«Саха поэзиятын Кыыс Ньургуна»

Share

Ыам ыйын 13 күнүгэр  — саха бастакы поэт кыыһа Варвара Потапова төрөөбүт күнэ. Талааннаах бэйиэт үгүс кистэлэҥнээх, таайтарыылаах ис хоһоонноох айымньыларын билбэт, аахпатах киһи, бука, аҕыйаҕа буолуо. Ол курдук, Варвара Потапова аата умнуллубат, өссө күлүмүрдээн ахтылла  турар.

Кини айымньылара кинигэ буолан, ааҕааччыларга тиийэр. Аҥаардас кэнники икки сылга  литератураны чинчийээччи,  филология наукатын доктора, бэрэпиэссэр Варвара Окорокова Варвара Потапова туһунан «Мин үүнэр үйэлэргэ үрүҥ алгыспын», «Мин кэлэр үйэлэргэ кэриэс кэһиибин» уонна «Сир, халлаан силбэһэр сүдү ырыата» кинигэлэри сериянан таһаарбыта ааҕааччыларга тугунан да кэмнэммэт күндү бэлэҕинэн буолла.

Бүгүн бу кинигэлэртэн СӨ норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева ахтыытын билиһиннэрэбит.

«Варвара Потапова… Аныгы саха поэзиятыгар кыыс-дьахтар аймах хото киирэригэр ыллык тэлбит, ааны аспыт киһибит кини. Сыллар аастахтарын аайы мин поэт Варвара Потапова литератураҕа, саха поэзиятыгар суолтатын өссө дириҥник өйдүүбүн. Ол айар үлэ ис кистэлэҥиттэн тахсар -– саха поэзиятыгар ааспыт үйэ 70-с сылларыгар диэри эр киһи эрэ лиирикэтэ сайдан кэлбитэ. Онно аан бастаан саха кыыһа, саха дьахтара бэйэтэ ураты саныыр санаалааҕын, иэйэр куттааҕын, бөлүһүөктүү көрүүлээҕин итэҕэтэр хоһооннордоох Варвара Потапова аата күөрэйбитэ. Ити тустаахха судургута суох дьыала этэ. Кини иннинэ да, кэннинэ да кистээн хоһоон суруйар, дьүөгэлэригэр эрэ көрдөрөр дьоҕурдаах кыргыттар бааллара. Ол эрээри хайа да кэмҥэ баар дьахтар хоһоонньукка дьиппиэн, кытаанах сыһыантан толлон, кыбыстан, симэлийэн хаалаллара. Оттон Варвара Потапова олоҥхо Кыыс Ньургунун курдук хорсуннук ол боруогу атыллаан, кыратык да кэтэмэҕэйдээбэккэ, аһаҕастык бэйэтин санаатын ааҕааччыларыгар тириэрдибитэ. Тууйулла сылдьыбыт дьахтар аймах санаата-оноото, иэйиитэ, ырата, олоҕу анаарыыта кини тэлэччи аспыт аанынан кутуллан, ситимнэнэн киирэн барбыта. Билигин саха поэзиятыгар дьахтар аата элбэҕэр, онно чахчы талааннаахтар баалларыгар биһиги киниэхэ махтана саныах тустаахпыт.

Мин кинини чугастык билэрим. 1976-1979 сылларга алтыспыппыт элбэҕэ, олус чугас дьүөгэлии да буолбатарбыт, аһаҕастык кэпсэтэрбит, хоһооннорбутун бэйэ-бэйэбитигэр ааҕарбыт. Кини олус чараас дууһалааҕа, кыраттан да хомойор-хоргутар айылгылааҕа эрээри, кытаанах соҕус майгылааҕа, үтүөҕэ тардыһар санаалааҕа. Ол саҕана Варвара миэхэ кэпсээбит кистэлэҥнэрин мин ыһа-тоҕо ахтыахпын баҕарбаппын. Тулаайах кыыс киһи буолар сааһыгар үтүө санаалаах, өйүүр дьону олус элбэҕэ суохтук көрсүбүт быһылааҕа…

Поэт дьоло суох, дьадаҥы буолуохтаах диэн өйдөбүл баар. Ол кини дьиҥнээх поэт буоларын дакаастыырга дылы. Варвара Потаповаҕа ити санааны сыһыаран этэр буоллахха -– кини бэйэтин дьоло суоҕунан ааҕыммат этэ. Хоһоонньут буолбут дьылҕатын, ону таба тайаммыт дьолунан ааҕара уонна ол саҕанааҕы литература эйгэтигэр дьоһун дьонтон болҕомто ылбытын, өйөммүтүн өйдүүрэ. Суруйааччылар делегацияларыгар киирэн Парижка айанын, куоракка дьиэлэнэн олохсуйбутун сыаналыыра. Арай биир санаата сиппэтэҕэ быһыылааҕа — кини оҕоҕо ымсыырара, оҕоҕо баҕарара. Дьиктитэ баар, ийэ буолуу дьахтар поэт сайдыытыгар олус улахан оруоллаах. Оннук кини өйдүүрэ, быһыыта мин, киниттэн балыс киһи, ол саҕана ийэ аатын ылыы уонна айар үлэ быстыспат ситимнэрин соччо удумаҕалаппатаҕым…

Бүгүн санаатахха, Варвара Потапова сүрэҕэр иитиэхтээбит, дууһатыгар бүөбэйдээбит айымньылара -– кини төрөппүт оҕолоро -– хоһоонноро биһиэхэ хааллахтара…»

(«Чолбон» сурунаалтан, 2021 с. 5-с нүөмэр)

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

3 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

5 часов ago