Бүгүн, ыам ыйын 28 күнүгэр, Дьокуускай куорат авиапуордугар Арассыыйа Дьоруойа, «Боотур-1» добровольческай этэрээт хамандыыра, байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕа Александр Колесовы бар-дьон үөрүүлээх быһыыга-майгыга көрүстүлэр. Санатар буоллахха, ыам ыйын 23 күнүгэр РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Кириэмил Екатерининскай саалатыгар «Кыһыл Сулус» мэтээли туттарбыта.
«Саха сирэ эйигин долгуйа, киэн тутта көрсөр. Өрөспүүбүлүкэбит кэлэр сайдар саҕахтарын маннык ураты үөрүүлээх түгэнинэн толорорбут олус үчүгэй. Александр Колесов курдук патриоттардаах буоллахпытына, биһиги Сахабыт сирэ инники өттүгэр эрэллээх, барыта үчүгэй, этэҥҥэ буолуо», – диэн СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы Георгий Михайлов Дьоруойу көрсөрүгэр эттэ.
Александр Колесов бу улахан эппиэтинэстээҕин туһунан эттэ. «Биһиги элбэх биир дойдулаахтарбыт байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттан, Ийэ дойдуларын көмүскүү сылдьаллар. Байыаннай уонна гражданскай ытык иэстэрин толороллор. Уолаттарбыт, этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабын. Хайаан да кыайыахпыт!», — диэн Арассыыйа Дьоруойа Александр Колесов бэлиэтээн эттэ.
Саха сириттэн сылдьар байыаннайдар ааттарыттан Ил Дархан Айсен Николаевка, Биир кэлим cүрүннүүр кииҥҥэ уонна Саха сирин олохтоохторугар байыаннай эпэрээссийэ инники кирбиитигэр сылдьар байыастарга бары өттүнэн сөптөөх көмө оҥоһулла турарыгар, махтал тылларын эттэ. «Саха сирэ биһиги байыастарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, чугас дьонноругар уонна Донбасска улахан көмөнү оҥорор», – диэн Александр Колесов иһитиннэрдэ.
Александр Колесов ураты эр санааланыыны, хорсун, дьоруойдуу быһыыны көрдөрөн РФ Дьоруойа үрдүк ааты ылла. Кини кытаанах киирсии буола турар кэмигэр, уоттаах киирсииттэн 50 байыаһы быыһаан таһаарбыта. Александр Колесов «Боотур-1» саха добровольческай этэрээт хамандыыра. Этэрээт 2022 сыллаахха от ыйын 27 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев быһаччы сорудаҕынан тэриллибитэ.
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электроыстаансыйа (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…