨ кыһыҥҥы харбааһынын федерациятын чилиэннэрэ “Тымныы Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл иитинэн сөтүөлүүллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

7 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

8 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

8 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

9 часов ago