Саха сирэ Арктика Хотугу Улуу эспэдииссийэҕэ кыттыытын дьүүллэстилэр
«Великий северный поход. Арктика как искусство» норуоттар икки ардыларынааҕы култуура уонна үөрэҕирии бырайыагын олоххо киллэриини Саха сирэ өйүөҕэ уонна онно кыттыыны ылыаҕа.
Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бырайыак көҕүлээччилэрин уонна өрөспүүбүлүкэ научнай уопсастыбатын бэрэстэбиитэллэрин кытта көрсүһүүгэ эттэ. Норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыагы Дьулустаан Борисовка уонна Саха сирин учуонайдарыгар Арктика көҕүлээһиннэрин киинин генеральнай дириэктэрэ Рустам Романенков уонна Арассыыйа бырамыысыланнай кэллиэгийэтин АУо генеральнай дириэктэрэ Елена Буйлова билиһиннэрдилэр.
Бырайыак Хотугу Муустаах акыйааны туораан, Кытай кыраныыссаларыгар диэри уунан айан туһунан аан бастакы ахтыы 500 сылын чэрчитинэн ыытыллар. Ахтыы 1525 сыллаахха алтынньыга тахсыбыт “Посол Димитрий кэпсээниттэн хомуллубут Московия каартата” диэн кинигэҕэ бэчээттэммит.
“Суолталаах тэрээһин кэлэр сыл сааһыгар Арктика зонатын 14 эрэгийиэнигэр уонна Арассыыйа Уһук Илин уокуругар ыытыллар тэрээһиннэртэн саҕаланыаҕа уонна сайын Франц-Иосиф сиригэр уонна Хотугу полюска ледоколунан айан эспэдииссийэтинэн салҕаныаҕа. Бырайыак эрэгийиэннээҕи чааһа Владивостокка Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форумҥа түмүктэниэҕэ. Онтон 2025 сыл алтынньытыттан 2026 сыл кулун тутар ыйыгар диэри Москваҕа Хотугу муора суолун чинчийии уонна сайыннарыы устуоруйатыгар аналлаах уус-уран уонна үөрэтэр быыстапка ыытыллыаҕа», — диэн “Арктика көҕүлээһиннэрэ” киин генеральнай дириэктэрэ Рустам Романенков иһитиннэрдэ.
«Бырайыак Саха сирин баай историческай уонна култуурунай нэһилиэстибэтин киэҥ араҥа билиитигэр таһаарыаҕа уонна өрөспүүбүлүкэ дойду арктическай территорията сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэриэҕэ», — диэн бэлиэтээтэ Дьулустан Борисов. Көрсүһүүгэ өрүттэр бииргэ үлэлээһиҥҥэ сөбүлэҥ түһэристилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: