Саха пионериятын устуоруйата: Бэлэм буол! Мэлдьи бэлэм!

Share

Оруобуна 100 сыл анараа өттүгэр, 1924 сыл олунньу 17 күнүгэр, Сахабыт сиригэр пионерскай тэрилтэ төрүттэммит күнүнэн ааҕыллар. Оруобуна бу күн Дьокуускайга бастакынан Спартак аатынан пионерскай этэрээт хомуллубута, манна 63 пионер баар этэ.

Бу кэннэ, хайыы үйэ олунньу 24 күнүгэр, Ленин аатынан оҕо коммунистическай бөлөҕүн уобаластааҕы бюрота баар буолбута, бюро Дьокуускай куорат оҕолоругар эрэ үлэлиирэ. Пионердар иккис этэрээттэрэ 1924 сыл муус устар ыйыгар, оттон Аммосов аатынан үһүс этэрээт 1925 сыллаахха тэриллибиттэрэ. Оччотооҕу Саха сирин усулуобуйатыгар лааҕырдары тэрийэн үлэлэтии чэпчэкитэ суох этэ. Үгүс төрөппүт сайыны быһа окко-маска көмөлөһөр оҕолорун лааҕырга ыытыан баҕарбата. Кинилэр бу лааҕырдары мэһэй курдук ылыналлара, туһалаах тэрилтэ эбит дии санаабаттара.

Төһө да ыарахаттар баалларын иһин, сайыҥҥы пионерскай лааҕырдар син биир тэриллибиттэрэ. 1929 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 11 лааҕырга 548 оҕо сынньаммыта. Ол курдук, 1930 сыллаахха 14 лааҕырга 691 оҕо сынньанар, 1931 сыллаахха 25 лааҕырга – 1204, 1932 сыллаахха 24 оройуонунан 2179 оҕо хабыллыбыт.

Бастакы хомуур Попов уулуссатыгар урукку уокуруктааҕы суут дьиэтигэр буолбута, онно оччолорго баартыйа обкома уонна хомсомуол обкома бааллара.

— Пионер этэрээтигэр бастакынан Саша уонна Клава Литвинцевтар, Шура Овчинникова, Тамара Никонова, Людмила уонна Володя уонна Давыд Эстеркестар, Люба Пастернак, Спиридон Григорьев уо.д.а. кэлбиттэрэ. Биһиги иннибитигэр оҕолор ортолоругар киэҥ өйдөтөр үлэни тэнитэр, Ленин хомсомуолун  пионердарын ортолоругар иитэр- үөрэтэр сорук туруоруллубута, дьиэ кэргэн саҥа олохтонорун туһугар охсуһууну ыытар соруктаммыта. Бастакы пионердар бу сорукка сөп түбэһиннэрэн атын оҕолорго холобур буолуохтаахтар этэ, — диэн Саха сирин бастакы баһаатайа В. Никонов ахтар.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

5 часов ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

6 часов ago