Салгыы
«Саха» НКИХ Саха сиригэр бастакынан нейросеть көмөтүнэн оҥоһуллубут ыытааччылары сүрэхтээтэ

«Саха» НКИХ Саха сиригэр бастакынан нейросеть көмөтүнэн оҥоһуллубут ыытааччылары сүрэхтээтэ

Ааптар:
13.11.2024, 13:45
Хаартыска: «Саха» НКИХ
Бөлөххө киир:

Билиҥҥи кэмҥэ аан дойду үрдүнэн олох бары эйгэтигэр нейросеть үлэтэ көхтөөхтүк туһаныллар буолла. «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа аныгы сайдыылаах олох дохсун хардыытыттан, тэтимиттэн хаалсыбакка нуучча уонна саха тылларынан саҥарар искусственнай өйгө (ИИ — искусственнай интеллект) олоҕуран үлэлиир ыытааччылары оҥорон таһаарда. Көрөөччүгэ, сурутааччыга контены оҥорууга уонна тиэрдиигэ ИИ-ыытааччылар саҥа аартыктары арыйаллар.

«Якутия 24» ханаал дирекциятын дириэктэрэ Марианна Тарасова бэлиэтээбитинэн, ИИ-ыытааччылар тас көрүҥнэрэ уонна куоластара хампаанньа ыытааччыларын уобарастарынан оҥоһулунна.

Саҥа инновация хампаанньа сыыппара хайысхатыгар контенын хаачыстыбатын үрдэтэргэ, үлэ хаамыытын тупсарарга туһуланна. ИИ-ыытааччылары куйаар ситимҥэ уонна күөх экраҥҥа туһанар буолуохтара. «Саха» НКИХ искусственнай өй хайысхатыгар бастакы холонуута, ол иһин инникитин хампаанньа ИИ атын хайысхаларын эмиэ баһыылырга былаанныыр.

«Искусственнай өйгө олоҕуран үлэлиир ыытааччылары олоххо киллэрии биһиги технологическай сайдыыга дьулуурбутун эрэ буолбакка, Саха сирин норуоттарын тылларын уонна култуураларын харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга тирэх буолар. ИИ-ыытааччылар биһиги контеммытыгар кэрэхсэбили үөскэтиэ уонна элбэх көрөөччүнү хабыаҕа диэн эрэнэбит», — диэн Марианна Тарасова кэпсээтэ.

«Саха» НКИХ куйаар ситимҥэ сулууспатын салайааччыта Антон Васильев искусственнай өйгө олоҕуран үлэлиир ыытааччылар хампаанньа саҥардыытыгар биир дьоҕус хардыы буоларын бэлиэтээтэ уонна билигин «Саха» НКИХ тэлэбиидэнньэҕэ, араадьыйаҕа, ону тэҥэ социальнай ситимнэргэ уонна мессенджерга саҥаны киллэрэр.

«Биһиги көрөөччүлэрбитигэр, сурутааччыларбытыгар саҥаны киллэрэрбититтэн үөрэбит. Искусственнай өйгө олоҕуран үлэлиир ыытааччылары үлэлэтэн саҕалаатыбыт. Бу көмөтүнэн биһиги саҥа бырагыраамалары оҥорон таһаарыахпытын сөп. Маны сэргэ икки тылынан контеммыт үлэтэ тэтимнээх буолуо. Бу «Саха» НКИХ аныгы технологиялары баһылыырыгар уонна элбэх тылы өйүүрүгэр сөптөөх хардыы», — диэн Антон Васильев бэлиэтээтэ.

Аан маҥнай ИИ-ыытааччылар көмөлөрүнэн НВК «Саха» уонна «Якутия 24» социальнай ситимнэригэр контеннар тахсар буолуохтара, оттон кэлин күөх экраҥҥа туһаныллар буолуоҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: