Саха сирэ «Азия оҕолоро» оонньуулар эбийиэктэрин өрөмүөнүгэр 1 млрд солк. аттарыаҕа

Share

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ   2023-2024 сылларга «Азия оҕолоро» VIII норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга 1 млрд солк. көрүөҕэ.  Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев Петербурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы пуорум кэмигэр биэрбит интервьютугар эттэ. Бу туһунан  ТАСС суруйар.

«2023-2024 сылларга успуорт  эбийиэктэрин өрөмүөннээһиҥҥэ  1 млрд солк. көрүллэн, номнуо туһаныллан эрэр. Билигин өрөмүөн үлэлэрэ саҕаланнылар», — диэтэ  Николаев.

Уопсайа күрэхтэһиилэргэ успуорт  24 көрүҥэ Дьокуускайга  16 эбийиэгинэн ыытыллыаҕа.

Ил Дархан иһитиннэрбитинэн, күрэхтэһиигэ 40 дойдуттан 3 тыһыынча спортсменнар  кытталлара күүтүллэр.

Оонньуулар ахсыс төгүлүн 2024 сылга бэс ыйын 25 күнүттэн от ыйын 7 күнүгэр диэри ыытыллыахтара.  Николаев этэринэн, 2024 сылга туһааннаах оонньуулар Арассыыйаҕа ыытыллар бөдөҥ күрэхтэһиинэн буолуохтара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах». Кимнээх кыайдылар?

 Соторутааҕыта ыытыллыбыт  «Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах»  норуот айымньытын өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкуруһа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр…

2 минуты ago
  • Оҕо саас сыла
  • Чэгиэн

10 тыһ. кэриҥэ кыһыл оҕоҕо нэһилиэстибэнэн бэриллэр ыарыы баарын-суоҕун бэрэбиэркэлээтилэр

Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 9809 оҕо кэҥэтиллибит неонатальнай скринины ааста. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Халаантан эмсэҕэлээбит дьиэлээх ыалларга хоромньуларын төлүүргэ миллиард кэриҥин биэриэхтэрэ

Быйыл сааскы халаан түмүгэр дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит 745 ыалга хоромньуларын төлүүргэ 985 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ, диэн…

26 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

ВИДЕО. Алдаҥҥа торҕоннообут эһэ булчуту эчэппит, ыты сиэбит

Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ытык Сайсары күөл статуһа уларыйда

Сайсары күөл - «Култуура нэһилиэстибэтэ - Ытык сир» диэн статуһу сүктэ. Киин куорат  күөлэ судаарыстыбаттан…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Субсидияҕа тоҕо аккаастыылларый?

Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүгэр субсидиянан туһанааччыларга сыһыаннаах ыйытыы. -- Субсидияҕа үгүстүк ханнык биричиинэнэн аккаастыылларый? Ыйытыыга “Субсидия…

1 час ago