Салгыы
«Саха» НКИХ хампаанньа саҥа сахалыы сериалы уһулар

«Саха» НКИХ хампаанньа саҥа сахалыы сериалы уһулар

Ааптар:
28.08.2024, 14:30
Хаартыска- видеоттан скрин
Бөлөххө киир:

 «Саха» НКИХ ханаал хас сылын ахсын бэйэтин көрөөччүлэригэр саҥа сериаллары уһулан көрдөрөрө үтүө үгэскэ кубулуйда. Бу сырыыга  «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа сериаллары устар сулууспата быйыл Таатта улууһугар үлэлээтэ.

Ханнык сериал уһулларый? Валентина Гаврильева кэпсээниттэн Екатерина Семенова суруйбут сценарийынынан өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи саха дьонун олоҕун көрдөрөр «Уот Дьулустаан» диэн уус-уран сериал киинэ уһулла сылдьар. Сериал режиссера  Елена Эверстова сүүмэрдээһининэн араас артыыстар оонньуулар.

«Киинэҕэ бастакыбын уһуллабын, уопутум суох, ол иһин бу мин бастакы бырайыагым буолар. Манна баай олоххо баҕаран, баай-дуол олоххо тардыһар  чаҕар кыыс оруолун толоробун» , диэн Саха тыйаатырын артыыската Сандаара Федотова  кэпсээтэ.

«Былыргы олох буолан барыбытыгар даҕаны олус сүрдээх  улахан уопут буолла диэххэ сөп. Көрбөтөхпүт, билбэтэхпит элбэх — бары үөрэннибит.  Көрөөччүлэргэ, эдэр ыччакка  үөрэх буолуо дии саныыбын», — диир Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыската Татьяна Хомподоева. «Бары булгуччу көрөөрүн. Уус-уран сахалыы сериал, онон олус интэриэһинэй. Этиһиилэр, интрига барыта баар», — диир Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар тыйаатырын артыыһа Никита Григорьев.

Ньурба судаарыстыбаннай көһө сылдьар тыйаатырын артыыската Мария Слепцова эрдэ «Сүлүһүннээх таптал», «Мин таптыыр спутнигым» о.д.а. сериалларга уһуллубута: «Мин оруолбунан Сүөкүлэ барахсан син биир дууһатыгар итэҕэллээх, ол иһин төһө да баттаннар таҥара барытын тэҥниир диэн көрдөрөр уустук оруолу толоробун». Биир ый иһигэр Таатта улууһугар үлэлээбит артыыстар, сериаллары устар сулууспа үлэһиттэрэ олохтоохторго барҕа махталларын тиэрдэллэр. Бу туһунан «Саха» НКИХ биллэрэр.

+1
10
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
2
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: