Саха норуодунай бэйиэтэ Василий Сивцевкэ аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэр ыытылыннылар

Share

Саха норуодунай бэйиэтэ, тылбаасчыт, публицист, литератураны ырытааччы, РФ уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Василий Тарасович Сивцев төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэр Үөһээ Бүлүү улууһугар ыытылыннылар.

Улуус бары нэһилиэктэрин бибилэтиэкэлэригэр араас өрүттээх тэрээһиннэр: куйаар ситиминэн виртуальнай быыстапкалар, презентациялар, биктэриинэлэр буоллулар. Ол курдук, улуустааҕы модельнай бибилэтиэкэ тэрийиитинэн «Олоҕум дьиктилэрэ» диэн бэйиэт кинигэтин аатынан кэтэхтэн айар күрэх ыытылынна. Күрэххэ Дьокуускай куораттан, Нам, Сунтаар, Бүлүү, Мииринэй улуустарыттан, Үөһээ Бүлүү, Үөдүгэй, Онхой, Кэнтик, Ороһу, Боотулуу, Харбалаах, Өргүөт, Нам, Дүллүкү нэһилиэктэриттэн барыта 23 ааптар 31 айымньынан кытынна.
Василий Сивцев төрөөбүт дойдутугар Боотулууга оскуола уонна олохтоох бибилэтиэкэлэр, кылаас салайааччыларын  тэрийиилэринэн кылааһынан бэйиэт хоһооннорун дорҕоонноохтук аахтылар.
Онтон ахсынньы 25 күнүгэр  Дьокуускай куоракка П.А. Ойуунускай аатынан литература мусуойун үлэһиттэрин тэрийиилэринэн ыытыллыбыт «Касание солнца Василия Сивцева» көрсүһүүгэ бэйиэт олоҕор, айымньыларыгар сүгүрүйэр дьон мустан уонна куйаар ситиминэн кыттан үбүлүөйдээх күҥҥэ норуодунай бэйиэт Василий Сивцев туһунан истиҥник  ахтан-санаан аастылар.

Үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ  норуодунай бэйиэт  доҕотторо, аймахтара, айар талааныгар сүгүрүйээччилэр, биир дойдулаахтара уонна «Полярная звезда» сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ Владислав Доллонов, Саха сирин норуодунай суруйааччыта Дмитрий Наумов, «Күрүлгэн» сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ Афанасий Гуринов-Арчылан, суруйааччылар кытыннылар. Ону сэргэ Экология институтун дириэктэрэ Григорий Саввинов, бэйиэт биир дойдулааҕа Валерий Никифоров-Суор Уола, Үөһээ Бүлүүтээҕи бибилэтиэкэ ситимин дириэктэрэ Наталья Петрова бэйиэти ахтан-санаан аастылар. Бу күн бэйиэт хоһооннорун, сонеттарын аахтылар.

БЫҺААРЫЫ:
Василий Тарасович Сивцев Үөһээ Бүлүү улууһун Боотулу сэлиэнньэтиттэн төрүттээх. Дьокуускай куорат 2 №-дээх оскуолатын уонна Саха судаарыстыбаннай университетын бүтэрэн баран, Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар, тыл уонна литература институтугар уонна Үөһээ Дьааҥы, Булуҥ, Абый, Үөһээ Бүлүү улуустарын оскуолаларыгар учууталлаабыта. Култуура министиэристибэтин Норуот айар талааннаахтарын  дьиэлэригэр ыстаарсай методиһынан, «Кыым» хаһыат кэрэспэдьиэнинэн, хаһыат отделын сэбиэдиссэйинэн, кинигэ кыһатын уус-уран уонна оҕо литературатын эрэдээксийэтин сэбиэдиссэйинэн, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын эппиэттиир сэкирэтээринэн үлэлээбитэ.

(Литературнай мусуой матырыйаалларынан)

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

6 часов ago