Саха саллаатыгар ырыалар айыллаллар
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, мелодист, ырыаһыт Николай Семенович Кондратьев Дьокуускай куоракка олорор.
Кини аҕата Семен Антонович Кондратьев Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа, “Кыһыл Сулус”, “Албан Аат” III истиэпэннээх уордьаннардаах хорсун саллаат, хоһуун үлэһит киһи этэ. Сэрииттэн тыыннаах эргиллэн кэлэн, кэргэнэ Александра Ивановналыын үс кыыс, икки уол оҕоҕо күн сирин бэлэхтээбиттэрэ.
Уоллара Николай Кондратьев бэтэрээн аҕатыгар уонна Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар анаабыт ырыалара аҕыйаҕа суохтар. Кини үгүс ырыатын саха бастакы профессиональнай композитора, Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубаларын үтүөлээх диэйэтэлэ Захар Константинович Степанов көрөн-истэн көннөрөн, нотаҕа таһаарбыта.
Күн сирин дьонноро
(Николай Кондратьев тыллара уонна мелодията)
«Күн сирин көмүскүүр туһугар
Олорбут олоххут аатыгар.
Кэнчээри ыччаппыт иннигэр
Олоххут оҥкулун чиэстиибит.
Хос ырыата:
Эһээлэр, эбээлэр,
Биһиги киэн туттар дьоннорбут.
Ийэлэр, аҕалар
Күн сирин көмүскүүр күн дьоммут.
Билиҥҥи олохпут киэбигэр
Бутуллар-буккуллар туругар.
Эһиги санааҕыт кыымынан,
Эрэллээх суолунан барыаххыт.
Эйэлээх олохпут иннигэр
Эгэлгэ эриэккэс кэмнэрин
Эриһэн эргиппит эдэр саас
Эйэҕэ-сырдыкка илпитэ.
Сэбиэскэй кэммитин санааммыт,
Дьол-соргу туһа диэн тураммыт,
Биир ньыгыл санааны ылынан,
Сомоҕо күүспүтүн түмүөҕүҥ.
Кэлэр кэм кэскилин түстээбит,
Кыайыыны аҕалбыт дьоннорго,
Күн сирин күндүтүн, уруйун
Кэрэхсээн, айхаллаан этэбит!
Онтон “Дьоруойдары чиэстиибит” ырыатын байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар, чуолаан Арассыыйа дьоруойдарыгар анаан айбыта.
Дьоруойдары чиэстиибит
(Николай Кондратьев тыллара, мелодията)
Киэн тутта көрсөбүт геройдары,
Албан аатырбыт буойуннары,
Хорсун-хоодуот эр санаалаахтары
Уруйдаан-айхаллаан чиэстиибит!
Хос ырыата:
Ийэ сир туһугар туруулаһан,
Харыс-хабыр сэрии кыргыһыыга
Биһиэхэ Кыайыы дьоло күөрэйдин,
Уруй-туску, айхал-мичил буоллун!
Нуучча, саха, араас омуктарга
Холбоһуктаах сэриилэһиигэ,
Ийэ дойдуларын көмүскээннэр,
Сахалар геройдуу буоллулар.
Россиябыт тутулун тутуһан,
Болуодьа Путин ыйааҕынан
Украина сэриитин утаран,
Россия сэриигэ кыайдаҕа.
Кыайыы күнэ күндээрэн-сандааран,
Кэрэтийиэ-чаҕылыйыа диэн,
Хорсун-хоодуот саллааттарбытыгар
Өрөгөй кыайыы буолуоҕа!
Николай Кондратьев:
«Арассыыйа дьоруойдарын, ол иһигэр биһиги биир дойдулаахпыт, оҕобут Филипп Александровиһы, Арассыыйа дьоруойдара буолбуттарынан үөрэн-көтөн, долгуйан туран эҕэрдэлиибин. Бу ырыабын кинилэр аймахтарыгар, чугас дьонноругар бэлэх уунабын. Дьоллоох, доруобай буолуҥ, этэҥҥэ, үөрэ-көтө бары бииргэ сылдьыҥ”, — диэн баҕа санаатын тириэрдэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: