Саха сирэ байыаннай дьайыы зонатыгар тиэхиньикэни тиэрдии бастакы түһүмэҕин түмүктүүр
“Патриотическая” ТОР федеральнай бырагыраама чэрчитинэн Саха сирэ байыаннай дьайыы зонатыгар тиэхиньикэни салгыы ыыта турар. Бу күннэргэ тиэрдии бастакы түһүмэҕэ түмүктэнэр. Ол туһунан сэтинньи 13 күнүгэр брифиҥҥэ Гражданскай оборуона дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын хааччыйыыга миниистирэ Дмитрий Лепчиков иһитиннэрдэ.
“Билигин иккис түһүмэххэ бэлэмнэнэбит. Онно Саха сиригэр оҥоһуллубут “Сокол” ЯКТ квадроцикллар уонна “Тимир Ат” электроматасыыкыллар тиэрдиллиэхтэрэ. Ону сэргэ тэрилтэлэр, өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа биэрбит тиэхиньикэлэрин, ол иһигэр гуманитарнй таһаҕаһы уонна аадырыстаах баһыылкалары тиэйиэхпит”, — диэтэ Дмитрий Лепчиков.
Миниистир Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев ыыппыт “Вместе к Победе” өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйатын мунньаҕар өрөспүүбүлүкэтээҕи ыстааптар уонна оробуочай бөлөхтөр балаһыанньалара бигэргэннилэр. Ону тэҥэ 2025 сылга соруктар туруорулуннулар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: