Салгыы
Саха норуотун устуоруйатын туһунан лиэксийэ буолуоҕа

Саха норуотун устуоруйатын туһунан лиэксийэ буолуоҕа

24.04.2024, 16:46
Хаартыска: https://www.100yakutia.ru/
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө, муус устар 26 күнүгэр сарсыарда 11 чаастан Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар «Истина и ложь в истории. О важнейших событиях истории Якутии в XVII веке» диэн сырдатар-үөрэтэр лиэксийэ буолар.

Хаартыска: "Знание" уопсастыба.

Лиэксийэни историческай наука дуоктара, Бүтүн Арассыыйатааҕы «Знание» уопсастыба лиэктэрэ, РАН Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар институттарын кылаабынай научнай үлэһитэ Андриан Афанасьевич Борисов ааҕар.

Интэриэһинэй лиэксийэни Бүтүн Арассыыйатааҕы «Знание» уопсастыба Саха сирин устуоруйатын дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник тарҕатар сыалтан, тэрийэр. Киириитэ босхо.

Андриан Афанасьевич Борисов – XVII-XIX үйэлэргэ сахалар социальнай сыһыаннарыгар, устуоруйаҕа улахан исписэлиис, 160-тан тахса научнай үлэ,  6 монография ааптара. Учуонай научнай интэриэһэ — этнография, сахалар социальнай уонна этническэй устуоруйалара. 

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: