Саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов устудьуоннардыын көрүстэ

Share

Бэҕэһээ, алтынньы 23 күнүгэр,   норуодунай суруйааччы Николай Алексеевич Лугинов Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун, Ю.А.Готовцев аатын сүгэр Дьокуускайдааҕы технологическай техникум уонна «Айар уустар» диэн креативнай индустрия кэллиэһин, П.П.Романов аатын сүгэр Дьокуускайдааҕы художественнай училище, А.Д.Макарова аатын сүгэр култуура уонна ускуустуба кэллиэһин устудьуоннарын кытта көрүстэ.

П.А.Ойуунускай аатынан литературнай мусуой научнай үлэһитэ Ефросинья Ноговицына устудьуоннарга талааннаах суруйааччы олоҕун, айар үлэтин билиһиннэрдэ. Оттон норуодунай суруйааччы Николай Алексеевич оҕолорго айар үлэтин суолун, ону сэргэ төрөөбүт тыл, култуура норуот быһыытынан өйбүт-санаабыт сайдарыгар оруолун, дойдуга бэриниилээх буолуу туһунан кэпсээтэ.  Маны сэргэ, мусуойга суруйааччы 75 сыллаах үбүлүөйүнэн айар үлэтинэн быыстапката туруоруллубут, оҕолорго онлайн-викторина ыытылынна. Бу викторинаҕа уопсайа 108 оҕо кыттыыны ылла. Ол курдук викторина кыайыылааҕынан Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун устудьуоҥката Виктория Кочкина, оттон иккис миэстэҕэ креативнай индустрия устудьуона Уран Копырин, үһүс миэстэҕэ Дьокуускайдааҕы технологическай техникум устудьуона Иван Новгородов буоллулар.

Норуодунай суруйааччыны үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээтилэр уонна устудьуоннар бэйэлэрэ илиилэринэн оҥорбут өйдөбүнньүк бэлэхтэрин туттардылар.  Сэргэх көрсүһүү оһуокайынан түмүктэннэ.

Виталий Слепцов хаартыскаҕа түһэриилэрэ
What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһыммыт сылыйда диэн үөрээхтиибит да…

Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Кэлэр сылга уоппусканы ханнык ыйга ылар табыгастааҕый?

Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Һунтаар һаҥа һыла — Хатаска»

Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх,  Хатас…

1 час ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Уонна…»: Зоя Сылгытова

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…

2 часа ago
  • Сонуннар

Электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар

Билигин электрогенерация  биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэҕэ диализнай киин аһыллыытын былаанныыллар

Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…

3 часа ago