Саха сирэ 34 дойду бэрэстэбиитэлигэр экэниэмикэ уонна туризм кыахтарын билиһиннэрдэ

Share

Москваҕа Саха АССР 100 сылыгар аналлаах Саха сирин күннэрин иитинэн, РФ Тас дойдуга дьыалаларын министиэристибэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ эрэгийиэн экэниэмикэҕэ, инвестицияҕа уонна туризмҥа ис кыаҕын кэскилин билиһиннэрдэ. Тэрээһини (презентация) Арассыыйа тас дойдуларга дьыалаларын миниистирэ Сергей Лавров аста.

Манна 20 посол, 34 дойду бэрэстэбиитэлэ, 64 посол куорпуһун бэрэстэбиитэлэ сырытта.

Быйыл Саха сиригэр үбүлүөйдээх сыл. Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатын састаабыгар киирбитин, Саха АССР тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтииллэр. Бүгүҥҥү тэрээһин сүрүн миэстэни ылыаҕа. Норуоттар икки ардыларынааҕы сайдыыны көҕүлээһиҥҥэ бииргэ үлэлэһэргэ этиилэри истэргэ аһаҕас, ураты эрэгийиэн экэниэмикэҕэ, инвестицияҕа, туризмҥа ис кыаҕын, култууратын, устуоруйатын билсэр кыах үөскээтэ”, — диэн Сергей Лавров кыттааччыларга туһаайан эттэ.

Эрэгийиэн сүрүн ситиһиилэрин, экэниэмикэҕэ сайдыытын түһүмэхтэрин уонна уларыйыылар туһунан Ил Дархан Айсен Николаев билиһиннэрдэ. Кини бырамыысыланнас, креативнай экэниэмикэ, успуорт олоххо киирэр бырайыактарынан ыалдьыттар болҕомтолорун тарта итиэннэ эрэгийиэн салгыы сайдыытын, экэниэмикэтин уонна туризмҥа былааннарыттан кэпсээтэ.

Биһиги экэниэмикэҕэ ситиһиилэрбитин эрэ буолбакка, култуураҕа, социальнай эйгэҕэ, туристическай кыахха ситиһиилэрбитин эмиэ билиһиннэрэбит. Билиҥҥи курдук судургута суох кэмҥэ биһиги Арассыыйа эрэгиийэннэрэ дойдубут курдук сайдыылаахтарын, иннилэрин диэки хардыылаан иһэллэрин, атын дойдуларга туох эрэ этиилээх, Арассыыйа туһугар бииргэ үлэлииргэ бэлэм, уһулуччулаах, талааннаах дьонноохторун аан дойду көрүөхтээх дии саныыбын”, — диэн Ил Дархан тэрээһин кэнниттэн санаатын эттэ.

Сергей Лавров Саха сирэ норуоттар икки ардыларынааҕы тас экэниэмикэ сибээһэ сайдарыгар өрөспүүбүлүкэ салалтата ылынар дьүккүөрүн бэлиэтээтэ. Тас дойду дьыалаларыгар министиэристибэ балары салгыы таһаарыыга өйүүргэ бэлэмин биллэрдэ. “Биһиги министиэристибэбит эрэгийиэн салалтата чопчу соруктааҕын уонна урбаан эргииригэр, инвестицияны киллэриигэ саҥа дьону сыһыарар, култуура гуманитарнай сибээстэрин кэҥэтэр, туризмы үрдэтиигэ атастаһар көрүүлэрин  үөрүүнэн ылынабыт. Аан дойдуга тахсар хабааны учуоттаан туран, бу сыраны салгыы өйүөхпүт”, — диэн эттэ. Маны тэҥэ, миниистир “Азия оҕолоро” оонньууну ыытыы уопутун бэлиэтээтэ. Бу туһунан Ил Дархан уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар.

Андрей СОРОКИН хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

11 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

12 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

13 часов ago