Салгыы
Саха сатаабатаҕа, кыайбатаҕа суох

Саха сатаабатаҕа, кыайбатаҕа суох

21.01.2023, 18:00
Бөлөххө киир:

Ааспыт үйэ 90-с сылларыттан «сахалары – бырамыысыланнаска» бэлиитикэнэн син балайда киһини сыһыаран үлэлэтэ сатаабыттара. Олортон үгүстэрэ араас төрүөтүнэн төттөрү барыталаан саха киһитэ хара, ыарахан үлэҕэ сатаан үлэлээбэт диэн өйдөбүлү хаалларбыттара. Оттон күүстээх үлэттэн чаҕыйбакка, толлубакка дьүккүөрдээхтик үлэлээбиттэр эмиэ бааллар. Олортон биирдэстэринэн Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйигиттэн төрүттээх Дьулустаан Васильев буолар. Ил Дархан быйылгы сылы Үлэ сылынан биллэрбитинэн, бу туруу үлэһит киһи туһунан суруйарым тоҕоостоох курдук.

Дьулустаан 9-с оҕолоох Васильевтар дьиэ кэргэннэригэр ортоку оҕонон төрөөбүтэ. Аҕалара Василий Петрович Васильев сопхуоска тырахтарыыстаабыта, ийэлэрэ Олимпиада Захаровна Борисова арыы сыаҕар, ол кэннэ интэринээккэ асчытынан үлэлээбитэ. Аҕалара эдэр сааһыгар суох буолан, ийэлэрэ барахсан оҕолорун бэйэтэ атахтарыгар туруортаабыта. Эрдэ тулаайах хаалбыт буоланнар, оҕолор бары ыарахантан толлубат, үлэттэн чаҕыйбат буола улааппыттара.

Дьалхааннаах 90-с сыллар…

– Мин 1991 сыллаахха олох тосту уларыйар кэмигэр оскуоланы бүтэрбитим. Дойду үрдүнэн кириисис, ыһыллыы-тоҕуллуу кэмэ саҕаламмыта, дэлэҕэ даҕаны дьалхааннаах 90-с сыллар диэхтэрэ дуо.  Оскуоланы бүтэрэн баран ол кэмнээҕи үгүс ыччат курдук, сопхуоска пиэрмэҕэ үлэлээбитим. Ол эһиилигэр аармы­йаҕа ыҥырыллан барбытым. Икки аҥаар сыл ытык иэспин төлөөн, сулууспалаан кэлэн баран, Үөһээ Бүлүүтээҕи СПТУ-га  үөрэнэн суоппар идэтин ылбытым. Онтон дойдубар тахсан эмиэ суоппарынан, хачыгаарынан, оробуочайынан үлэлээбитим. 90-с сыллар ортолоругар хата, Дьарыктаах буолуу киинэ тэриллэн, үлэтэ суох ыччаты түмэн, баахта ньыматынан, хамнастаах тэрилтэлэргэ үлэлэтэ ыытар буолбута. Ол бырагыраамаҕа хапсан, бас­таан Айхалга тиийэн тутууга үс ый үлэлээбитим. Ол кэннэ икки ый дойдубар сынньанан баран, аны Мииринэйгэ тиийэн эмиэ баахтанан тутууга үлэлээбитим.

Ол сылдьан «БелАЗ» массыыналары сөҕө-махтайа көрбүтүм уонна манна үөрэммит киһи дии санаабытым. Үһүс сырыыбар Үлэнэн хааччы­йыы киинин нөҥүө «БелАЗ-ка» үөрэнэр эбиппин диэн онно суруйтарбытым. Онон алта ый Мииринэйгэ үөрэнэн баран, салгыы дуогабардаһан үлэлии киирбитим. Ити барыта Бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Николаев өҥөтүнэн, «олохтоох каадыры бырамыысыланнаска үлэлэтии» диэн анал бырагырааманан үөрэнэн, «АЛРОСА» хам­паанньаҕа киирбитим. Ол иннинэ тыа ыччата Мииринэй, Айхал диэн сирдэри билбэт даҕаны этим.

Бырамыысыланнаска сыстыы…

– Онтон баҕа санаам туолан, 1998 сыллаахха Мииринэйгэ үлэлиир буолбутум. Биир-икки сыл үлэлээн баран улахан убайбын ыҥырбытым. Кини Мииринэйгэ шахтаҕа киирбитэ уонна биэнсийэҕэ тахсыар диэри онно үлэлээбитэ. Ол кэнниттэн аны бииргэ төрөөбүт Петр диэн бырааппын үлэлэтэ ыҥырбытым, тута сыбаар­сыгынан үлэлэтэ киллэрбиппит. Син өр үлэлээбитэ, кэлин Дьокуускай куоракка көһөн үлэлии сылдьан байыаннай дьайыыларга мобилизацияҕа ыҥырыллан барбыта.

2011 сыллаахха Мииринэйтэн Айхалга көспүтүм. Билигин бастакы холуоннаҕа 130 туонналаах «БелАЗ-ка» суоппардыыбын. «АЛРОСА» хампаанньаҕа үлэлээбитим номнуо 30-ча сыл буолла. Бастаан утаа ыарахан курдук этэ эрээри, киһи барытыгар үөрэнэр эбит. Кылаабынайа, түүн-күнүс кыраапыгы тулуйуохха наада, кэлин үөрэнэн, олох да онно кыһаммат буолан хаалаҕын. Бу 30-ча сыл үлэлиирим тухары син элбэх киһини ыҥыран аҕалан үлэҕэ киллэрдим, сорохтор билигин да үлэлии сылдьаллар. Биир убайбын эмиэ «БелАЗ-ка» үөрэниэххэ диэн хаайан, үөрэнэн, Мииринэйгэ үлэлээн баран, кэлин Накыыҥҥа көһөн баахтанан үлэлии сылдьар.

Дьиэ кэргэмминэн – дьоллоохпун

– Дьолбор көрсүбүт күндү киһим түөрт оҕону бэлэхтээн, Айхалга быр-бааччы олохсу­йан олоробут. Оҕолор кыра буоланнар, кэргэним дьиэтин-­уотун көрөн олорор. Таах олорбот, айар-тутар дьоҕурдаах, уран тарбахтаах иистэнньэҥ. Ийэбит иистэнэн араас быыстапкаларга, тэрээһиннэргэ мэлдьи кыттар. Иллэҥ кэммэр оҕолорбунан дьарыктанабын, дьиэ кэргэнинэн айылҕаҕа сылдьарбытын ордоробут. Оҕолорбутун батыһыннара сылдьан сир астыыбыт, көрдөрөн-такайан  үлэҕэ сыһыара сатыыбыт.

Иллэҥсийдим даҕаны до­­руобуйабын чэбдигирдэ саалаҕа эрчиллэбин. Чөл олоҕу тутуһан, чэгиэн-чэбдик сылдьан оҕолорбор холобур буоларга дьулуһабын.  Киһи бу сиргэ дьиэ-уот тутта, оҕо-уруу төрөтөн, төрдүн-ууһун уһатаары кэлэр. Онон инники кэскилбит туһугар төһө кыахпыт тиийэринэн үлэлиир-хамсыыр буоллахпыт. Кэргэним – мин дьолум. Дьиэҥ-уотуҥ уурбут-туппут курдук дьаһаллан, оҕоҥ-урууҥ этэҥҥэ чэгиэн сылдьар, бэйэҥ үлэлиир-хамсыыр кыахтаах буол­лаххына, онтон ордук күндү ки­­һиэхэ туох кэлиэй.

Аҕа табаарыстарбынан киэн туттабын

– Биһиги үлэбитигэр сахалар син бааллар, уруккуттан манна олохсуйан олорон үлэлиир 6-7 киһи баар. Онтон атыттар кэлии дьон, элбэх араас омук баар. Мин биир дьоһун киһибитин, аксакалбытын Валерий Петрову бэлиэтиэм этэ. Кини быйыл 65 сааһын туолар, холуоннабыт биир бастыҥ, киэн туттар үлэһитэ. Өссө биир тумус туттар киһибит, кырдьаҕас белазист Реворий Данилов буолар.

Эдэрдэр даҕаны сыстан үлэлииллэр, холобур, Сунтаартан Андрей Иванов баар. Кэлин кылгас кэмҥэ да буоллар, баахта ньыматынан кэлэн син элбэх саха үлэлиир буолла.

Үлэлииргэ, үүнэргэ үчүгэй кэм

– Урукку уонна билиҥҥи үлэ усулуобуйатын тэҥнээн көрдөххө, билигин быдан үчүгэй буоллаҕа. Хамнас туһунан эттэххэ, урут даҕаны куһаҕана суох буолара, кэмигэр төлүүр этилэр. 90-с сылларга атын этэ, билигин аныгы бөдөҥ, улахан кыамталаах тиэхиньикэ арааһа, аҕыйах сыл буола-буола саҥардан иһэллэр. Үлэлииргэ даҕаны сынньалаҥ буолла, урукку курдук буолбатах. Аны билигин көмпүүтэр үйэтэ буолан, массыынаҥ иһэ эргиччи хаамыра, барытын көрө олорон диспиэччэр салайар.

Саха киһитэ сатаабатаҕа, кыайбатаҕа суох. Арыгы испэт, үлэһит киһиэхэ мэлдьи аан аһаҕас. Кылаабынайа, үлэттэн чаҕыйбакка, кыайа-хото туттахха, барыта сатанар. Саха уолаттара биһиэхэ үлэлии кэлэллэрэ, өссө Айхалга олохсуйа хаалаллара буоллар, бэрт буолуо этэ. Саха курдук бүгүрү үлэһит киһи, дьиҥэ, суох.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 апреля
  • -7°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 58% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: