Саха режиссера Алексей Романов «Легенды вечных снегов» киинэтэ Гран-при ылла
Саха режиссера Алексей Романов «Легенды вечных снегов» киинэтэ «Алтын минбар» ХХ Казаннааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлин Гран-притын ылла.
Казаннааҕы аан дойдутааҕы киинэ бэстибээлэ балаҕан ыйын 6-11 күннэригэр буолан ааста. Куонкурус бырагырааматыгар 51 киинэ көрдөрүлүннэ. Гран-прины Саха сириттэн «Легенды вечных снегов» диэн сахалыы киинэҕэ туттардылар.
«Ис сүрэхпиттэн Алексейы уонна кини хамаандатын уочараттаах кыайыынан эҕэрдэлиибин! Саха сирэ киэн туттар!», — диэн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев бэйэтин ТГ-ханаалыгар эҕэрдэлээтэ.
«Легенды вечных снегов» киинэ 1986 с. Алексей Романов ВГИК бүтэрэригэр дипломнай үлэ быһыытынан уһуллубут «Мааппа» кылгас киинэтин салҕыыта буолар. Бырайыак уһуллуута 2023 сыл кулун тутар-муус устар ыйдарыгар Өймөкөөн улууһугар ыытыллыбыт. Бу кэмҥэ халлаан туруга уустук буолан биэрбит — икки миэтэрэ үрдүктээх элбэх хаар түспүт.
Бу иннинэ режиссер Алексей Романов киинэтэ II Бишкектааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлин гран-притын ылбыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: