Режиссер Степан Бурнашев инники былааннарын туһунан кэпсээтэ
Саамай каассабай “Айта” киинэ ааптара Степан Бурнашев бу киинэҕэ быракаакка бэриллибит дастабырыанньаны төттөрү ылыы туһунан устуоруйаны ааспыт түһүмэҕинэн ааҕар. Кини билигин аан дойду таһымыгар таһаарарга былаанныыр саҥа бырайыактарыгар үлэлиир. Степан Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан киинэ устар, онно бэтэрээн эһэлэрин уобараһын киллэрэр былааннаах. Кини билигин үс суруллубут сценарийдаах уонна кэлэр бырайыактарга 10 презентация күүтэр.
-Мин олус элбэх санаалаах (идеялаах) сылдьабын. Билигин икки бырайыакка күүскэ үлэлиибин. Онтон биирин Москваҕа устар былааннаахпыт, онтон иккис киинэҕэ омук сириттэн бииргэ үлэлэһээччилэри көрдүүбүн. Туох туһунан сюжеттааҕын билиҥҥитэ кэпсиир кыаҕым суох. Ол гынан баран, олус кэрэхсэбиллээх устуоруйалар диэн чопчу этиэхпин сөп. Көрөөччү сөбүлүө дии саныыбын. Билигин Саха сиригэр олус элбэх киинэ уһуллар, өрөспүүбүлүкэ эрэгийиэннэр киинэлэрин ортолоругар инники иһэр.
-Онтон кэнники бырайыактаргыттан ордук ханныктары бэлиэтиэҥ этэй?
-Бэйэм киинэлэрим тустарынан этимиим, көрөөччү бэйэтэ быһаардаҕа. Оттон биир идэлээхтэрим киинэлэрин барытын ситэн көрбөппүн да буоллар, аҕыйах тылы этиэхпин сөп.
Кэнники киинэлэртэн Никита Новгородов “Хапкаан” киинэтэ ураты, криминальнай кэмиэдийэ жанрынан уһуллубут. Биһиэхэ маннык жанрдаах киинэни аҕыйахтык устар буоланнар, бу киинэ интэриэһи тардар. Киинэ бэйэтэ итэҕэстэрдээх, ол гынан баран, куһаҕана суох уһуллубут, мин астынан көрбүтүм. Ону сэргэ Дмитрий Давыдов эһиил тахсыахтаах “Чума” киинэтин бэлиэтиэхпин баҕарабын. Бу киинэ “Маяк” Арассыыйатааҕы киинэ бэстибээлигэр бастыҥ режиссура иһин бирииһи мээнэҕэ ылбатаҕа. Любовь Борисова “Не хороните меня без Ивана” киинэтин санатарым тоҕоостоох. Бу киинэҕэ оператор-туруорааччы Семен Аманатов үлэтэ — кини карьератыгар биир бастыҥ. Биһиэхэ, урукку курдук, элбэх уонна үчүгэй киинэлэри усталлар, онон өссө да ааттыы туруохха сөп. Креативнай индустриялар эдэрдэр ортолоругар биллэр-көстөр буолан иһэллэрэ кистэл буолбатах.
-Уопуттаах киинэ режиссерун быһыытынан, саҥа саҕалыыр киинэ режиссердарыгар тугу сүбэлиэҥ этэй?
-Араас ааптардарга киинэ устар былаһааккаларыгар тардыһалларыгар сүбэлиэм этэ. Быраактыка курдук атын туох да үчүгэйдик үөрэппэт уонна уопуту биэрбэт. Билигин биһиги элбэх саҥа саҕалааччыны бырайыактарга ыҥырабыт. Бырайыакка оробуочайынан эбэтэр ассистенынан кэлбит ыччаттар кылгас кэм иһигэр режиссерга, продюсерга, худуоһунньукка уо.д.а. тиийэ үүммүттэрин туһунан элбэх устуоруйаны билэбин.
-Саха сиригэр толору цикллаах павильоннаах киинэ кыбартаалын тутуохтара. Өрөспүүбүлүкэ киинэ индустрията сайдарыгар былаанын хайдах сыаналыыгын?
— Олус үчүгэйинэн сыаналыыбын. Сүрүнэ диэн ону барытын ким салайыай уонна үлэ ханнык тиһигин ыытыахтарай? Былааннары сыаналыыр билиҥҥитэ эрдэ. Бастатан туран, ааптардары өйүөххэ наада дии саныыбын.
-Суруналыыстар “Айта” киинэ туһунан эйигиттэн элбэхтик ыйыталаспыттара. Эн, режиссер быһыытынан, бу киинэҕэ туох санааны эппиккиний?
“Айта” туһунан ыйытыы – ааспыт устуоруйа. Бу ыйытыыга мин элбэхтик хардарбытым. Биһиги киинэ нөҥүө көрөөччүлэри, дьону кытары сэһэргэһэбит. Биһиги бэйэбит икки ардыбытыгар кэпсэтиэхтээх кэккэ кыһалҕаларбыт аныгы уопсастыбаҕа бааллар. Ол курдук, аҕалар уонна оҕолор икки ардыларыгар сыһыан, шовинизм, фейк, иһитиннэриилэр сүүрээннэрин кыайан анаалыстаабат буолуу кыһалҕаларын, киһи үөйбэтэх-ахтыбатах быһыыны-майгыны оҥорорун уо.д.а. таарыйбыппыт. Бу туһунан арыт толкуйдуур наада. Биһиги бэйэбит оҕолорбутугар ханнык уопсастыбаны оҥоробутуй? Биһиги түмүктэри таһаардыбыт. Инники бырайыактарбытыгар киинэлэрбит тиэмэлэригэр болҕомтолоохтук сыһыаннаһыахпыт. Салгыы үлэлиибит! Арассыыйаҕа устуоруйаны көрдөрөр киинэлэри элбэхтик устар буоллулар, Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан элбэх киинэ көстөр.
-Бу жанрга эйиэхэ былааннар бааллар дуо?
— Хас биирдии ааптар туох эрэ санаалардаах уонна устуоруйаны кэпсиир киинэни устуон баҕарар дии саныыбын. Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан эмиэ толкуйдаабытым, бэл, этиилэр киирэ сылдьыбыттара. Мин икки эһээм туһунан киинэ устуохпун оҕо эрдэхпиттэн баҕарабын. Кинилэртэн биирдэстэрэ 1942-1947 сылларга сулууспалаабыта, Кенигсберы, Украинаны, Белоруссияны босхолуурга кыттыбыта. Иккис эһээм тыылга үлэлээбитэ, бэл, Ааллаах Үүн “табаарын” таһыыга кыттыбыта. Онтон 13-с үйэтээҕи биһиги өбүгэлэрбит туһунан тугу билэбитий? Итиннэ эмиэ санаалардаахпын.
-Соторутааҕыта Корея Өрөспүүбүлүкэтигэр киинэ бэстибээлигэр кыттыбытыҥ. Саха киинэтэ, Арассыыйа кинематограбын сорҕотун быһыытынан, Азия киинэтин ырыынагар киириэн сөп дуо?
— Биһиги Пусаҥҥа киинэ аан дойдутааҕы бэстибээлигэр кыттыбыппытын чопчулуур наада. Бу – Азияҕа киинэ улахан ырыынагын чэрчитинэн сыл аайы ыытыллар тэрээһин. Онтон “тоҕо анньан киирии” биһиэхэ өссө эрдэ. Ол да буоллар, сахалыы сорох киинэлэр киинэ ырыынагар бааллар. Холобур, мин кэккэ киинэлэрим Япония, Кытай, Пакистан, Индия уо.д.а. онлайн-быракаатыгар бааллар. Билигин Азия сиригэр-уотугар бэйэм киинэлэрбин дистрибуциялыыр туһунан кэпсэтиини ыытабын. Үгүстэр билбэттэр, ол гынан баран, Азия ырыынага Европаттан күүскэ урутаан иһэр. Азия дойдуларыттан хампаанньалары кытары копродукцияҕа инники кэскил баар. Онон, манна саха киинэтин биллэрэр кыах баар дии саныыбын.
(СИА суруйуутуттан тылбаас)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: