– Ок-сиэ, бириэмэ ырааппыыт…
Балбаара уһуктаат, хачыгырайан, илиитин иминэн чаһытын кыҥаан көрбүтэ. Алта чаас буолбут. Кими эрэ уһугуннарыам диэбиттии, тыаһа суох хоһуттан дугунан тахсан, аан дьиэттэн биэдэрэтин ылан, хотоҥҥо кэтэр таҥаһын таҥнан, хотонугар таҕыста.
Тахсыбыта – хаардаабыт. Бэҕэһээ киэһэ чөкө уурбут талах миинньигин ылан, үктэллэрин киһи хаамыан иннинэ харбаата. Кини үктэли харбаабакка эрэ тэпсибит буоллахтарына, сөбүлээбэтэхтии саҥарааччы.
Хотонугар диэри «сыр-сыр» харбаан, астынан, аанын аһан киирдэ. Хотон иһэ сылааһа сүрдээх. Түгэххэ саамай кырдьаҕас, бас сүөһү – Мөһүүрэ турар. Ынаҕын туруоран, түүҥҥү сааҕын дьаамаҕа тарыйан түһэрдэ. Ынаҕа күтүр баҕайытык көрө-көрө номнуо киирдиҥ дуу диэбиттии ыҥыранан кэбистэ. Балбаара сүөһүлэрин кытта киһилии кэпсэтэ-кэпсэтэ, хотонун ыраастаан кэбиспитин бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Сүрдээҕин астынна.
Биэдэрэлээх хаама сылдьан, турбут сүөһүлэр ииктэрин тоһуйда. Син бүппүт курдук буолла. Кыракый тарбыйахтар, ийэлэрин үтүктэн, туран тилигирэстилэр. Балбаара кыра уҥуохтаах, дьарамай тарбыйаҕын тоҕо эрэ ордорор. Ийэтэ быһа тэбиэлээн, оҕолоругар кырыктаах сүөһү диэн, бу муҥнааҕы аһынар. Арахсан хаалан, эмпэтэх күнэ диэн суох.
Балбаара биэдэрэтин ылан, уу-чуумпутук олорон, кырдьаҕас ынаҕын ыабытынан барда. Ол олорон, элбэҕи саныыр: олох ыараханын, оҕолорун үчүгэй дьон оҥортообут киһи диэн толкуйун ыра санаа гыммытын – барытын. Тыа дьахтара барахсан – эрдэһит, үлэһит, уһун күн устата олорон көрбөккө хачыгырайар – ол барыта оҕолорун тустарыгар.
Хотонун үлэтин бүтэрэн, таһырдьа тахсыбыта – халлаан сырдаабыт. Үүтүн икки биэдэрэҕэ тутан, дьиэҕэ киллэрэн, хаҥас остуол аттыгар уурда. Хоско ааһан, кыра кыыһын оскуолаҕа ыытаары уһугуннарда. Ити кыра кыыһа, сүрэҕин чопчута — Оруоһата утуйа сытар…
Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро орто оскуолатын үрдүк категориялаах учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Розалия Николаевна Алексеева ийэтин туһунан бу курдук ис-иһиттэн сылаанньыйа, махтана ахтар:
— Ийэм оскуолаттан кэлэрбин кэтэһэн, күнүскү эбиэтин бэлэмнээн, миигин өрүүтүн күүтэрэ. Кэллим да, күннээҕи оскуолам сонунун ыһа-тоҕо кэпсээн, ону ийэм тулуурдаахтык истэн, сэҥээрэн, бэйэ-бэйэбитигэр истиҥ сыһыаны үөскэппит эбиппит.
Ол курдук кыһалҕа диэни көрсүбэккэ, ийэбин аанньал оҥостон, оскуолабын ситиһиилээхтик бүтэрбитим. Ийэм баҕатын толорон, учуутал идэтигэр Амурскай уобаласка Комсомольск-на-Амуре куорат пединститутугар үөрэнэ барбытым. Үөрэнэр кэммэр ийэм, төһө да сатаан суруйбатар, сүбэтин-аматын, толкуйун эдьиийдэрбэр этэн суруйтара сытара.
Ийэм учуутал буолар ыйаахтаахпын өтө таайдаҕа, ол иһин үөрэхпин бүтэрэн кэлбиппэр, сүүспүттэн сыллаан ылан баран:
– Оҕом баҕабын толордо, – диэбитин, үөрбүт-көппүт сирэйин олох умнубаппын.
Иһирэх ийэ, эйэҕэс эбээ – элбэх эриэккэс тыллар кини тула сыдьаайаллар.
Таһырдьа хаар түһэр. Ийэм кыракый күрдьэҕин туппутунан, кыбыы таһынааҕы хаары күрдьэн, лиискэ кутан сиэннэригэр бэлэмниир. Аны кинилэри үөрэтэр-такайар. Кыра-кыратык, илистибэккэ үлэлииргэ сүбэлиир. Эбэлэрин кытта күн өрүү-өрүү хаардарын таһаллар. Арыт сүрэҕэлдьээн, кэлбэтэх күннэригэр эбэлэрэ бэйэтэ таспыт буолар. Буруйдуу-сэмэлии сылдьыбат. Эмиэ уруккутун курдук сытыары-сымнаҕас.
Кини биһиэхэ саамай чугас, күндү киһибит. Ийэбитигэр, эбээлээххэ барыы – биһиэхэ барыбытыгар күндү бырааһынньык курдук буолара. Ол курдук истиҥ-эйэҕэс кэпсэтии, күлүү-салыы барыбытын сылаас тыынынан имэрийэр курдуга.
Чугас ыаллара: “Балбааралаахха киирдэххэ, сүтэрбитин булбуттуу үөрэ-көтө чэйин үрдүгэр түһэн, остуол тардан, киирбит киһини итиилээн таһаарар үгэстээҕэ” диэн ахталлар.
— Биһиги тапталлаах ийэбит Константинова Варвара Степановна 1933 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһун 2-с Боотулуу Кырыкый нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Төрөөбүт-үөскээбит Кыынньаахытын олус истиҥник ахтара, дьонугар-сэргэтигэр сэһэргиирэ.
Сэттэ оҕону көрөн-истэн, дэриэбинэҕэ холобур буолар ыал ийэтэ этэ. Кинилэр элбэх сүөһүлэнэн, элбэх астаах-үөллээх, киһи бөҕө сылдьар, аламаҕай, кэпсэтинньэҥ ийэлээх, дьиэҕэ киирбит киһи тахсыан баҕарбат дьоһун-мааны ыал буолан олорбуттара…
Ийэбит бастакы кэргэнэ Ефремов Филипп Семёнович, ол саҕанааҕы кэмҥэ нэһилиэккэ биллэр тутааччы, мас ууһа этэ. Билигин олорбут уулуссалара Ф.С. Ефремов аатын сүгэр. Киниттэн биэс оҕону төрөтөн, иитэн-такайан олорон истэхтэринэ, аҕалара оһолго түбэһэн, олохтон туораан аҥаардас хаалан, нарын санныгар наһаа элбэх эрэйи-кыһалҕаны сүкпүтэ. Ол саҕанааҕы саха дьахтара кытаанах санаалааҕа, тулуурдааҕа абыраатаҕа дэһэбит…
Иккис кэргэнэ Иванов Николай Васильевич, совхозка биригэдьиирдээбитэ. Бэйэтин бириэмэтигэр биллэр-көстөр үлэһит киһинэн биллэр этэ. Николай Васильевичтан икки оҕоломмута.
Ийэбит барахсан наһаа ыраас, чэнчис туттуулааҕа, кини оҕолорун үлэҕэ-хамнаска сыһыаран, олоххо муударайдык такайан, дьоҥҥо-сэргэҕэ аламаҕайдык сыһыаннаһарга үөрэппитин, бары этэҥҥэ үөрэхтэнэн, ньир-бааччы ыал буолан олорорбут туоһулуур.
Кини үтүө үөрэҕин барытын иҥэринэн, мэлдьи үөрүнньэҥ майгылаах, толору сандалылаах, үгүс ыалдьыттаах ыал буоларбытынан киэн туттабыт, оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр үөрэ-көтө кэпсиибит, үтүө өйдөбүлү хаалларан, сүрэхпитигэр-быарбытыгар тугу тута сылдьарбытын судургу тылынан тиһэ сатыыбыт..
Билигин күндү ийэбит, эбэбит аттыбытыгар суох. Чуҥкук. Сымнаҕас майгылаах, сайаҕас санаалаах, кыраттан да үөрэр күн-күбэй ийэбит барахсан аны аттыбытыгар суох. Кини барбыта айылҕата айбытыныы сымнаҕастык, тыаһа-ууһа суох уу-чуумпутук.
“Ким да эбэм курдук сэргэстэһэ олорон хатырбыт илиилэринэн имэрийэ-имэрийэ: «Оҕом улахан киһи буолсу, илиитэ-атаҕа улахан», – диэн баран, көрбөт буолбут харахтарынан миигин чуолкайдыы сатыырдыы сыныйан көрүөй?” — диэн сиэн уола ахтар. Кини билигин “Саха” НКИХ ханаалын оператора.
Олорбут олоҕор бэйэтин үлэтинэн, дьоҥҥо сыһыанынан, күүстээх санаатынан холобур буолбут эбит, биһиги тапталлаах ийэбит, эбэбит Варвара Степановна Константинова – Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро нэһилиэгин биир симик, сахалыы сытыары-сымнаҕас, муударай ытык кырдьаҕаһа. Баара буоллар, элбэҕи да этиэ этибит. Оо, Ийэбит барахсан!
2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…
Оскуола агролабораториятыттан репортаж Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…
“Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…
Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…
"ЯТЭК" ПАУо 2024 сылга үп-хаһаайыстыбаннай үлэтин уонна 2025 сыллааҕы былааннарын көрөр мунньахха Айсен Николаев Дьокуускайга…
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин бу күннэргэ сылы түмүктүүр мунньахтарын ыыталыыр. Ахсынньы 10 күнүгэр Гражданскай…