«Саха Саарына Сааба»

Share

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос ааптара, саха народнай поэта Савва Иванович Тарасов үбүлүөйдээх 90 сылын түмүктүүр тэрээһин үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.

Тэрээһин Саха национальнай библиотекатын Историческай саалатыгар народнай поэт 90 сыллаах үбүлүөйүгэр ананан тахсыбыт “Саха Саарына Сааба” кинигэ сүрэхтэниититтэн саҕаланна. Кинигэни Савва Иванович хаан уруу быраата, поэт, Арассыыйа үөрэҕириитин туйгуна, учууталлар учууталлара, Арассыыйа Суруналыыстарын уонна Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ Александр Адамович Тарасов таҥан, хомуйан оҥордо. Хомуурунньукка поэт аймах-билэ дьонун, биир идэлээхтэрин, үөлээннээхтэрин ыстатыйалара, ахтыылара, үөрэнээччилэрин хоһоонноро түмүллэн киирбиттэр.

Кинигэ сүрэхтэниитигэр ыҥырыылаах ыалдьыттар – Савва Иванович чугас дьоно, доҕотторо-атастара, бииргэ алтыһан ааспыт үөлээннээхтэрэ, суруйааччылар, биир дойдулаахтара уонна саха литературатын , поэт айар үлэтин сэргээччилэр  муһуннулар.

Ааптар Александр Адамович сүрэхтэниигэ тоҕуоруһа мустубут ыалдьыттарга, биир дойдулаахтарыгар киэн туттар киһибитин Савва Ивановиһы ытыктаан, чиэстээн кэлбиттэригэр махтанна. Хомуурунньук күн сирин көрөрүгэр үлэлэспит, корректордаабыт, Кииннэммит библиотечнай ситим сүрүн библиограба Анастасия Ивановна Заровняева библиографическай ырытыы оҥорон, кинигэни билиһиннэрдэ.

Ханнык баҕарар кинигэ тахсара элбэх толкуйтан, үлэттэн, сыраттан, ону тэҥэ өйөбүлтэн турар.  Ол курдук бу кинигэ “Горнай улууһа” муниципальнай оройуон уонна “Солоҕон нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин дьаһалталара үбүлээһиннэринэн күн сирин көрдө. Улууспут аҕа баһылыга Никита Викторович Андреев бу үөрүүлээх күҥҥэ эҕэрдэ тылын эттэ, кинигэ ытыктыыр киһибит Савва Тарасов аатын үйэтитиигэ улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ уонна улуус дьаһалтата быйылгы сылтан поэт үлэлээбит “Чолбон” сурунаалыгар тахсар тылбаастарга “Бастыҥ уус-уран тылбааска” диэн анал бириэмийэни олохтообутун иһитиннэрдэ.

Савва Ивановиһы кытта алтыспыт, кинигэҕэ поэт туһунан ахтыы суруйбут үөлээннээхтэрэ, биир идэлээхтэрэ саха народнай суруйааччыта Семен Андреевич Попов – Тумат, гуманитарнай чинчийии Институтун олоҥхоҕо салаатын научнай үлэһитэ, суруналыыс Елизавета Игнатьевна Избекова, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Гаврил Гаврильевич Местников, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, суруналыыс Варвара Николаевна Угарова, РФ үтүөлээх үлэһитэ юриһа, юридическай билим дуоктара, профессор Макар Макарович Яковлев, Былатыан Ойуунускай аатынан литературнай музей научнай үлэһитэ Ефросиния Семеновна Ноговицына, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэтесса Ольга Николаевна Корякина – Умсуура, Савва Иванович бииргэ төрөөбүт эдьиийин кыыһа, Арассыыйа үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ Александра Михайловна Колесова поэт туһунан тыл этэн, сырдык аатын ахтан-санаан аастылар.

Саха народнай поэта Савва Иванович Тарасов литературнай нэһилиэстибэтин тарҕатыыга уонна үйэтитиигэ киллэрбит кылааттарын иһин Горнайдааҕы кииннэммит библиотечнай ситим үлэһиттэрэ – салайааччы Анна Владимировна Иванова, сүрүн библиограф Анастасия Ивановна Заровняева, Солоҕоннооҕу филиал сүрүн библиотекара Анна Ивановна Дормидонтова СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Махтал суругунан, технолог-библиотекарь Александр Дмитриевич Петров Бочуотунай суругунан наҕараадаланнылар.

Хаартысканы Марина Дашинимаева тиксэрдэ
Хаартысканы Марина Дашинимаева тиксэрдэ
Хаартысканы Марина Дашинимаева тиксэрдэ

“Саха Саарына Сааба” кинигэ сүрэхтэниитэ олус сэргэхтик,  истиҥник, иһирэхтик ааста. Мустубут ыалдьыттар Савва Иванович олоҕун, айар үлэтин сырдатар, Александр Адамович айымньыларын билиһиннэрэр быыстапкалары сэргии көрдүлэр.

Салгыы үбүлүөйдээх сылы түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин чэрчитинэн Б.Ойуунускай аатынан Саха академическай театрыгар уопсастыбыннас мунньаҕа дьону-сэргэни түмтэ. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Ильич Еремеев, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Иванович Ноев, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Гаврил Гаврильевич Андросов, саха народнай суруйааччыта, Б.Ойуунускай аатынан Литературнай музей дириэктэрэ Николай Алексеевич Лугинов Горнай улууһа литературнай уонна култуурунай нэһилиэстибэни тарҕатыыга, улуу дьоммут ааттарын үйэтитиигэ таһаарыылаах үлэни ыытарын бэлиэтээтилэр, эҕэрдэ тылларын эттилэр. Бу үөрүүлээх быһыыга-майгыга Горнайдааҕы кииннэмит библиотечнай ситим библиотекара Саргылана Алексеевна Михайлова Савва Тарасов айар үлэтин үйэтитиигэ киллэрбит кылаатын иһин СӨ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин Махтал суругунан наҕараадаланна, Маҥанытааҕы филиал сүрүн библиотекарыгар Марфа Николаевна Текеяноваҕа култуура туйгуна аат иҥэрилиннэ.

“Үтүө киһи барахсан” литературнай-музыкальнай дьүһүйүү үгүс көрөөччү биһирэбилин ылла, тэрээһин Савва Иванович Саха сиригэр муҥура суох тапталын көрдөрөр Михаил Тимофеевтыын суруйбут Саха Өрөспүүбүлүкэтин Өрөгөйүн ырыатынан өрө көтөҕүллүүлээхтик түмүктэннэ.

Ытык киһибит Савва Иванович дууһалаах эрэ барыта долгуйа ааҕар үйэлээх айымньылара, ыйааһыннаах тыллара, кырдьыктаах үлэлэрэ өлбөт-сүппэт үтүө өйдөбүнньүк буолуохтара!

Марина Дашинимаева

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

8 часов ago