Саха сатабыллаах Далбара

Share

Дьахтар саха омук өйдөбүлүгэр, итэҕэлигэр эриирдээх-мускуурдаах орто дойду олоҕун суолун тобуларга олоҕу арчылыыр, көрөр-харайар, кыһаллар-мүһэллэр.Кини кэрэ-нарын, сэмэй, симик, ол эрээри наада буоллаҕына, Дьырыбына Дьырылыатта да буолуон сөптөөх хорсун, хотоойу, сорох сороҕор хабыр да санаалааҕы самнарар күүстээх, уустук кэмнэргэ эрэйи-муҥу түөһүнэн дьүккүйэр. Киһи буолуу үс түһүмэҕин ааспыттары түөс толору тыынан, икки атахха чиҥник тирэнэн турар киһи киһитэ, кылааннааҕа диэн сыаналанар.

1 түһүмэх: Тобулуу — ылыммыт суолу эккэ-хааҥҥа иҥэринии, өйгө-санааҕа дириҥник киллэрии, кыаллыбаты быһаарыы, чинчийии
2 түһүмэх: Өйдөнүү, санааланыы – иннини-кэннини быстыбат ситимнээн, тургутунан толкуйдааһын, тэҥнээн көрөн табатык быһаарыныы. Өйү-санааны сааһылааһын, төрүөтүн булуу, тиһэҕэр тиэрдии, дириҥ толкуй, киэҥ көҕүс.
3 түһүмэх: Сатабыл – баҕарабын – булабын – өйдүүбүн – туһанабын – туттабын – айабын.
Бу суруллубут барыта биһиги биир дойдулаахпытыгар – учууталга, уһуйааччыга, талааннаах-дьоҕурдаах, бары өттүнэн бастыҥ, эргиччи өттүнэн килбиэннээх Оксана Павловна Гаврильева-Айсанаҕа этиллэр, кини өссө биир бэлиэ үктэлгэ үктэннэ. Омос көрдөххө, хаһан да ыксаабат, тиэтэйбэт, дьикти холку, ис-иһиттэн чуумпу, куруук иһиллэнэ, иһиллии сылдьар курдук. Онтон кэпсэтэн-сэһэргэһэн, арыллан-аһыллан истэҕинэ, ис-иһиттэн сырдык, сылаас тыыннаах, ис туругар туллубаттыы туппут сүнньүлээх, баай талым эйгэлээх, тыл-өс дириҥ далайыгар, бараммат байҕалыгар көҥүл сылдьар, иис-күүс өттүгэр иитин-саҕатын булбут, ис туругун тас көстүүтүн кытта олус табан алтыһыннарар, чинчийэргэ, чопчулуурга, чуолкайдыырга, күнүн аайы кэҥииргэ, сырыы аайы эбиллэргэ наука түннүгүн тобулар Далбар хотун. Күнү-дьылы сөпкө үллэрэн, таҥан 24 чааһы муҥутаан туһалаахтык атаарааччы эмиэ кини. Кынат гына улаатыннарбыт кыталык кыргыттарын олох суолугар үктэннэрэн, сиэн оҕолорунан ситэриллибит, күтүөт уолаттарынан эбиллибит эмиэ кини.
Айар-тутар суол аартыктарын арыйан, бу күҥҥэ диэри мунньубутун-хомуйбутун, сааһылаабытын-наардаабытын сыыйа-баайа тутан-хабан, сыныйан көрдөххө, биир киһи баччаны баар гыммыт, оччону оҥорбут, түмпүт, дьон-сэргэ дьүүлүгэр таһаарбыт диэтэххэ сөҕөҕүн эрэ.


Мин бу суруйуубар иис-күүс өттүн ырытан-ыраҥалаан көрөргө холонуом. Иис өттүгэр ытыс иһигэр сытар брошьтан саҕалаан, бууктаах соҥҥо тиийэ баар! Ол иһигэр, брошь төһөлөөх бириэмэни, сатабылы, тулууру-дьулууру ирдиирин бары билэбит. Уопсайынан, Оксана Павловна бары оҥоһуктарыгар эҥкилэ суох ыраас буочар, бүппүт толору уобарас куруутун баар. Киниэхэ соҕотох толугуруу сылдьар туох да суох, барыта пааралаах, ситэри-хотору көрүҥнээх, о.э. саҕа буоллаҕына суумкалаах, бэргэһэ буоллаҕына үтүлүктээх, түөс киэргэлэ буоллаҕына бөҕөхтөөх уо.д.а. Дьиҥ саха дьахтара буоларын быһыытынан, улахан иистэртэн хаалбыт кырадаһыннары сыыска-буорга хаалларбакка сыа-сым курдук тутан өҥүн-дьүһүнүн дьүөрэлээн, быһыытын-таһаатын, моһуонун быһан-отон көрүөхтэн кэрэ көстүүлээх киэргэллэри, суумкалары уо.д.а. тикпитэ биһирэбили ылыан ылла.
Оксана Павловна киэҥ көрүүлээх, дириҥ билиилээх буолан, киһи муҥкук санааҕа мунуон сөптөөх да түгэннэригэр сөптөөх эппиэти тобулар. Кини тула тыҥааһыннаах, мөккүөрдээх, ыгыллыылаах-түүрүллүүлээх түгэннэр тахсыбаттар. Ол — кини мындыр өйүн, мааны майгытын туоһута. Дьэ ити курдук, бу кылгас суруйууга «баҕарабын – булабын – өйдүүбүн – туһанабын – туттабын – айабын» диэн тускулу тутуһар саха сатабыллаах далбара Оксана Павловна Гаврильева талаанын, дьоҕурун аҕыс кырыытын барытын арыйбатарбын да, сүрүн өйдөбүлү биэрдим диэн эрэнэбин.

Наталья РУФОВА

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

10 часов ago