Бүөтүр Тобуруокап төрөөбүтэ 105 сыла
Саха норуодунай бэйиэтэ Петр Тобуруокап төрөөбүтэ 100 сылыгар, биэс сыллааҕыта, «Эдэр саас» саайтка «Күндүттэн күндүнү – олоҕу туойбутум» диэн быыстапка туһунан сырдатыллан турар.
Бүгүн ол быыстапка туһунан өссө төгүл ахтан-санаан ааһаргытыгар ыҥырабыт.
Бүөтүр Тобуруокап олоҕун көрдөрөр быыстапка
Алтынньы 23 күнүгэр Ярославскай аатынан уонна Үөһээ Бүлүү улууһун Нам сэлиэнньэтин мусуойдарын экспозицияларыттан, матырыйаалларыттан түмүллүбүт быыстапка үлэтин саҕалаата.
Нарын тыллаах лиирик-бэйиэт, төлөннөөх патриот олоҕун кэрчиктэрин, айар үлэтин көрдөрөр докумуоннар, наҕараадалар, кэтэ сылдьыбыт таҥаһа-саба уо.д.а. дьон болҕомтотун тарта.
Күндүттэн күндүнү – олоҕу туойбут Петр Николаевич ырыа айааччылары, учууталлары уо.д.а. айар дьону кытары суруйсубут суруктара ааспыт кэм тыыннаах туоһулара буолбуттар. Дьиэ кэргэниттэн ылыллыбыт хаартыскалар кини иллээх-ийэлээх ыал аҕата, бастыҥ учуутал буоларын туоһулууллар.
ЫСПЫРААПКА:
Бүөтүр Тобуруокап 1917 с. алтынньы 25 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгэр Өлөкөөн диэн сиргэ орто бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ;
Сэттис кылааһы бүтэрэн баран, Бүлүүтээҕи Н.Г.Чернышевскай аатынан учуутал техникумугар үөрэнэ киирбитэ;
1934 с. «Колхозтаах Балбаара хоһооно» диэн бастакы айымньыта Бүлүү улууһун «Колхоз суола» хаһыатыгар бэчээттэммитэ;
1937 с. педтехникуму бүтэрэн, учуутал идэтин дипломун ылбыта;
1941 с. Тойоку орто оскуолатын дириэктэринэн үлэлии сылдьан, эдэр учуутал Евгения Ноговицыналыын ыал буолбута;
1942 с. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллыбыта;
1943 с. ыараханнык бааһыран, демобилизацияламмыта;
Сэрии кэнниттэн учуутал Тобуруокап оҕо суруйааччытын быһыытынан саха литэрэтиирэтигэр киирбитэ;
1947 с. «Буукубалар мунньахтара» поэмата уонна «Лыах» кэпсээнэ бастакы бириэмийэнэн бэлиэтэммитэ:
1957 с. – ССРС Суруйааччыларын сойууһугар чилиэнинэн киирбитэ;
1991 с. – «Саха народнай поэта» аат иҥэриллибитэ;
Поэт 35 кинигэлээх. Айымньылара нуучччалыы, английскайдыы, польскай, чехтии тылынан бэчээттэммиттэрэ;
Аҕа дойду сэриитин II истиэпэннээх, Үлэ Кыһыл Знамята, «Бочуот Знага» уордьаннарынан, мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
2001 с. кулун тутар 6 күнүгэр олохтон туораабыта.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: