Сахалыы сиэргэ-туомҥа, алгыска үлэлэһэр киһи быһыытынан, кэлиҥҥи кэмҥэ сыта-тура толкуйдуур санаабын дьоммун-сэргэбин кытта үллэстиэхпин баҕардым.
Быйыл Саҥа 2024 сылы көрсө, кэнники күүскэ киирэ сатыыр фейерверк ытыытын тохтотуохха диэн ыҥырабын. Бу саха киһитин айылгытыгар олох сөп түбэспэт омук дойдуларыттан кэлбит көстүү. Өбүгэ саҕаттан кэлбит үөрэҕи утары барыы буолар. Санаан көрүҥ, кыһын утуйа сытар Ийэ Айылҕабытын, өссө түүн үөһэ халлааны тоҕута тэптэрэн, таһырдьа иһийэн турар, сытар кыылы-сүөлү араас уотунан сандаардан, күүстээх эстии тыаһынан соһутар, куттуур саха өйүгэр хайдах да баппат суол.
Санаан уонна толкуйдаан да көрдөххө, доҕоттор, Илбис кыыһын ыҥыра олорбут эбиппит буолбаат?…
Бастакытынан, халлааммыт умайа олоруор дылы сылтан сыл аайы ыал ыалынан куоталаһа-куоталаһа сөлүүт ыт да ыт. Иккиһинэн, сэрии сэптэрин — тааҥканы, буусканы нэһилиэк аайы онтон-мантан тиэйэн аҕала-аҕала, гарааска уонна мастарыскыайга бүгэ сытан тимиринэн иһэрдэ-иһэрдэ, тупсара-тупсара киин, ытык сири талан туруортааһын бөҕө. Үсүһүнэн, оҕо уһуйааныттан саҕалаан бары байыаннай таҥас кэтэн параадтааһын.
Туох барыта кэмнээх-кэрдиистээх. Ыҥыран аҕалбыппыт түмүгэ — хаарыан ыччаттарбыт араас сири-халлааны тоҕута сатарытар буускалаах, тааҥкалаах сиргэ «дойдубут чиэһэ» диэн туруулаһа сылдьаллар…
Онон түүн ытыллар салюттары, фейерверктэри тохтотор уолдьаста! Үүнээри турар сыл Айыыһыт — Дьиэ кэргэн Айыыһытын харыстыыр, тапталы үөскэтэр, оҕо-төрүүр, киһи ууһуур төлкөтүн түстүүр Айыы сыла. Тыынар тыыннаах барыта Айыыһыттаах. Онон Кинини соһуппакка, сахалыы сэмэйдик «Ил, Эйэ, Таптал түстэннин!» диэн көрдөһөн туран, кэлэр сылбытын чуумпутук көрсүөҕүҥ!
Зиновий ИГНАТЬЕВ,
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ытык Сүбэтин салайааччыта, саха сиэригэр-туомугар үлэлэһэр алгысчыт, «Саха сирэ» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: