Саха сирэ 2030 сылга диэри 3 төгүл элбэх энергоресурсаны оҥоруоҕа
Саха сирэ 2030 сылга энергияны оҥорууну 3-тэн ордук төгүл улаатыннарар былааннаах.
Үлэ көдьүүстээх буоларыгар өрөспүүбүлүкэ энергетикатын эрэ буолбакка, тырааныспарын инфраструктуратын саҥардыы наада. Бу туһунан Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Москваҕа 2030 сылга диэри “Арассыыйа энергетическай балаансата” форум чэрчитинэн сиэссийэҕэ иһитиннэрдэ.
Урут эрэгийиэҥҥэ 2030 сылга диэри тус сыаллаах оттук-энергетика балансатын оҥорбуттара. Бу барыллааһын чэрчитинэн, оҥоһуллар уот ресурсатын 3 төгүл улаатыннарыы былааннанар.
Сүрүн сорук – бырамыысыланнас уонна сир-уот сайдыытыгар муҥутуур көдьүүһү ситиһии, нэһилиэнньэни уонна тэрилтэлэри табыгастаах уот ресурсатынан хааччыйыы. Онуоха энергетика инфраструктуратын, ол иһигэр гаас, уот энергетикатын, атом инфраструктуратын сайдыытыгар өйөбүл наада. Ону таһынан массыына, тимир суолун уонна өрүс инфраструктураларын сайыннарыы ирдэниллэр.
Айсен Николаев бэлиэтээн эппитинэн, Саха сиригэр саҥа сирдэри уонна уот кыамтатын сайыннарыы эрэгийиэн уонна Уһук Илин экэниэмикэтин бөҕөргөтөргө көмөлөһүөҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: