Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө, муус устар 26 күнүгэр сарсыарда 11 чаастан Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар «Истина и ложь в истории. О важнейших событиях истории Якутии в XVII веке» диэн сырдатар-үөрэтэр лиэксийэ буолар.
Лиэксийэни историческай наука дуоктара, Бүтүн Арассыыйатааҕы «Знание» уопсастыба лиэктэрэ, РАН Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар институттарын кылаабынай научнай үлэһитэ Андриан Афанасьевич Борисов ааҕар.
Интэриэһинэй лиэксийэни Бүтүн Арассыыйатааҕы «Знание» уопсастыба Саха сирин устуоруйатын дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник тарҕатар сыалтан, тэрийэр. Киириитэ босхо.
Андриан Афанасьевич Борисов – XVII-XIX үйэлэргэ сахалар социальнай сыһыаннарыгар, устуоруйаҕа улахан исписэлиис, 160-тан тахса научнай үлэ, 6 монография ааптара. Учуонай научнай интэриэһэ — этнография, сахалар социальнай уонна этническэй устуоруйалара.
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…
Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…