Саха норуотун чулуу уола Исидор Барахов пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар
Саха интеллигенциятын биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ – уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл, Саха автономиятын төрүттэспит чулуу киһибит Исидор Барахов пааматынньыгар бүгүн сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Сыл аайы Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр, үгэс курдук, судаарыстыбаннаһы төрүттэспит диэйэтэллэри, саха норуотун чулуу дьонун ахтан-санаан аһааллар, пааматынньыктарыгар сибэкки дьөрбөтүн уураллар.
Бүгүҥҥү үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина кытынна. Кини мустубут дьоҥҥо туһаайан, муус устар 27 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ олоҕун түстүүр икки докумуон ылыллыбытын санатта. Ол курдук, 1922 сыллаахха Бүтүн Сойуустааҕы ЦИК дэкириэтинэн Саха АССР тэриллибитин, оттон 70 сыл буолан баран, 1992 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтин XII уочарата суох сиэссийэтигэр өрөспүүбүлүкэ саҥа Конституцията олоххо киирбитин бэлиэтээтэ.
«Бүгүн автономияны турууласпыт бэлитиичэскэй диэйэтэл пааматынньыгар эдэрдиин-эмэнниин мустан турабыт. Ил Дархан Айсен Николаев уонна Бырабыыталыстыба аатыттан биһигини барыбытн түмэр, көлүөнэлэри сибээстиир, бу үөрүүлээх, дьоһун күнүнэн эҕэрдэлиибин. Саха сирин тыйыс усулуобуйата биһиги биир сомоҕо буоларбытыгар үөрэтэр. Биһиги көлүөнэлэр ситимнэринэн күүстээхпит, онон биһиги Арассыыйаны кытары тэҥҥэ хардыылыыбыт!», – диэтэ Ольга Балабкина.
Тэрээһиҥҥэ тыл этээччилэр бары Исидор Барахов саха норуотугар, судаарыстыба төрүттэниитигэр оруолун, норуот хаһаайыстыбата, бырамыысыланнас сайдарыгар үтүөтүн аҕыннылар. Саха сирин оҥорон таһаарар күүстэрин, научнай чинчийиилэрин туһунан эмиэ кэпсээтилэр.
Үтүө күн дьоһун тэрээһинигэр ыччат дьон элбэҕин көрөн, маннык чулуу киһи аата өлбөөдүйбэт, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ахтыллан иһиэ диэн эрэл санаа үөскүүр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: