Саха олимпиецтара ханнык күннэргэ киирсэллэрий?
От ыйын 26 күнүттэн Парижка Олимпийскай оонньуулар саҕаланнылар. Күрэхтэһиилэргэ Арассыыйаттан 15 спортсмен кыттыаҕа. Маны тэҥэ, атын дойдулартан кыттар 5 саха спортсмена баара ордук долгутуулаах.
Аҥаардас көҥүл тустууга сүүрбэччэ Арассыыйа спортсмена атын дойдулар ааттарыттан кыттыахтара. Кинилэр истэригэр аан дойду, Европа чөмпүйүөннэрэ бааллар.
Кыргызстан спордун үтүөлээх маастара, Азиатскай оонньуулар призердара Айаал Лазарев Олимпийскай оонньууларга үһүс төгүлүн 125 киилэҕэ киирсэр. Кини ыйааһыныгар квалификационнай раунд атырдьах ыйын 9 күнүгэр буолуоҕа диэн СИА суруйар.
Азия вице-чөмпүйүөнэ, Таджикистан аатыттан кыттар Виктор Рассадин 74 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа киирсэр. Кини ыйааһыныгар саамай элбэх күүстээх күрэстэһээччи баар. Бу ыйааһыҥҥа күрэхтэһии атырдьах ыйын 9 күнүгэр буолуоҕа.
Океания чөмпүйүөнэ, Австралия аатыттан кыттар Георгий Окороков 65 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа атырдьах ыйын 10 күнүгэр киирсиэҕэ.
Европа чөмпүйүөнэ Владимир Егоров Македония аатыттан 57 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа атырдьах ыйын 8 күнүгэр киирсэр.
Кыргызстантан кыттар Сардаана Трофимова ыра санаата туолан, Олимпийскай оонньууларга киирсэн, атырдьах ыйын 11 күнүгэр марафоҥҥа (42 килэмиэтири) илин-кэлин түсүһүөҕэ. Марафон Дьокуускай бириэмэтинэн, күнүс 3 чаастан саҕаланар.
Лазаревтан ураты, спортсменнарбыт олимпиадаҕа аан бастакытын кытталлар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: