Дойдуга экспорка тахсар сүрүн табаардары хостооһуҥҥа ситиспит кирбиилэр оннунан хаалаллар.
Саха сиригэр эрэгийиэннээҕи баалабай бородуукта үүнүүтэ 2024 сылга ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ 3,2 % үрдүөҕэ. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэҥҥэ) Анал этиитигэр иһитиннэрдэ, диэн СИА суруйар.
“Эрэгийиэннээҕи баалабай бородуукта үүнэр уонна сыанабыл быһыытынан 2024 сылга ааспыт сыл сыанатыгар тэҥнээтэххэ 3,2 бырыһыанынан үрдүөҕэ. Бу өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр дохуот туруктаахтык киириитин, бары социальнай эбэһээтэлистибэлэри толорууну хааччыйыаҕа уонна дьон туһугар инвестицияҕа кыахтары арыйар”, — диэтэ Айсен Николаев.
Кини ону тэҥэ бырамыысыланнас оҥорон таһаарыытын үрдээһинэ Арассыыйа орто көрдөрүүтүн икки төгүл кэриҥэ куоһарарын бэлиэтээтэ уонна сыл саҕаланыаҕыттан 11 ый устата 8,3%. тэҥнэстэ. Алмааһы, ньиэби уонна айылҕа гааһын хостооһуҥҥа дойдуга ситиспит кирбиилэрбитин ыһыктыбатыбыт.
“Саха сирин соҕуруу өттүгэр дойдуга тутаах бырайыактар түмүктэринэн, таас чоҕу хостооһун сыл түмүгүнэн 49 мөл туоннаҕа тиийиэҕэ – өрөспүүбүлүкэ Кузбасс кэнниттэн аан бастаан дойдуга иккис миэстэни ылыаҕа. Элгэтээҕи таас чохтоох сиргэ 38,5 мөл туонна кыамталаах сэттэ байытар баабырыка үлэҕэ киирдэ. Быйыл сэтинньи ыйга Чуумпу акыйааннааҕы тимир суолу тутуу түмүктэнэн, Саха сириттэн тиэллэр таһаҕас Охотскай муораҕа быһа барыытын хааччыйда. Саха сиригэр кыһыл көмүһү хостуур бырамыысыланнас сүүс сылыгар биһиги 54 туонна кыһыл көмүһү хостоон, дойдуга иккис миэстэҕэ таҕыстыбыт, — диэн Саха сирин Ил Дархана бэлиэтээтэ.
Айсен Николаев быйыл кыһыл көмүһү хостооччулар 64 % элбэх нолуогу төлөөбүттэрин бэлиэтээтэ. Бу салааҕа 12,5 тыһ. тахса киһи үлэлиир. Томпо оройуонугар Нежданинскайдааҕы баайдаах сири баһылааһын ыытыллар.
2025 сылга Алдан оройуонугар “Хвойное” баайдаах сиргэ байытар баабырыка, ону тэҥэ Өлүөхүмэ оройуонугар “Токко” уонна “Роман” бырайыактар үлэҕэ киириэхтэрэ
Дьулустаан Сергеев
Хаартыска: СИА
Бүгүн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэҥҥэ) Анал этиитин тыа дьоно үлэ-хамнас…
Саҥа дьылга кыһыл искэх остуол ахсын ууруллар. Искэҕи оҥорууга ханнык Е аһылык эбиликтэрэ көҥүллэнэллэрин, ханнык…
СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров этэринэн, өйөбүл саҥа миэрэлэрэ тыа сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар дьайыахтара.…
“Бүгүҥҥү күҥҥэ сахалыы саҥарбат оҕо элбээн иһэрэ кистэл буолбатах. Бу урукку курдук Дьокуускай куорат эрэ…
"Дыгын оонньууларын" 2024 сыллааҕы чөмпүйүөнэ Дьулустаан Ноговицын кэлэр сылга кыттарын туһунан иһитиннэрдэ диэн СИА суруйар.…
Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ олох бары эйгэтин сэргэ үөрэх боппуруоһугар киэҥник тохтоон ааста.…